Хоннохтоох отчут, сорсуннаах сонордьут (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы)

Кини оҕо сааһа төһө даҕаны сут-кураан, сэрии ыар сылларын кытта мэҥэстибитин иһин, Иван кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт Сатаҕайын алааһын көнө хонуутугар сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн улааппыта. Оччолорго ас-таҥас кырыымчыгын, тиийбэтин-түгэммэтин дьоно ону билиннэрбэтэхтэрэ. Саастарын тухары булду эккирэстиспит буоланнар, бу дойду сиэринэн, куобахтаан, кустаан, мас көтөрдөөн, балыктаан дьиэ кэргэттэрин, сахалар этэллэринии, “харанан” соччо тутахсыппатахтара.

Ол эрээри амырыыннаах 1942 сыл тиийэн кэлбитэ. Колхуостар хоту Эдьигээн оройуонугар көһүүгэ киирбиттэрэ. Дьэ манна саҥардыы чороччу улаатан эрэр уол үгүс кыһалҕаны көрсүбүтэ. Кини дьонун-сэргэтин кытта тыаҕа бултаһар, өрүскэ балыктаһар буолбута. Үгүстүк тоҥоро-хатара, аччыктыыра. Ол эрээри, төрөппүттэрин удьуордаан, тыаны-кыры сөбүлүүр, булка тардыһар уолу ити ыарахаттар чаҕыппатахтара. Ханнык баҕарар үлэҕэ сыһыамах, баай Байанайтан “бэриһиннэриилээх”, үөрүнньэҥ, уйаҕас дууһалаах, эйэҕэс майгылаах Иван колхуостаахтарга сөбүлэтэн барбыта, кинилэр эрэмньи, бүөмчү санааларын ылбыта.

Оҕо сааһыттан бэйэтин сөбүгэр кыанар уолга саҥа түспүт сыа хаарга кылыйан кыыралдьытара, буурдаан бурҕатара туохха да атастаспат дьарыгынан буолара. Ити курдук хонуктар хонугу, сыллар сылы солбуйан, бириэмэ ааһан испитэ. Олох сыыйа иннин диэки хардыылыыра. Иван улам модьурҕаан ханнык да үлэттэн иҥнибэт, бэйэтэ соҕотоҕун да сылдьан дьонтон итэҕэһэ суох бултуур-алтыыр буолан барбыта. Кэлин дойдутугар кэлэн колхуос төһүү үлэһитин аатын ылбыта.

Кини ханнык үлэни толорботоҕо баарай: сайынын хоннохтоох отчут, кыһынын сорсуннаах сонордьут. Эрилик Эристиин аатынан сопхуос Хайахсыттааҕы отделениетын салалтата Иван Кондратьевы, сири-уоту, үлэ-хамнас мындырдарын үчүгэйдик билэрин быһыытынан, уопсастыбаннай сүөһүгэ дороххой аһылыгы соҕотуопкалааһыҥҥа звенону салайыыны итэҕэйэр буолбута. Уопуттаах оробуочай салайар отчуттара сыл ахсын кэриэтэ сорудахтарын толороллоро. 1977 сылга механизированнай аҥардаах звенолар социалистическай куоталаһыыларыгар, былааннарын 115 бырыһыан толорон, кыайыылааҕынан тахсаннар, оройуон чөмпүйүөн звенотун аатын ылбыттара.

Онус пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар 200 туонна бастыҥ хаачыстыбалаах оту соҕотуопкалыырга былаан тиэрдиллибитин 70 туоннанан аһарбыттара. Кинилэр ыраах үрэхтэргэ кытыы-быстах сирдэргэ үлэлээбиттэрэ, онон сирдэрэ эрдэ бүтэн, отделениеҕа кыстык бэлэмигэр көмөлөспүттэрэ.

Иван Гаврильевич Кондратьев кылааннаах түүлээҕи бэрт үгүс сыл сонордоспута. Кини тиэрдиллибит былаанын толорботох сезона суоҕа. 1979 сыллаахха оройуон чөмпүйүөн булчутун аатын ылыан ылбыта. Сыл устата 2865 солкуобайдаах “сымнаҕас кыһыл көмүһү” Ийэ дойду валютнай пуондатыгар туттарбыта уонна 1980 сыл бастакы кыбаарталлааҕы сорудаҕын В.И. Ленин төрөөбүтэ 110 сылын туолуутун көрсө 120 бырыһыан толорбута.

Иван Кондратьев олох хойукка диэри аар тайҕатыгар күндү түүлээҕи сонордоһо тахсара. Кини хайыы-үйэ үүтээннэрин, бултуур тэриллэрин сөргүтэн, маршрутун быһаарына охсоро. Өрүү илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолара. Андаатар үөскээбит күөллэрин, булт тохтообут тыаларын чинчийиитин түмүктээн оччотооҕу дьон-сэргэ эрэлин өссө бөҕөргөтөрө.

 

Сэмэн Жендринскэй