Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатыгар аан маҥнайгытын байыаннай-патриотическай хомуур ыытылынна. Тэрээһини оскуолабыт иитии отдела, эр дьон учууталлар, үлэһиттэр уонна Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола-интэринээт үлэhиттэрэ — “Авангард” үөрэнэр киин дириэктэрин солбуйааччы Роман Попов, офицер- иитээччи Федор Соловьев, 10 кылаас үөрэнээччитэ, кадет Арылхан Прокопьев иилээн-саҕалаан тэрийдилэр.
Байыаннай-патриотическай хомуур туһунан Роман Александрович салайааччылаах кэлбит дэлэгээссийэттэн уонна кыттааччылартан ыйыталастым.
«Хатылы орто оскуолатын 7-11 кылааhын үөрэнээччилэригэр, уопсайа 40-чэ уолга байыаннай теорияны үөрэттибит, строевой хаамыыга, тактическай, инженернай бэлэмнэниигэ практическай дьарыктары ыыттыбыт. Кыттааччылар үс взводка арахсан дьарыктаннылар, бэйэ-бэйэлэрин кытары күрэхтэстилэр. Уолаттар олус кыhамньылаахтар, дьаныардаахтар, элбэҕи билэргэ-көрөргө дьулуhаллар. Байыаннай идэни сэҥээрээччилэр да элбэхтэр эбит«, — диэн Роман Александрович билиһиннэрдэ.
Старшай сержант, кадет Арылхан Прокопьев үөрэнэр оскуолатын туһунан кылгастык сэһэргээтэ:
— Кадетскай оскуолаҕа 7 кылаастан үөрэнэбин, билигин старшай сержант диэн званиелаахпын. Бэйэм Эдьигээнтэн төрүттээхпин. Кадетскай оскуола туһунан 5 кылааска үөрэнэ сылдьан, телевизорга көрөн билбитим. Онтон ыла ыра санаа оҥостон, дьарыктанан, элбэх тургутугу ааhан, үөрэнэ кирбитим. Кадетскай оскуола диэн боростуой оскуола буолбатах. Манна барыта байыаннай өттүнэн дьарыктар ыытыллаллар, армияҕа курдук устаабынан сылдьабыт. Ол курдук, сарсыардаттан эбиэккэ диэри үөрэнэбит, эбиэттэн киэhэ байыаннай дьарыктарга сылдьабыт.
-Оскуолаҕын бүтэрдэххинэ байыаннай идэни ылар санаалааххын дуо?
— Байыаннай үөрэххэ киирэр баҕа санаалаахпын, чуолаан Санкт-Петербург куоракка Михайловскай артиллерийскэй училищеҕэ холонон көрөргө сананабын.
-Биhиги оскуолабыт уолаттарыгар тугу баҕарыаҥ этэй?
-Yчүгэйдик кыhаллан туран үөрэнэллэригэр, эттэрин-сииннэрин дьарыктыылларыгар баҕарабын. Инникитин байыаннай буолар баҕа санаалаах буоллаххытына, биhиги оскуолабытыгар кэлэн үөрэниҥ диэн ыҥырабын.
Хатылы орто оскуолатын 9 кылааhын үөрэнээччитэ Уруйдаан Барашков туох саҥаны билбитин-көрбүтүн сырдатта:
— Икки күн устата аармыйа олоҕун туһунан көрдөрдүлэр, билиһиннэрдилэр. Yс взводунан арахсан дьарыктанныбыт. Мин иккис взводка хамандыырынан ананным. Стройга сөпкө хаамарга, автоматы түргэнник ыһарга, хомуйарга, ыксаллаах быһыыга-майгыга бастакы көмөнү оҥорорго, полицияны ыҥырарга үөрэннибит. Маны таһынан иккис күммүтүгэр А.А. Федоров сылгытын хааччаҕар уонна нэhилиэкпит уустара биhиэхэ анаан ыыппыт олус интэриэhинэй маастар-кылаастарыгар сырыттыбыт. Байыаннай-патриотическай хомуурга кыттан, элбэх саҥаны биллим, олус үчүгэйдик буолан ааста. Бу тэрээһин сылын аайы үгэскэ кубулуйан ыытылларыгар баҕарабын. Түгэнинэн туhанан оскуолабыт дириэктэригэр Екатерина Ивановна Егороваҕа, бары тэрийээччилэргэ, ыҥырыылаах ыалдьыттарга махталбын тиэрдэбин.
Ити курдук, оскуолабыт уолаттара икки күннээх эр киһи оскуолатын ааһан, бэйэлэригэр элбэх саҥаны арыйдылар, ону инники олохторугар туһаныахтара диэн эрэнэбин.
Лиана Яковлева, Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын 7 “б” кылааhын үөрэнээччитэ.