Хоптоҕо нэһилиэгэр оскуола үөрэнээччилэригэр анаан “Куйуур-2024” күрэх буолла

Бүгүн, Хоптоҕо нэһилиэгин эр дьоно, ыччаттар түмсүүлэрэ оскуола уолаттарыгар анаан “Куйуур-2024” күрэҕи үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыттылар.

Сарсыардаттан саҕалаан уолаттар иккилии буолан ойбону алларыыга күрэхтэстилэр: үһүс миэстэни Тимур Посельский, Дьулус Хоютановтыын ыланнар хомуллар олоппосторунан наҕараадаланнылар. Иккис миэстэни Владик Прокопьев, Дьулус Ноговицынныын ылан ыраах тыгар банаарынан наҕараадаланнылар, онтон бастакы миэстэ буолбут Алеша Поисеев, Миша Захаровтыын биир куул этинэн наҕараадаланнылар, манна эдэр урбаанныт Айсен Толстоухов успуонсардаата. Кыайыыга дьулуур иһин анал бирииһи Эрсан Петров, Вадим Петров хамаандалара ыллылар.

Салгыы хамаанданан куйуур күрэҕэ ыытылынна, хамаандаҕа биир аҕа, үс уол киирдилэр. Барыта тоҕус хамаанда кытынна. Түмүккэ үһүс миэстэни Владислав Иванович Поисеев хаппытааннаах Вадим Петров, Эрсан Петров, Эрчим Поисеев ыланнар 10000 солк уу харчынан бириис туттулар. Иккис миэстэҕэ Илья Александрович Андреев, Айысхаан Захаров, Владик Прокопьев, Дьулус Ноговицын таҕыстылар уонна 15000 солк харчынан бириэмийэлэннилэр. Муҥутуур бастакы миэстэни уопуттаах куйуурдьут, нэһилиэк чиэһин бу көрүҥҥэ элбэхтэ көмүскээбит Константин Васильевич Тарабукин хаппытааннаах Тимур Посельскай, Миша Далбаев, Дьулус Хоютанов хамаандалара ыллылар уонна 20000 солк уу харчынан бириис туттулар. Гаврил Павлович Пинигин аатынан анал бирииһи Миша Далбаевка анаатылар.


Кыра уолаттар оллоон отторго мас бэлэмнэстилэр, күөс буһарын күүтэ таарыйа ыраас хаарга туста оонньоотулар,  мотособака диэн тиэхэньикэнэн хатааһылаатылар, маныаха Петр Кирсанов махталбыт улахан. Дьэ уонна күүтүүлээх кус миинэ буһан бары уостиис үллэстэн сылаас миини тото-хана истибит.  Үргэммит куһунан, харчынан бирииһи нэһилиэкпит ыччаттара, байанайдаах булчуттарбыт успуонсордаатылар. Тэрийэн ыыппыт бары бар дьоммутугар муҥура суох махталбытын биллэрэбит. Өрүүтүн маннык үлэҕэхамнаска, булка уһуйа, үөрэтэ сырыттыннар. Уолаттарга бүгүҥҥү күн үгүс үөрүүнү, үйэлээх өйдөбүлү эдэркээн сүрэхтэригэрбукатын  хааллардаҕа”, — дэһэллэр нэһилиэк төрөппүттэрэ.

 

Сэмэн Жендринскэй