Быыка бэйэтэ аан дойду киэҥ киэлитин дьонун-сэргэтин кутун тутар, өйүн-санаатын өрүкүтэр, сүргэтин көтөҕөр хомуспут, хас эмэ үйэни уҥуордаан, түҥ былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри кэлбит муусукабыт үнүстүрүмүөнэ.

Кини — талба талааннаах дьонунан-сэргэтинэн байым баайдаах, Чурапчы, Таатта улуустарыттан төрүттээх-уустаах,  Марк Жирков аатынан Муусука кэллиэһин (уруккунан училищетын) уһуйааччыта  Артур Семенов.

Лука Турнин аймаҕа

«Талаан кэм-кэрдии балысхан баалыгар суураллан хаалбат, удьуордаан тэнийэр, көлүөнэттэн күлүөнэҕэ бэриллэн иһэр ураты күүстээх» диэн олохсуйбут өйдөбүлү бу эдэр киһи олоҕор бэлиэтии көрдүм. Артур өссө өрдөөҕүтэ араас идэлээх, дьарыктаах дьону түмэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан хомус ансаамбылын Тааттаҕа тэрийбит, саха хомуһун аан бастаан бүтүн Арассыыйа таһымыгар албан аатырдыбыт, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан кавалера Лука Турнин тымыр сыдьаана, ийэтинэн хаан-уруу аймаҕа. Ол иһин Артурдуун кэпсэтэн истэхпит аайы Лука Турнин олоҕун ураты суола, кэрчик кэмэ ойууланан тахсарга дылы. Холобур курдук кэпсээтэххэ, Лука кыра эрдэҕинэ, эдьиийдэрэ Биэрэ уонна Настааччыйа аан бастаан хомус тардарга үөрэппиттэрин устуоруйа чахчыларыттан билэбит. Эмиэ ол курдук, Артур сахалыы ыллыыр-туойар, хомуска оонньуур дьоҕурун эдьиийэ Марианна Слепцова арыйбыт. Марианна Михайловна иилээн-саҕалаан тэрийбит «Айгыл» ансаамбылыгар Артур кылаан талаанын чочуйан, күлүмнэтэ оонньоппут. Билэрбит курдук, Лука Турнин дэгиттэр талааннааҕа: бастыҥ хомусчут, артыыс, ырыаһыт, үҥкүүһүт, мелодист, режиссер, оһуохайдьыт. Эмиэ ол курдук, Артур хомусчут, оһуохайдьыт, ырыаһыт, тойуксут — эргиччи талааннаах эдэр киһи.

Норуот култууратыгар бүтэйдии тартаран…

Кини култуура эйгэтиттэн таһыччы атын, физика наукатыгар билиилээх-көрүүлээх оҕо итиниэхэ сыһыаннаах идэлэри талыан сөптөөҕө. Ол гынан баран, норуотун фольклоругар, уус-уран айымньытыгар бүтэйдии тартаран, бу эйгэни тилэри баһылыырга күннэтэ дьулуһар.

«Сахабыт сирин араас муннугар баар айар-тутар, бастыҥ дьон биир түһүлгэҕэ – өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска — мустубуппут. Оччолорго мин Х кылааска үөрэнэ сылдьарым. Ансаамбылынан буолбакка, соҕотох кыттар бырагыраамабынан муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын ылбытым. Муусука училищетын үлэһиттэрэ куонкуруска миигин бэлиэтии көрөннөр, тургутуута суох быһа үөрэххэ ылалларын туһунан Туоһу суругу туттарбыттара», — диэн Артуур кэпсиир.

Маныаха эмиэ Лука Турнин олоҕун биир лоскуй кэрдиис кэмин саныы биэрэҕин. Өссө 1936 сыллаахха 19 саастааҕар Лука Николаевич дьоҕурун көрөннөр, Наркомпрос иһинэн үлэлиир уус-уран самодеятельность салайааччыларын бэлэмниир үөрэххэ ыыталлар. Итиннэ ылбыт билиитин-көрүүтүн муоһалаан, сөбүлүүр дьарыгар үлүһүйэн, хонноҕо аһыллан туран үлүскэнник, дириҥник хорутан үлэлээбитин, айбытын-туппутун бары да билэбит.

Артур Семенов хомуска оонньуурун истибит дьон сирэм от мэччирэҥнээх, дьэрэкээн бэйэлээх сибэкки оһуордаах, иһирик ойуур, наскыл чараҥ тулалаах арылы алааска үгүс-элбэх кыыл-сүөл саҥатын, хаҥыл атыыр сылгылар дьохсооттоһо туралларын, Ийэ айылҕа кэрэ-дьикти тыаһын-ууһун истэн, харахтарыгар субу баардыы ойуулаан көрөбүт дииллэр.

Кини училищены бүтэрэн тахсарыгар, хомуска былыргылыы, үгэс быһыытынан тардыыны сэргэ аныгылыы охсууну табыгастаахтык дьүөрэлиири сатыыр, кыайа-хото тутар буолбута. Маныаха кини үөрэппит уһуйааччыларын Вероника Лыткинаны (былыргылыы тардыы), Варвара Степанованы (аныгылыы оонньооһуну) истиҥник-иһирэхтик ахтан аһарар.

—Хомус быыкаа бэйэтигэр үрэр, илигирэтэр (вибрациялыыр), устурууналаах, охсор муусука үнстрүмүөннэрин, бүтүн симфоническай оркестр дорҕооннорун бүүс-бүтүннүүтүн илдьэ сылдьарын таһынан, оонньуур киһи тыынар уорганнарын: күөмэй, хабарҕа былчыҥнарын, иҥиирдэрин, тыҥаны биир кэлисмэ эрчийэр уратылаах. Оттон ол доруобуйаҕа туһалааҕа көстөн турар чахчы.

Мин куруук харахпын симэн тураммын оонньуубун. Онуоха тугу хоһуйарым бүүс-бүтүннүүтэ харахпар хартыына буолан ойууланан көстөр. Бу — кураанах хартыына буолбатах, бэйэтэ туспа ис хоһоонноох айымньы. Истээччини долгутар, толкуйдатар, өрүкүтэр, үүт-тураан, уоскулаҥ  туругар киллэрэр, муҥутуур, өрөгөйдүүр да, сүөм түһэрэр да өрүттэрдээх. Историческай суолталаах нүөмэрдэр эмиэ бааллар. 

Хаһан баҕарар буоларын курдук, хомуска оонньооһун сороҕор табыллар, табыллыбат кэмнээх. Дьон-сэргэ болҕомтотун үөһүгэр турар, кинилэр иннилэригэр оонньуур буоллахпына, ону аахсыбакка, булгуччу эҥкилэ суох оонньуохтаахпын диэн халбаҥнаабат ирдэбили бэйэбэр туруорунабын.

Хас биирдии оонньуум – туспа үөрэх, уопут, тургутан көрүү, эксперимент да диэхпин сөп. Биллэн турар, барыта баҕарбыт, санаабыт хоту үчүгэй буолбат. Сыыһа-халты, ханна барыай? Баар. Ону мин хаһан тупсуор, табыллыар, силигэ ситиэр диэри дьаныһан тураммын ситиһэбин.

Хомуска оонньуур дьон бука бары сөбүлүүр уустардаахпыт. Мин Иван Колодезников-Үрүҥ Уус, Герасим Тарабукин, Григорий Чомчоев чочуйан оҥорбут хомустарын ордук биһириибин. Маныаха Үрүҥ Уус хомуһу оҥоруон иннинэ хомусчут өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-дууһатыгар тугу тута сылдьарын, кини майгытын-сигилитин, куолаһа хайдаҕын-тугун ыкса билсэр, ол эрэ кэнниттэн киниэхэ эрэ анаан хомуһу оҥорон таһаарарын эбэн этиэхпин баҕарабын.

Хомус оонньуур киһитин эниэргийэтин, майгытын-сигилитин тилэри ылынар уонна иҥэринэр өссө биир уратылааҕын эбии этиэхпин сөп. Дьиҥэр, кини эйиэнэ, бэйэҥ киэнэ эрэ буолуохтаах, кимиэхэ да уларсыыга барыа-кэлиэ суохтаах диэн кистэлэҥ, бүччүм санаа баар. Оннук да буоллар, чугас дьоммор, бииргэ төрөөбүттэрбэр уларсар түгэним баар буолааччы. Төттөрү эргийэн кэлиитигэр хомуһум тыаһа-ууһа уларыйан, уларсыбыт киһим майгытын ылбыт курдук буолааччы, — диир Артур.

Үөрэнээччи ситиһиититтэн дуоһуйуу

Артур Семенов Муусука кэллиэһин уһуйааччыта диэн эрдэ этэн аһарбыппыт. Кини олоххо биир саамай улахан дуоһуйуута – үөрэтэр-такайар оҕолорун ситиһиилэрэ. Учууталлара оҥорбут сүрүн бырагырааматын устудьуоннар сонун көрүүлэринэн, тобулан таһаарбыт толкуйдарынан ситэрэн-хоторон биэрэллэрэ, байыталлара — кини санаатын кынаттыырын биһирии бэлиэтиир.

«Оҕолору хомуска уһуйуубар туох-ханнык иннинэ чиҥ хаачыстыбалаах билиини биэрэргэ дьулуһабын. Оҕо, эдэр киһи миигин бэйэтэ көрдөөн, булан үөрэттэриитэ — кини баҕата күүстээҕин, инникитэ улаханын, кэскиллээҕин бэлиэтэ. Кистэл буолбатах, төрөппүттэр оҕо баҕатын аахсыбакка, тус бэйэлэрин эрэ санааларынан салайтаран үөрэттэрэллэрэ баар. Ол эрээри, ити  көдьүүһэ букатын дуона суох, суох да диэххэ сөп. Баҕа санаа баар – кыайар-хотор, барыны бары хамсатар сүдү күүс!»

Артур Семеновтыын кэпсэтэ олороммун, кини сэмэй-мааны майгылааҕын, олоххо, үлэҕэ дьулуурдааҕын, ылыммыт сыалга-сорукка бэриниилээҕин биһирии-бэлиэтии көрдүм. Итинник санаа  «Олоҕум тухары урут да, билигин да киһи сатыырын мин эмиэ сатыахтаахпын диэн санаанан салайтаран олоробун, үлэлиибин. Саҥа саҕалаан иһэн бастакы ыараххаттартан толлон, самнан, симэлийэн хаалыыны букатын сөбүлээбэппин» диэбититтэн үөскээтэ.

«Биллэр суруйааччы Дьуон Дьаҥылы төрөөбүт-үөскээбит, уран тылынан элбэхтэ хоһуйбут,  мин эһэм, эбэм сөбүлээн олохсуйбут Чурапчы Кындалыгар тиийдэхпинэ, куорат дьалхааныттан дууһалыын, өйдүүн-санаалын уоскуйабын, сынньанабын. Бу кэрэ-мааны айылҕалаах, өҥ-нүөл кырыстаах сир-дойду иэйиим кутаатын күүскэ күөдьүтэр, айар-тутар баҕабын уһугуннарар. Иэйиим, айар дьоҕурум күүһүрүүтэ итинэн эрэ муҥурдаммат, түүл нөҥүө эмиэ сүбэ-соргу курдук кэлэр», — диир Артур Семенов.

***

Кини эдьиийин дьоҕус куруһуогуттан саҕаламмыт сүдү талаана олох салҕанан истэҕин аайы өссө ордук кэҥээн, дириҥээн, эҥсэн этэр санаата күүһүрэн, кыаҕыран иһэриттэн үөрэбит. Казахсан, Киргизия, Кытай, Турция, Европа уо.д.а сайдыылаах дойдулар олохтоохторо Артур Семенов кылаан талаанын биһирээбиттэрин биллэрэн, ытыстарын дохсуннук таһыммыттарын, долгуйан, харахтара ууламмытын хайаатар да эбэн этиэҕи баҕарыллар.

 

Елена ОБУТОВА, СӨ Бэчээтин туйгуна

Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ