Кытаанахтан төрүттээх Петр Иннокентьевич Филиппов билигин санаан көрдөххө, оҕо сааһыттан саҕалаан оччотооҕу олох уларыйыыларын кытары тэҥҥэ хаамсан улааппыта. Кини 1911 cыллаахха, аам-даам тымныы ааҥнаан турдаҕына ахсынньы 19 күнүгэр күн сирин көрбүтэ, төрөөбүт сиринэн Кытаанах хоту өттүгэр сытар Халкыыда алааһа буолар.
Оччолорго да, билигин даҕаны Килэҥки бөһүөлэгэр Филипповтар диэн араспаанньалаах дьон суохтар. Онон арааһа, Петр Иннокентьевич аҕата эбэтэр эһэтэ кэлии дьон буолуохтарын сөп.
“Эһэм түөһүн тылыгар дылы түһэр кыһыл бытыктаах этэ”, — диэн бэйэтэ кэлин ахтара. Онтон аҕата, Иннокентий гражданскай сэрии сылларыгар кыһыллары батыһан, Төнүлүгэ үрүҥнэртэн улаханнык кырбанан, нэһиилэ дойдутун булан, онтон өрүттүбэккэ сотору өлбүт этэ.
Ийэтэ элбэх оҕону соҕотоҕун ииппитэ. Ол саҕана Уус-Алдаҥҥа таайдара олоролорбуттар.
Кини төрөөбүт Халкыыда алааһыгар оскуола диэн суох буолан, убайдарын батыһан атын сиргэ үөрэммитэ. Петр кыратыттан үөрэххэ сыстыгас буолан, оччолорго Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбитэ, ол эрэн олорор сирэ суох буолан, эдьиийэ Өрүүсэҕэ таҥара дьиэтин уопсай хоһугар олохсуйбута. Үөрэҕиттэн иллэҥ кэмигэр ыалга муус ылан, мас эрбээн айахтарын иитинэн олорбуттар. Ас-таҥас мөлтөҕүттэн, сааһыары тиийэн дэлби ыалдьан, үөрэҕиттэн уурайар итиэннэ устунан дойдутугар төннүбүтэ. Үөрэххэ, сырдыкка таһырдыылаах Петя санаатын түһэрбэтэҕэ, эһиилги сайыныгар Дьокуускай куоракка үп техникумугар туттарсан үөрэнэ киирбитэ.
Үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буолан кэлэн суоччутунан үлэлии сылдьан, олоҕун аргыһын Анна Оконешникованы кэргэн кэпсэтэн ылар. Ол 1940 сыллаахха этэ. Анна Ивановна оччолорго колхуос хоһуун үлэһитэ, нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаата, удаарынньыга, аҕатын кытары иккиэн эрэ олороллоро. Сиэрпэнэн бурдугу быһыыга оройуоҥҥа рекорд олохтоон “Стахановец” аатын ылар. Петр Аннаттан 9 сыл аҕа этэ, 29-гар сылдьар уол 20-лээх кыыһы ойох ылбыта. Ыал буолан бараннар, Чүрапчыга “Заготскот” диэн тэрилтэҕэ Петр Иннокентьевич суоччутан, Анна Ивановна муоста сууйааччынан, сүөһү үүрээччинэн үлэлээннэр оччотооҕуга “Аттакылар дэриэбинэлэрэ” диэн ааттаах сиргэ хонтуора дьиэтин аҥарыгар олорбуттар.
1941 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолан эр дьон сэриигэ, хаалбыт дьону кураанынан сибээстээн Хоту күүс өттүнэн көһөрүллэн барбыттар. Петр сэрии саҕаланыаҕыттан броннаах буолан фроҥҥа кэлин 1944 сыллаахха ыҥырыллан барбыта, ити иннинэ 1943 сыл от ыйыгар бастакы оҕолоро Проня күн сирин көрбүтэ.
Петр Филиппов сэриигэ тиийэн III-с Белорусскай фроҥҥа, стрелковай чааска сулууспалаабыта, сибээс чааһыгар эмиэ сылдьыбыта. Түүн хабыс- хараҥаҕа атынан, чаастан чааска бакыат тиэрдэр сорудахтаах сылдьыбыт. “Биирдэ да мумматаҕым, армия аттара боруода аттар буолаллар, шпоранан салайар этим”, — диэн кэлин кырдьаҕас байыас ахтара. Кытаанах хорсун буойуна Сэбиэскэй саллааттары кытары тэбис-тэҥҥэ Белоруссияны, Илиҥҥи Пруссияны, Хотугулуу-илинҥҥи Польшаны, Варшава, Гнезин, Познань куораттары өстөөхтөн босхолоспута. “Атаакаҕа киирэргэ туох да өй мэйдээх тулуйбат тыаһа-ууһа, сирдиин-халлаанныын өрө мөхсө олорор силлиэ холорук буолара. Кенигсберг куораты штурмалааhыҥҥа куорат иһигэр кыргыыһылар этэ. Аттыбытыгар буомба эстэн бары улаханнык эмсэҕэлээбиппит, элбэх киһи өлбүтэ, мин улаханнык контузияланан госпитальга сыппытым”, — диирэ бэйэтэ.
Фронтовик, ахтылҕаннаах Кытаанаҕын алааһыгар 1945 сыллаахха күһүөрү кыһын кэлбитэ, ол III-с Белорусскай фронт 1945 сыл атырдьах ыйыгар расформируйданан, кини: “Саастаах буолан эрдэ кэлбитим”, — диирэ. Кини түөһүгэр “Кенигсберг куораты ылыын иһин”, “Хорсунун иһин” мэтээллэр кылабачыһан көстөллөрө.
“Польшаҕа, баҕа кыыллара олох биһиги көҕөммүт курдук саҥарар эбит этэ. Арай мин иһиттэхпинэ көҕөн “кря-кря” диир, онуоха нуучча саллаата күллэ уонна “это жаба крякает” диэбиттээҕэ. Биирдэ Белоруссияҕа саллааттар буоламмыт ыалларынан тарҕаһан олоробут, мин көрдөхпүнэ дьиэлээх хаһаайка алаадьы буһарар, испэр үөрдүм аҕай, ити оруобуна Ньукуолун саҕана этэ, онтукам баара кэлин билбиппит хортуоска алаадьыта эбит этэ”, — диэн кырдьаҕас буойун кэлин биирдэ эмэтэ ахтара.
Анна Ивановна сэрии сылларыгар суту-курааны бүтүннүү туораан, үлэ бөҕөтүн үлэлээн, “Сталин төбөлөөх” мэтээллээх этэ. Петр Иннокентьевич сэрииттэн эргиллэн кэлэн, Чурапчы нэһилиэгэр уһаайба ылан Тандаттан кэргэнин дьонун дьиэлэрин көһөрөн киллэрэн тутар.
Хойукка диэри уулусса өттүгэр баар омуһаҕы ыаллар туһаналлара диэн өйдүүр дьон кэпсииллэр. Петр Филиппов өр сылларга оройуон финансовай отделыгар иниспиэктэринэн онтон кэлин бэтэринэриийэ ыстаансыйатыгар буҕаалтырынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Филипповтар дьиэ кэргэн туһунан үтүө өйдөбүл дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар өрүү баар. Ол курдук, 2012 сыллаахха Петрдаах Анна төрөппүт уоллара Роман, кэргэнинээн Клара Егоровналыын көҕүлээннэр Филипповтар төрөөбүт алаастарыгар мэҥэ тааска өйдөбүнньүк бэлиэни туруорбуттара. “Биһиги төрөппүттэрбит төһө да ыарахан, аас-туор сэрии сылларыгар эдэр саастара аастар, хаһан даҕаны ол туһунан ытаабат-соҥообот, үчүгэйи эрэ түстүүр дьон этилэрэ. Мэлдьи үлэни өрө тутан, оҕолор, сиэннэр үчүгэй үөрэхтээх, туруу үлэһит дьон буоллуннар диэн санаанан саастарын тухары олорбуттара. Дьоммут туһунан үтүө өйдөбүл ыччаттарбыт өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр өрүү баар”, — диэн билигин оҕолоро, сиэннэрэ ахталлар.
Сэмэн Жендринскэй