Ханнык баҕарар фермаҕа үүтү валовай ыаһын уонна хас биирдии ынахтан ылыы былаанын толоруу дьыала биир өттө. Итини таһынан бородууксуйа ыраас буолуутун ситиһии, судаарыстыбаҕа үчүгэй эрэ хаачыстыбалаах үүтү туттарыы ирдэнэрэ.
Ол иһин отделениелар салайааччылара, туһааннаах исписэлиистэрэ учуотчуктарынан уонна үүтү астааччыларынан уопуттаах үлэһиттэри аныырга кыһаналлара.
Оннук үлэһиттэртэн биирдэстэринэн Субуруускай аатынан сопхуос Болтоҥотооҕу отделениетын Кыыл Бас ферматын үүтү астааччыта Пелагея Федотовна Герасимова этэ. Уопуттаах үлэһит урукку өттүгэр хас да сыл ыанньыксыттаабыта. Онон үүт ыраас буолуутун үгүс кистэлэҥнэрин үчүгэйдик билэрэ. Ол иһин эдэр ыанньыксыттарга элбэхтик сүбэлиирэ-амалыыра, бэйэтин үлэлиир сирэ мэлдьи ыраас, санитарнай өттүнэн көрдөбүлгэ эппиэттиир буолуутун ситиһэрэ.
1980 сыл сайыныгар Кыыл Бас ферматыгар биэс ыанньыксыт ыабыт үүтүн астаабыта. Кини бородууксуйалара арыы сыаҕар бастыҥ хаачыстыбалааҕынан тутуллаллара. Пелагея Федотовна үүт хаачыстыбатын үрдэтиигэ уонна судаарыстыбаҕа бастакы суортаах үүтү туттарыыга мугудайдар оройуоҥҥа ыҥырыыларын сэҥээрэн көрсүбүтэ, онуоха эппиэттиирдии үлэлииргэ быһаарыммыта. Ол иһин эдэрдэргэ ити бачыым суолтатын, табаарынаһы үрдэтии, үүтү бастакы суортааҕынан туттарыы улахан барыстааҕын куруутун өйдөтө сатыыра. Ардыгар ынах синньин хайдах сууйары-сотору көрдөрөн биэрэрэ.
Сэмэн Жендринскэй