Бүгүн Хатылытааҕы Хоту көһөрүллүү мусуойугар тумус туттар  чулуу дьоммутугар –  Василий Петрович Харитоновка уонна Никифор Андреевич Макаровка анаммыт  “Норуот махталын ылбыттара” диэн ааттаах истиэндэни арыйыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Оччотооҕу ыар кэмнэргэ Хоту улуустарга күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ утаарыллыбыт биир дойдулаахтарбытын төрүт дойдуларыгар төннөн кэлэллэрин ситиспит,  үйэ тухары иһирэх махталынан ахтыллар үтүөкэн дьоммутугар анаммыт бэлиэ тэрээһиҥҥэ кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ күндү ыалдьытынан буоллулар. Итини тэҥэ Улуус дьаһалтатын сүрүн исписэлииһэ Алена Пермякова, Хатылы нэһилиэгин баһылыга Вячеслав Попов, Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойун дириэктэрэ Афанасий Захаров о.д.а кытыннылар. Истиэндэ аннынанааҕы витринаҕа бу икки ытык дьоммут үлэлэрин-хамнастарын сырдатар ахтыылар, бэчээккэ тахсыбыт хаһыаттар, кинигэлэр, тус докумуоннара  ууруллубуттар. Хаҥас истиэнэҕэ мэтириэттэрэ ыйаммыт.

Хатылытааҕы көһөрүллүү мусуойун дириэктэрэ Марфа Чичигинарова биир дойдулаахтарбыт дьылҕаларын иһин турууласпыт Василий Харитонов уонна Никифор Макаров тус олохторун, салайбыт үлэлэрин, дьиэ кэргэннэрин туһунан сиһилии  сырдатта, кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр аймахтарыгар истиэндэни ситэриигэ, оҥорууга үбүнэн, тус идиэйэлэринэн көмөлөспүттэрин иһин истиҥник махтанна. Бу тэрээһиҥҥэ Хатылы орто оскуолатын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ сырыттылар. Чурапчытааҕы мусуой дириэктэрэ Афанасий Захаров кинилэргэ туһаайан: “Оччотооҕу ыар сылларга эһиги эһэлэргит эбэлэргит Хоту тиийэн хайдахтаах курдук сору-муҥу көрбүттэрин, сорохторо тоҥон, хоргуйан өлбүттэрин ахтыылары, историяны ааҕан билэҕит. Кинилэр ол дойдуттан төннөн кэлэллэрин туруорсубут, ситиспит дьонунан Василий Петрович, Никифор Андреевич буолаллар. Көһөрүллүү кыттыылаахтарын хас биирдии ахтыытыгар  кинилэргэ муҥура суох махтаналларын сүгүрүйэллэрин суруйбуттар. Онон дойдуларыгар бэриниилээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү оҥорбут үтүө дьоммут аата умнуллуо суохтаах, кинилэринэн киэн туттуохтаахпыт, кинилэр үтүө холобурдарыгар үөрэниэхтээхпит” , — диэн билиһиннэрдэ итиэннэ истиэндэни оҥорууга үлэлээбит Марфа Владимировнаҕа, Василий Харитонов, Никифор Макаров сыдьааннарыгар махтанан туран Махтал суруктары туттарда.

      

Василий Харитонов кыыһа Анна  Попова уонна сиэн кийиитэ Саргылана Харитонова аҕаларын, эһэлэрин туһунан тус ахтыыларын оҥордулар. Анна Семеновна төрөппүттэрэ көһөрүллүүгэ баралларын саҕана эмиийдээх оҕо эбит. Онон ийэтэ улахан кыһалҕаттан аҕатын убайыгар ииттэрэ хаалларбыт. Ол эрээри төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин умнубакка,  хаан аймахтарын, сиэннэрин кытта сибээһин быспат. Бу күн сиэнин Христинаны илдьэ кэлэн “Көһөрүллүү – оҕо хараҕынан” диэн уруһуйу мусуой пуондата хаҥыырыгар анаан бэлэхтээтилэр.

Оттон Никифор Андреевич бииргэ төрөөбүт балтын кыыһа Дария Андреевна Чаглысова  Алаҕартан кэлэн таайын оҕолорун, сыдьааннарын,  бииргэ төрөөбүттэрин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ. Аҕатынан эбэтин дьиэ кэргэнэ “Комминтерн” колхуостан Эдьигээҥҥэ көһөрүллүүгэ сылдьыбыттарын, Василий Петрович уонна эһэтэ Никифор Андреевич өҥөлөрүнэн бары этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрин туһунан кылгастык аҕынна.

Тэрээһин кыттыылаахтара салгыы Василий Петрович Харитонов сиэнэ Роберт Харитонов кэргэниниин Саргылана Изотовналыын Чурапчыга бэйэлэрин уһаайбаларыгар эһэлэригэр анаан, кини олорбут дьиэтигэр тэрийбит мусуойдарын тиийэн көдүлэр. Сиэнэ Роберт Васильевич ол туһунан маннык сырдатта: “Ийэм Клавдия Васильевна кэпсээниттэн эһэм туһунан сырдык, иһирэх өйдөбүллээхпин. Кини Москваҕа тиийэ туруорсан, биир дойдулаахтарын көһөрүллүүттэн аҕалбыт, кинилэр инники дьылҕаларын туһугар турууласпыт киһи буолар. Онон кини дьонугар-сэргэтигэр оҥорбут үтүө дьыалата үйэ тухары ахтыллыа, үүнэр ыччаттарбытыгар тиэрдиллэ туруоҕа . Ийэм биэс оҕоттон иккис оҕо этэ. Кини эһэбит олоҕун, үлэтин  туһунан сырдатар матырыйааллары хомуйара, түмэрэ, мусуойдары кытта утумнаах үлэни тэрийсибитэ. Быйыл кэргэним Саргылана Изотовна көҕүлээһининэн эһэбитигэр аналлаах мусуой дьиэтин тэрийдибит. Манна кини тутта сылдьыбыт маллара-саллара, бэйэтэ уһанан оҥорбут ыскааптара, остуоллара хараллан тураллар. Кэнэҕэскитин оҕолорбут көрөн-истэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиллэ турар дьоһун бэлэх буолуоҕа. Историяны үөрэтэргэ, үйэтитэргэ олук буолуоҕа”.

“Ханнык баҕарар дойду туруу дьонунан баай” диэн этэллэринии, биир дойдулаахтарын үрүҥ тыыннарын өрөһүйбүт, төрүт дойдуларын булалларыгар ис сүрэхтэринэн турууласпыт ытык дьоммут ааттара үйэ тухары ааттаныа, кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт иһирэх махталынан ахтыахтара.

Анна Захарова