Снайпердар турнирдарыгар, “Тигр” саанан боростуой тыа сирин булчута бастыҥ ытыыны оҥордо диэн сурах социальнай ситими биирдэ тилийэ көттө.
Бэҕэһээ, Туймаада хочотугар саҥардыы тутуллубут “Буойун” диэн полигоҥҥа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин аатырбыт снайпера Федор Охлопков сырдык кэриэһигэр буулдьа саанан ырааҕы ытыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир ыытылнна. Бастыҥ ытыытын иһин анал бириискэ, Хадаар нэһилиэгиттэн төрүттээх Егор Гаврильев тигистэ. Кини 1 биэрэстэ тэйиччилээх сиртэн, боростуой “Тигр” саатынан туруоруллубут сыалы бастакы ытыытыттан тапта.
Инньэ гынан, бэҕэһээҥҥи күн Дьоруойугар сабыс-саҥа 338 калибрдаах “Раптор” карабин сааны бэлэхтээтилэр. Егор анал бирииһин, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев илиилэриттэн тутта.
Сэмэн Жендринскэй.