Хайахсыт оскуолатын сонуна

Биир эмиэ ураты суоллаах-иистээх, үтүө дьылы  эрэннэрэр  үөрэх дьылын СӨ  Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бастакы бэрэссэдээтэлэ, үтүөлээх юрист, поэт, тылбаасчыт, бөдөҥ Судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл   Афанасий Илларионов  аатын сүгэр Хайахсыт орто оскуолата аста.

Ол курдук, өр сыллаах ыра санаа ымыыта буолбут  саҥа таас оскуола  былаһааккатыгар   Билии күнэ бастакытын  ыытыллыбыта элбэҕи этэр.  Быйыл оскуола-саат боруогун 85 үөрэнээччи, 35 иитиллээччи  атыллаата.  Үөрэх дьыла  саҥа саҕаланнар даҕаны   күргүөмнээх үөрэх, үлэ-хамнас күннэтэ ыытыллар.  Оскуоланан отоннооһун,  кырдьаҕастарга  тимуровскай көмөлөр,   дьиэ кэргэн  тэлгэһэтиттэн  хортуоска хомууругар акция, онтон да атын дьаһаллар саҕаланнылар.

Биир үтүө бачыымы  хаалларар  дьаһалынан сыллата ыытыллар күһүҥҥү атыы-тутуу дьаарбаҥката буолла. Ол курдук, «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн сылын ахсын  ыытыллар күһүҥҥү дьаарбаҥкабыт быйыл олус атыннык, интэриэһинэйдик ыытыллынна.  Өскөтүн урукку сылларга учууталлар, төрөппүттэр уонна оҕолор эрэ кыттыыны ылар  эбит буоллахтарына, быйылгы үөрэх дьылыгар нэһилиэк олохтоохторугар саҥа оскуолабыт аана аһыллынна. Эҕэрдэ тылы  оскуола дириэктэрэ Федор Игнатьевич Борисов  этэн,  саҥа үөрэх сылын, сонун,  үрдүк  идиэйэлэрдээх саҕалыырга үөрэнээччилэри, коллективы  ыҥырда.

Хас биирдии кылаас дьаарбаҥка балаһааккатыгар турар сирин олус сиэдэрэйдик, тупсаҕайдык симээн түһүлгэни киэргэттилэр. Атыылыыр, көрдөрөр хорчуопкаларын тэриннилэр. Оҕолор оҕуруот аһын, кэнсиэрбэни, бурдук аһын атыылаан бэйэлэригэр үп-харчы киллэриннилэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттар, нэһилиэкпит олохтоохторо, тэрээһин кыттыылаахтара бука бары тото-хана аһаан, атыылаһан, үөрэн- көтөн, дуоһуйа сынньанан бардылар.

Ону таһынан биирдиилээн күрэхтэргэ: «Саамай улахан оҕуруот аһа»,  «Дьикти быһыылаах-таһаалаах,оҕуруот аһа»,  «Күһүҥҥү көстүү» үүнээйиттэн, араас айылҕа эттиктэриттэн оҥоһуллубут авангард күрэҕэ олус тыҥааһыннаахтык, көхтөөхтүк ыытылыннылар. Дьоро күн өрөгөйүн үрдэтэн ойор-тэбэр оҕо саас бырааһынньыга «Көрдөөх көтүү» сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуунан түмүктэннэ.

«Иитэр кыһам ыһар кыыма кытыаһыннын үйэлэргэ» диэн киэн туттар киһибит Афанасий Петрович  Илларионов эппит  үтүө тылын өрө тутан үүнэргэ-сайдарга  бэлэммит!

Вика Борисова,

Хайахсыт орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй