Бу ыйга кыһын саҕаланар. Бу кэмэ Улуу добдурҕа буолар: сир-дойду барыта тоҥор, хаара чараас буолар. Сүөһү хотоҥҥо киирэр кэмэ. Сахалар оһохторун күүскэ оттоллоро, бастакы идэһэни өлөрөр кэмнэрэ. Сорох күөллэргэ муус киһини уйар буола тоҥороро, бастакы муҥха саҕаланара. Тыа кыылларыгар сонор булда саҕаланар.
Бокуруоптан ыла былыргы сахалар кыһыҥҥы олоххо-дьаһахха көһөн төһө астаахтарын, хаһаастаахтарын көрүнэллэрэ. “Алынньыга астаах, бэһинньигэ бэстээх, олунньуга оттоох” диэн дьылы туоруурга сыһыаннаах өс хоһооно баар.
Алтынньы 14 күнүттэн Бокуруоп таҥараттан сааскы Ньукуолуҥҥа дылы ыам ыйын 22 күнүгэр дылы 220 хонук баар, дьэ ону туоруур уустук боппуруос турар. Биһиги өбүгэлэрбит ону ааҕан суоттаан, олох мындырдарын тобулан этэҥҥэ туорууллар этэ.
Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит дьыл кэлиитэ диэн билинэн туран, Дьыл оҕуһа муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэрэ. Бокуруоп күн өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, сахалыы арыылаах алаадьынан кыстыкка киирбиппитин бэлиэтиири умнумуох туустаахпыт.
Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа (ахсынньы 19 күнүгэр) диэри күммүт кылгаатар кылгаан иһиэ турдаҕа. Өбүгэлэрбит дэлэҕэ: “Алтынньыттан күн ат сиэлиитинэн куотар”, – дииллэрэ. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.
Күөллэр мууһунан бүрүлүннэхтэринэ муҥха кэмэ саҕаланар. Ити эмиэ ыаллар хаһаайыстыбаларыгар улахан суолталаах кэм. Хайа, табылыннаҕына, эбэлэрэ дук гыннаҕына – дьылга тулуктаһар аһылыктарын баһан ылыахтара турдаҕа. Дьэ, онтон, суол туруута от,-мас уонна муус тиэйиитэ.
Билигин Аан дойду үрдүнэн баараҕай ириэһин буола турарын бэйэбит илэ харахпытынан көрө-истэ сылдьабыт. Ол курдук урут Хотугу Муустах акыйаанынан муора хараабыллара ледокол көмөтүнэн сылдьар буоллахтарына билигин мууһу бэйэлэрэ алдьатан сылдьаллар, ини-бии Лаптевтар муоралара сылын аайы хойутаан тоҥор буолла. Илин эҥэр, киин хоту улуустарынан сирбит-уоппут ирэн сир алдьаныыта сылын аайы улаатан иһэр. Бу барыта Аан дойду үрдүнэн баараҕай ириэһин 4 кыраадыс сылыйбытын туоһута буолар, ол иһин кэлиҥҥи сылларга күһүммүт уһаан алтынньы сэтинньи ыйдарбыт сылыйан иһэр.
Алтынньы ый билгэтэ
Ый устата 17–20 мм халыҥнаах сөҥүү түһэр. Халлааммыфт -5-15С кыраадыс тымныйыаҕа. Сороҕор хаара суох дьогдьоот күһүн буолар. Хаар алтынньы ортотугар түстэҕинэ ууллубат. Куобах маҥхайбытынан барар.
Алтынньы 1 күнэ – туруйа соҕуруу көттөҕүнэ, алтынньы 14-гэр диэри тымныы түһэр, оттон ити күн көппөтөҕүнэ, сэтинньи 2-гэр диэри тымныы түһэрэ күүтүллүбэт.
Алтынньы 7 күнэ – күн ат хаамыытынан кылгыыр.
Алтынньы 8 күнэ – хаар түстэҕинэ, сэтинньи 21-гэр өрүһү таһаҕастаах атынан туорууллара. Хаппыыстаны тууһуур кэм.
Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит дьыл кэлиитэ диэн билинэн туран, Дьыл оҕуһа муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэрэ. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэрэ. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.
Алтынньы 17 күнэ – Кыһын саҕаланар, истээх танаһы кэтэр күн (Өрөппүөй).
Алтынньы 18 күнэ – муус аннынан муҥхалааһын саҕаланар. Күөл тааҥныыр, сүөһүнү кыһыҥҥылыы аһатыы саҕаланар.
Алтынньы ый 23 күнэ – Ый муоһа түүн ортото уһуктаммыт буоллаҕына, хаардаах тыал түһэр.Тоҥоруу саҕаланар.
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР
Алтынньы ыйга илин эҥэр оройуоннарыгар былырыыҥҥы дьылы кытары тэҥнээтэххэ бастакы дэкээдэҕэ арыый да сылаас буолуоҕа. Түүнүн да улахан тымныйыы суох курдук, онон алтынньы сымнаҕас буолара күүтүллэр. Сөҥүү түһүүтэ урукку сыллары кытары холоотоххо кэмчи буолара сабаҕаланар.
Бу ый I дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ сылаас курдук. Күнүһүн +6С+4С кыраадыс сылаас, түүнүн -3С -0С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүһүн -6С-3С кыраадыс оттон түүнүн -9С -6С кыраадыс тымныйыаҕа.
III дэкээдэҕэ күнүһүн -12С-8С кыраадыс онтон түүнүн -12-14С кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр.
КИИН УЛУУСТАР
Ыйбыт бастакы дэкээдэтигэр киин улуустарга хаардаах, ардахтаах буолара күүтүллэр.
Бу ый I Декадата урукку сыллары кытары тэҥнээтэххэ сылаас, күнүһүн +6С+4С кыраадыс сылыйар, түүнүн -2-0С тымныйыыһы. I-III дэкээдэлэргэ ардахтаах да хаардаах буолууһу. Ый II дэкээдэтигэр күнүс -3-0С кыраадыс тымныы онтон түүнүн -4-7С кыраадыс тымныйар.
III дэкээдэҕэ хаара кэмчи, көннөрү тымныйыаҕа. Күнүһүн -7С-12С кыраадыс тымныы, түүнүн -12-15С кыраадыс тымныы буолара сабаҕаланар.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАРГА
Бүлүү эҥэр атын улуустары кытары холоотоххо алтынньы ый улахан сөҥүүлээх буолара күүтүллэр, бастакы дэкээдэ көннөрү сөҥүүлээх буолуоҕа онтон иккис-үһүс дэкээдэлэргэ балай эмэ хаар түһүөҕэ. Ол оннугар алтынньы ыйга улахан тымныйыа суоҕа. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн +4+7С кыраадыс сылаас, түүнүн -1-4С тымныы тымныы. II дэкээдэ балай да сөҥүүлээх буолуоҕа, халлаан улаханнык тымныйбакка идэһэ өлүүтүгэр уустуктары үөскэтиэҕэ, улахан тымныы суох курдук. Көннөрү тымныы буолуоҕа, күнүһүн -2-5С кыраадыс, түүнүн -3-8С кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр. III дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаардаах буолуоҕа. Күнүһүн -5-7С кыраадыс оттон түүнүн -8С-10С кыраадыс тымныйыаҕа.
ӨЛҮӨХҮМЭҔЭ, АЛДАҤҤА, НЕРЮНГРИГА
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга бастакы дэкээдэҕэ сөҥүүтэ кэмчи, былырыыҥҥытааҕар күнүһүн да түүнүн да сылаас буолууһу. Бастакы дэкээдэҕэ балай эмэ ардахтыаҕа, алтынньы ыйга бу улуустарга улахан тымныы түспэт. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн +3+6С кыраадыс сылаас, түүнүн -1-3С кыраадыс тымныы. II дэкээдэҕэ даҕаны халлаан улаханнык тымныйыа суох, күнүһүн -1-3С, түүнүн -3-5С кыраадыс эрэ тымныйыаҕа. III дэкээдэҕэ ый бүтүүтүн саҕана хаар түһүөҕэ. Күнүһүн -3-6С кыраадыс тымныы, түүнүн -6-10С кыраадыс тымныйыаҕа.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺАГАР
Өймөкөөн Сахабыт сирин саамай тымныы улууһунан биллэр. Ааспыт сайын сөҥүүтэ кэмчи этэ, бу да ыйга эмиэ сөҥүү суоҕун кэриэтэ. Бастакы дэкээдэҕэ да иккис дэкээдэҕэ даҕаны хаара кэмчи буолууһу. Ол оннугар күннээх күннэрэ элбэхтэр, ый бүтүүтүн саҕана эрэ күнүһүн-түүнүн тымныйыыһык. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -2-5С кыраадыс, түүнүн -4-9С кыраадыс тымныйар. II дэкээдэҕэ көннөрү тымныы буолар, күнүһүн -6-10С кыраадыс, түүнүн -11-15С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн -10-14С кыраадыс,түүн-10-19С кыраадыс тымныы.
ҮӨҺЭЭ ДЬААҤЫ УЛУУҺАГАР
Үөһээ Дьааҥы — Сахабыт сирин биир эмиэ саамай тымныы улууһунан биллэр, бастакы дэкээдэҕэ былырыыҥҥытааҕар күнүһэ да түүнэ да тымныы буолуоҕа. Бастакы-иккис дэкээдэҕэ сөҥүүтэ суох буолуоҕа, арай үһүс дэкээдэттэн кыратык хаардыаҕа. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн +3С+1С кыраадыс сылаас, түүн -4С-2С тымныйар. II дэкээдэҕэ күнүһүн -12С-9С кыраадыс, түүнүн -13С-10С кыраадыс тымныйар. III дэкээдэҕэ күнүһүн -15С-12С кыраадыс, түүнүн -20С-18С кыраадыс тымныйара сабаҕаланар.
АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА:
Халыма-Индигиир улуустарыгар, былырыыҥҥытыгар майгынныыр алтынньы буолууһу. Ол курдук сөҥүүлээх күннэр олох суохтарын кэриэтэ, ый иккис-үһүс дэкээдэлэригэжр күннээх ыраас күннэр, ый аҥарын кэриэтэ элбэх буоланнар дьиэ таһыгар үлэлииргэ итиэннэ кыстыкка бэлэмнэнэргэ, балыктыырга ылааҥы күннэр үүнүүһүлэр. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн +3С+1С кыраадыс, түүнүн -6С-4С тымныы. II дэкээдэтэ күнүһүн -8С-6С кыраадыс, түүнүн -12С-10С кыраадыс тымныйыаҕа. III дэкээдэҕэ күнүһүн -13-11С кыраадыс, түүн -18-15С кыраадыс тымныы.
АНААБЫРГА, ӨЛӨӨҤҤӨ, БУЛУҤҤА
Артика эҥэр улуустарыгар урукку сыллары кытары холоотоххо сөҥүүтэ олох кэмчи, дэкээдэ аайы биирдии эрэ күҥҥэ сөҥүү түһүөҕэ.
Бу ый I дэкээдэтэ күнү\һүн -5-3С кыраадыс, түүн -5-2С тымныйар. II дэкээдэҕэ күнүһүн -9-5С кыраадыс, түүнүн -10-8С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн -12-9С, түүнүн -14-12С кыраадыс тымныы буолуоҕа.
Тарас Тарасов-Тускул, норуот синоптига, “Хайахсыт нэһилиэгэ” МТ баһылыга
Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ