Хайахсыттар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар харысхал сиэккэни өрөллөр

Бу күннэргэ нэһилиэк олохтоохторо бука бары түмсэннэр, уопсай биир санаанан харысхал сиэккэни өрөн саҕалаабыттар. Бу анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар эр хоһууннары харыстыыр сыалтан оҥоһуллар сиэккэ буолар.

Манна сүрүн ирдэбилэ сиэккэ өҥүгэр таба тайаныы, ол эбэтэр от-мас өҥүн туһаныы, анал килэбэчийбэт х/б матырыйаалы сөптөөх кээмэйинэн кырыйан быыһа суох гына быаҕа баайбыттар.

“Нэһилиэкпит иһинэн“Ай-Тик” диэн олохтоох иистэнньэҥнэр түмсүү тэриммиппит, үлэлээбиппит үһүс сылыгар барда. Ону быйыл биһигини өйөөн, улууспут дьокутаата Егор Анемподистов үп-ас көрөн, харыстыыр сиэккэни өрүүгэ матырыйаалын барытын атыыласпыппыт уонна аҕаламмыт өрө сылдьабыт. Кэнники нэһилиэктэн ким баҕалаах, бириэмэлэрин хайдах аттарыналларынан көрөннөр кэлэннэр өрөллөр, дьахталларбыт түмсүүлэрэ өрүү бааллар. Бастакы сиэккэбитин бу ыйынан бүтэрбит киһи диэммит былаанныыбыт, ити кэнниттэн өссө биири эмиэ өрүөхтээхпит, матырыйаалбыт элбэх. Бу үлэбитин Ксения Иннокентьевна диэн олохтоох оскуола учуутала көҕүлээһининэн, кини тыл көтөҕөн ылсыбыппыт”, — диэн Хайахсыт нэһилиэгин успуорт инструктора Елена Тарасова кэпсээтэ.

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ