Хатылыттан Алгыстаана Федорова “Николаев пуорумугар” бастыҥ кыттааччынан буолла

СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев аатынан “Николаев пуорума” буолан түмүктэннэ.  Өрөспүүбүлүкэ 30-тан тахса оройуонуттан 70-тан тахса кыттааччы уонна экспертэр 2032 сылга уонна тус сыаллаах көрүүлэрин 2050 сылга диэри Саха Сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятын  олоххо киллэриигэ  араас таһымнаах этиилэри оҥордулар. Бу туһунан Ыччат парламена иһитиннэрдэ.

Пуорум кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ стратегиятын сүрүн сыалыгар сөп түбэһиннэрэн, биэс хайысханан үлэлээтилэр: Глобальнай-конкуреннаһар кыахтаах экэниэмикэ тутаах салаалара, Үрдүк таһымнаах олох, Сири-уоту көдьүүстээхтик салайыы, Аан дойдуга уонна кэнэҕэски көлүөнэҕэ айылҕа харыстабыла уонна Тас дойдуларга экспортыыр сыаллаах экэниэмикэ. Хас биирдии хамаандаҕа Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй кыахтарын арыйыыга туһуламмыт саҥа бырайыактар  оҥоһулуннулар.

Хамаандалар сүрүннээн тыа сиригэр каадыр кыаҕын сайыннарыыга, табыгастаах олорор дьиэнэн хааччыйыыга, оҥорон таһаарар эбийиэктэргэ тиэхиниичэскэй саахаллары туоратыыга, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа уопсастыбаннай хонтуруолу сайыннарыыга, экэнэмиичэскэй сайдыы стратегиятыгар сиртэн хостонор баайы-дуолу туһанааччылары кытыннарыыга, уо.д.а. араас этиилэри киллэрдилэр.

Пуорум түмүгүнэн кыайыылаахтар СӨ Ил Дарханын Инновационнай менеджменин Үрдүкү оскуолатыгар квалификацияны үрдэтэр сэртипикээттэри  туттулар, ону тэҥэ анал наҕараадалары ылбыт бастыҥ кыттааччылар быһаарылыннылар.

Бастыҥ лидер — Саргылана Леонтьева, СӨ Үпкэ министиэристибэтин оҥорон таһаарар салааларын Департаменын кылаабынай исписэлииһэ;

Бастыҥ стратег – Эдуард Мяриканов, Ньурба улууһун экэниэмикэҕэ уонна үпкэ баһылыгы солбуйааччы;

Бастыҥ аналитик – Николай Андреев, «Анаабыр национальнай улууһа (оройуона)» МТ экэниэмикэҕэ управлениетын начаалынньыга;

Бастыҥ этээччи — Михаил Масахов, Р. Г. Васильева аатынан Мэҥэ-Хаҥалас кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ, оройуон Сэбиэтин дьокутаата;

Дьулуурун иһин — Алгыстаана Федорова, Чурапчы улууһун Хатылы орто оскуолатын педагога, уопсастыбанньык.

“Үс күннээх пуорумҥа биһиги хамаандабыт экология салаатыгар кыттыыны ылла. Кыттааччы олус элбэх этэ, холобура Эбээн Бытантайтан, Абыйтан, Өймөкөөнтөн бааллара. Чурапчыттан Вероника Марковалыын иккиэ этибит, олус умсугутуулаах тэрээһин ааста. Итиннэ сылдьан киһи элбэҕи билэр, саҥа араас дьону кытары алтыһар. Бэл диэтэр сууту-сокуону оҥорор Ил Түмэн үлэтигэр кыратык чугаһаан ыллыбыт. Хамаандабыт табыллан олус бэркэ үлэлээтэ, үгүс сокуону көрдүбүт, ырыттыбыт. Экология сокуоннара, кодексалара “идеальнай” буолан биэрдэ. Онно “тугу киллэрэн биэриэххэ сөбүй?” диэн ыйытыкка кэккэ ыарахаттары көрүстүбүт. Ол да буоллар иҥнэн-толлон турбакка хас даҕаны этиини киллэрдибит. Салгыыда үлэлэһиэхпит. Түгэнинэн туһанан Чурапчы улууһун дьаһалтатын ыччаты кытары үлэҕэ отделыгар, СӨ Ыччатын Парлмаеныгар улахан махталбын биллэрэбин”, — диэн педагог Алгыстаана Николаевна биһиги хаһыакка санаатын үллэһиннэ.

 

Сэмэн Жендринскэй