Кэлэн иһэр Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаан, Чурапчыбытыгар эмиэ биир биллэр-көстөр кэрэ аҥары — бэтэринээринэй салалта исписэлииһин, улуустааҕы дьахтар Сэбиэтин чилиэнин уонна Shugaring_churapcha дьоҕус бизнестээх Александра Челбердированы сырдатабын.
- Александра бэйэҕин билиһиннэриэххэ, оҕо сааскын, үөрэххин, үлэҕин кэпсээ…
1986 сыллаахха олунньу 27 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр Зинаида, Петр Дьяконовтарга күн сирин көрбүтүм. Д.П. Коркин аатынан ЧРОСИО үөрэммитим. Кыра кылаастарга сүүрүүнэн дьарыктаммытым, 9-с кылаастан оскуола президенинэн талыллыбытым. Оскуола уопсастыбаннай олоҕор ылсан, дьарыктан босхолообуттара. Ол эрээри Николай Урванцев салайааччылаах “Сулусчаан” диэн ансаамбылга ыллаабытым, элбэх куонкурустарга кыттарбыт, сылын аайы “Хотугу Сулус” куонкурус буолара оччолорго. Онон бу оскуолаҕа үөрэммиппиттэн үөрэбин, киэн туттабын.
Кыра эрдэхпиттэн быраас буолуохпун баҕарарым. Медүнүстүүккэ кэккэ бааллар тиийбэккэлэр, медицинэҕэ чугастыы бэтэринээринэй быраас идэтигэр Дьокуускайдааҕы сельхозакадемияҕа киирбитим. Үөрэхпин бүтэрээт, 2009 сыллаахха “СКИФ” халбаһы сыаҕар үлэҕэ киирбитим. Халбаһыны маҕаһыыннарынан ыытарга бэтэринээринэй-сопроводительнай докумуоннары суруйан ыытарым. Онтон бу сыл сайын Чурапчыга бэтэринээринэй салалтаҕа ветеринарнай-санитарнай экспертиза отделыгар үлэлии кэлбитим. Эт-үүт бородууксуйаны докумуоннааһын үлэтэ. Үлэлии кэлиэхпиттэн күһүнүн буойунаҕа сылдьабын, Чурапчы этэ барыта мин бэчээтим нөҥүө барар.
Билигин отделбыт уларыйан, бэтэринээринэй дьыала отдела диэн буолбута. Эбээһинэспэр син биир эт-үүт бородууксуйатын кытта үлэлэһии буолар, былырыыҥҥыттан эбии СМИ-гэ сырдатыыга сыһыарыллыбытым.
- Бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан…
2009 сыллаахха Чурапчыга көһөн кэлэн баран, олоҕум аргыһын Төлөйтөн төрүттээх Семен Челбердировы көрсөн, ыал буолбуппут. Бэйэм соҕотох оҕо буолан, кыра эрдэхпиттэн улахан дьиэ кэргэҥҥэ баҕарар этим. Ол баҕа санаам туолан, 5 оҕолоох Челбердировтарга, улахан дьиэ кэргэҥҥэ кийиит буолбуппуттан олуһун астынабын. Хотуннаах тойонум оҕолорун наһаа үчүгэйдик ииппиттэр, онон махталым улахан. Кэргэним идэтинэн труд учуутала, оҕо эрдэҕиттэн техникэҕэ сыстаҕас буолан, суоппар идэтин талан, Чурапчытааҕы баһаарынай чааска суоппардыыр. Бэйэм өтөхпөр Мурун Тыымпыйаҕа 2015 сыллаахха икки этээстээх дьиэ туттан олоробут. Былырыын гаас киирэн, үөрүүбүт өссө үрдээтэ. Кэтэһиилээх уолчааммыт Бэргэн диэн ааттаах, 3 саастаах, “Кыталык” уһуйаан иитиллээччитэ.
- Сүрүн үлэҥ таһынан шугаринг (эпиляция) өҥөтүн оҥороҕун, эбии дохуоттанаҕын. Бу эйгэҕэ хайдах кэлбиккиний?
Кэнники кэмҥэ дьон барыта эбии дохуоттаах, бэйэ дьарыктаах. Дьокуускайга дьүөгэлэрим биирэ кыламан, биирэ макияж оҥорор. 2019 сыллаахха кинилэри кытта көрсө олорон, миэхэ эмиэ итинник эбии дьарык наада диэн кэпсэтии таҕыста. Онуоха кыргыттарым «шугаринг (эпиляция) диэн баар, ону боруобалаа, Горнайга кыргыттар сүрдээҕин сылдьаллар эбит” диэн сүбэлээтилэр. Бастаан сылдьыахтара суоҕа диэн аккаастанан иһэн, интэриниэт ситимигэр киирэн аахтым, үөрэттим. Кууруска үөрэтэллэригэр суруттаран үөрэнним, туттуллар малы-салы сакаастаатым. Ити курдук үлэбин 2019 сыллаахтан муус устартан саҕалаабытым. Бастаан саҕалыырбар ким да сылдьыа суоҕа диэн долгуйуу баара. Чугас дьүөгэлэрбиттэн, аймахтарбыттан саҕалаабытым, онтон истиһэн, бастайааннай килийиэннэр кэлитэлээбиттэрэ. 2020 сылтан салоҥҥа үлэлиибин. Сылга ортотунан 1500 кэрэ аҥар сылдьар. Бу үлэбин үлэм кэнниттэн, киэһэ кэннэ эбэтэр эбиэт кэмигэр оҥоробун. Күҥҥэ 2 кыыһы ылабын.
- Шугаринг диэн тугун ааҕааччыларбытыгар быһааран биэриэххэ, хас саастарыттан көҥүллэнэр процедураный уонна дьиэҕэ бэйэ оҥостуутуттан уратылаах дуо?
Шугаринг диэн тирии түүтүн ыраастыыр эпиляция биир көрүҥэ. Кыыс оҕо 12-13 сааһыттан эпиляцияҕа сылдьара көҥүллэнэр. Миэхэ оскуола оҕолоро, волейболист кыргыттар сылдьаллар, бэйэлэрин көрүнэ үөрэнэллэриттэн үөрэбин.
Дьиэҕэ бэйэ оҥостуута уонна үөрэхтээх киһи оҥоруута уратылаһар. Саахар да, воск да сылытыллар, ону аһара сылыттахха, тирии ожогун ылыахха сөп. Билигин араас пеналар да бааллар, ол тирии тас эрэ өттүн ылар, сиэн кэбиһэр.
- Уопсастыбаннай үлэҕэр киирдэххэ, улуустааҕы дьахтар Сэбиэтин чилиэнэҕин, ону таһынан тэрилтэҕэр профсойуус салайааччытаҕын…
2016 сыллаахха тэрилтэбэр профсойуус бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Кэлэктииппитигэр 100-чэкэ үлэһиттээхпит, кэлэктииппин олус сөбүлүүбүн. Дьиҥэр, иккис үрдүк педагог үөрэхтээхпин эрээри, кэлэктииппин сөбүлүүр буолан, баччаҕа диэри үлэлии сылдьабын. Онон профсойуустуур миэхэ ыарахан буолбатах.
Былырыын баччаларга “улуус дьахталларын Сэбиэтигэр киириэн дуо” диэн эппиттэригэр, тута сөбүлэһэн киирбитим. Уопсастыбаннай үлэни сөбүлүүбүн, ыытар тэрээһиммитигэр барытыгар көхтөөх кыттыыны ылабын. Эрдэ Екатерина Иванова, Александра Седалищева курдук ытыктанар Далбар Хотуттар үлэлииллэрин көрөн, холобур оҥостор этим. Онон миэхэ оннук чиэс-бочуот түбэспититтэн үөрэбин.
- Оҕону иитиигэ туох санаалааххыный?
Уол оҕолооҕум быһыытынан, ол өттүн этиим. Уол оҕо айылҕатынан кыахтаах, сымса буоллаҕа, онон спорду кытта хайаан да дьүөрэлиэхтээхпит дии саныыбын. Оҕо иһирдьэнэн-таһырдьанан хамсана-имсэнэ, оонньуу, сүүрэ-көтө сылдьыахтаах. Кулун тутартан таһырдьа салгыҥҥа оонньотон саҕалыыбыт. Кыра оҕоҕо холобур оҥостор киһилээх буолар. Уолга оннук киһинэн бастатан аҕата буолар, кини тугу гынарын көрөн үөрэнэр буоллаҕа. Онон аҕабыт бэйэтин кытта батыһыннара сылдьар.
- Икки үлэни уонна уопсастыбаннай үлэни хайдах дьүөрэлиигиний?
Бастатан, дьиэ кэргэнин өйүөхтээх дии саныыбын, оччоҕо барыта санаахоту баран иһэр. Киһи хайдах дьиэ кэргэҥҥэ улаатар да, оннук укулааттанар дии эбит. Хотунум эмиэ уопсастыбанньык, куруһуога, үҥкүүтэ-ырыата баһаам. Кэргэним кинини көрөн улааппыт буолан быһыыта, миигин өйдүүр-өйүүр, буолуохтааҕын курдук ылынар.
- Үбү-харчыны хайдах туттаҕыный, олус сөпкө туттар быһыылаах диэн көрөбүн.
Урут олох оннук буолбатах этим, баҕарбыппын барытын ыларым. Оттон кэргэним үбү сөпкө туттар эбит, киниттэн үөрэммиппин диэххэ дуу, оннук сааспар кэлбиппин диэххэ дуу, билигин сөпкө туттар буоллум. Бүддьүөт үлэһитин хамнаһа кыра бөҕө буоллаҕа, ол иһин эбии дохуоттаныахпыттан, Сбербааҥҥа “Цели” диэҥҥэ харчы уурунар буоллум. Киирбит харчыбыттан 2-лии-5-тии тыһ буоллун, онно уган иһэбин. Бородууктабытын үүтүгэр тиийэ кууһунан атыылаһабыт. Маҕаһыыҥҥа үүт ыла киирэн баран, киһи ордук хоһу ылан тахсар дии. Кууһунан атыыластахха, оннук буолбат, килиэп эрэ ылаҕын. Салон эйгэтигэр кэлбитим эмиэ үчүгэйдээх, бартерынан кыламан, тыҥырах оҥорторобун, ол эмиэ экономия буоллаҕа.
- Кэлэн иһэр сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан ааҕааччыларбытыгар баҕа санааҥ…
Кэрэ аҥардары кэлэн иһэр бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! Бэйэҕитин таптааҥ, чөл туруктаах, доруобай буоллаххытына, дьиэ кэргэҥҥит, тулалыыр эйгэҕит бары дьоллоох буолуохтара.
Александраҕа дьиэ кэргэҥҥэр истиҥ эйгэни, дьолу, үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
Елена Макаринская