Эрдэтээҕи көлүөнэ уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара хайахсыттар бу олоҥхону эрдэ быһа тардан туруора сылдьыбыттара сурукка суруллар гынан баран П.М.Решетников аатынан народнай театрга 1994 с. олоҥхоһут 125 сааһын көрсө туруорбуппут туһунан санаан, ахтан ааһыахпын баҕардым.
Ити сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо сыла биллэриллибитэ уонна И.Г.Теплоухов-Тимофеев 125 сыла улууска бэлиэтэнэр буолбута. Мин Оройуоннааҕы культура дьиэтигэр уус-уран салайааччынан үлэлии сылдьарым. Оҕо сааһым өйдөбүлэ Чоппулуохап оҕонньор олоҥхото кинигэ буолан бэчээттэнэн, Хайахсыкка олоҥхотун толорбут өрөгөйдөөх күннэрин 1957 с.билэр буолан, бу олоҥхону ааҕан, кылгатан пьеса курдук оҥорон толорбут киһи диэн санаа киирэн ииппит уолуттан П.К.Дорофеевтан кинигэтэ баар дуо диэн ыйыппытым. Прокопий Кузьмич биһиги народнай театрбыт быыһын биир бастакынан арыйыспыт артыыспыт буолан, айымньылаахтык үлэлии сылдьар кэмнэрэ этэ. Кинигэтин аҕалбытыгар көрөн баран салынным. 283 страницалаах обургу кинигэ, өссө нууччалыы тылбааһа кытта баар. 605 страница. 1985 с. Москваҕа “Эпос народов СССР” серияҕа киирэн күн сирин көрбүт. Оччолорго олоҥхону ааҕа үөрэммэтэх буолан, наһаа ыарырҕаппытым. 1957 с-ха 87-88 саастаах оҕонньор олоҥхону олоччу эт өйүнэн саҥаран-туойан олоҥхолообутун оччотооҕу көлүөнэ дьон сөхпүттэрин-махтайбыттарын оҕо сылдьан истибиппин, оҕонньор сүргэтэ көтөҕүллэн, ис-иһиттэн сырдаан, мичээрдии-мичээрдии сэһэргэһэн, аргыый сэҥийэтин имэринэн, чэйдии олороро харахпар көстөн кэлэр. Тыый, бу бэлэм суруллубуту хайдах кыайан кылгатар кыаҕа суохпунуй,аата сүрүн?- диэн бэйэбиттэн кэлэйэн, ис-санаам күүһүнэн,кулууп түбүктээх үлэтин кэнниттэн түүннэри дьаныһан олорон кылгатан, түөрт хартыыналаан, сценаҕа туруоруллар оҥорбутум. Олоҥхо бастакы чааһын ылбытым.
Аны артыыстары сүүмэрдээһин буолбута. Туойан ыллыыр артыыһы көрдөөн, балай да моһуогурбуппут. Иннокентий Гурьевич хаан аймаҕын Федор Афанасьевич Тимофеевы уонна Герасимов Валерий Петровиһы олоҥхоһут оҥортообутум. Икки бастакытын Федор Афанасьевич, икки кэнники хартыынатын Валерий Петрович толорор буолбуттара. Кулун Куллустууру театрбыт саамай уһун уҥуохтаах артыыһын, ырыаһыт, электросеть үлэһитэ Егор Монастыревы, Ньургустай удаҕаны ырыаһыттар, иистэнньэҥ Валентина Манасытованы, повар Клара Кондратьеваны, Үрүҥ Айыы Тойону- быраас, ырыаһыт Е.А. Марковы, Ытык Дьуорсун суруксуту — И.К. Дегтяреву, Кыыра Чохчой удаҕаны, культура үлэтин туйгуна, мелодистка М.Е. Васильеваны, барыта үҥкүүһүттэрдиин 40-ча киһи кыттыбыта. Абааһы уолаттара, кыргыттара бааллара. Сатыы олоҥхо диэн ааттаабыппыт. Тексин үксүн саҥара-саҥара туойан ылаллар. Тойуктарбытын-ырыаларбытын ким тугу сатыырынан бэйэ-бэйэлэрин үөрэтиһэн көр-нар бөҕө буолбуппут. Биир да улахан тойуксуппут суох. Аны сахалыы соннору, удаҕаттар, ойууннар таҥастарын булуу, абааһыларбыт уонна үҥкүүһүттэрбит, быһата ол оонньообут 40-ча киһибитин таҥыннарыы, сценическэй көстүүмнэрин соруга биир туспа кыһалҕа буолбута. Санаа хоту үп-харчы да суоҕа. Сөптөөх дьүһүннээх матырыйаал да көстөн биэрбэккэ моһуоктаабыта. Билиҥҥи курдук таҥас дэлэйэ суоҕа. Оччолорго бытовой комбинат баар буолан, Ирина Никифорова салайар “Күннэй” иистэнньэҥнэрэ,сорох көстүүмнэрбитин Матрена Васильева, Акулина Ноговицына, Мария Феофанова, Майя Шеломова, Евдокия Местникова адьас кылгас кэм иһигэр күнүстэри-түүннэри иистэнэн, онтон мантан сиирэ-халты салҕанан, сороҕун костюмернайга баар таҥастары уларытан-тэлэритэн тигэн бүтэрбиттэрэ.
Көрөөччүгэ тахсар күммүтүгэр И.Г. Теплоухов-Тимофеев 125 сылынан өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо семинара буолан, илин эҥээр уонна киин улуустартан икки күннээх семинарга диэн специалистар бөҕө, учуонайдар,Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ кэлэн олоҥхо спектаклын көрбүттэрэ. Ордук туойан ыллыылларыттан саллыбыттара да спектакль кэнниттэн ырытыыларыгар бары олус астынан, сэргээн көрбүттэрин туһунан эппиттэрэ. Кэлбит ыалдьыттардыын, артыыстардыын театрга төгүрүччү олорон, олоҥхо семинарын түмүктээһин буолта. Аны Дьокуускайтан өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтиттэн Николай Иннокентьевич Окоемов тахсан “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр компаниятын “Олоҥхо эйгэтин” биэриитигэр устабыт диэн 4 хас күн хартыыналарынан бэлэмнэнэ-бэлэмнэнэ, телевизор варианынан Окоемов бэйэтэ режиссердаан видеоҕа уһулуннулар. Бары да үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Эгэ эрэ өрөспүүбүлүкэ телевидениета бэйэтинэн көһөн тахсан устуута биһиэхэ, тыа дьонугар улахан событие буолбута. Артыыстар астыныы бөҕөнү астынан, күнүһүн үлэлэриттэн көҥүллэтэн кэлэ-кэлэ улаханнык сүргэлэрэ көтөҕүллэн оонньообуттара. Онтон санаабыт бөҕөхсүйэн Мугудайга, Төлөйгө уонна саас Хайахсыкка Чоппулуохап дойдутугар ыҥырыллан олоҥхо-спектакльбытын туруорбуппут. Хас оонньообут нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ олус үөрэн-сэргээн көрбүттэрэ.Толору астаах бырааһынньык остуолун тэрийэн, артыыстары аһатан, махтанан ыыталаабыттара. Народнай театр 25, 30 сыллаах үбүлүөйдэригэр эмиэ хаттаан сөргүтэн оонньообуппут “Саха” НКИХ Н.И. Окоемов “Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур”олоҥхобутун өрөспүүбүлүкэ телевидениетыгар көрдөрбүтэ.
Онон Чурапчы улууһун чулуу олоҥхоһута Чоппулуохап төрөөбүтэ 125 сылын балай да суолта биэрэн бэлиэтээн ааспыппыт быйыл 30 сылын туолбут эбит. Олоҥхону туруоруу народнай театр историятыгар үйэ-саас тухары суруллан, 90-нус сыллар көлүөнэ дьонноругар көрдөрөн, биир сонун сүүрээн быһыытынан үйэтийбитинэн дьылҕабар махтана саныыбын.
Мария Герасимова СӨ культуратын бочуоттаах бэтэрээнэ, РСФСР культуратыынт үтүөлээх үлэһитэ
И.Г. Теплоухов-Тимофеев хаартыскалара туһанылынна