“Гончарное ремесло у якутов” кинигэ Америкаҕа англия тылынан таҕыста

Биир дойдулаахпыт, этнограф Андрей Андреевич Саввин “Гончарное ремесло у якутов” диэн 2022 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтэ Америка учуонайдарын сэҥээриитин, биһирэбилин ылан, бу күннэргэ Вашингтон куоракка англиялыы тылынан бэчээттэнэн таҕыста. Онуоха Россияҕа 4 эрэ экземпляр кэлбит.  Итинтэн биир экземпляр биһиги улууспутугар Андрей Саввин аатын сүгэр история уонна этнография мусуойугар тигистэ. Кинигэни англия тылынан таһаарыыга Америка учуонайдарын кытта саха сириттэн историческай наука хандьыдаата Наталья Данилова үлэлэспит.

Онон саха омук төрүт култууратын, искусствотын туһунан үгүс омук ааҕар, үөрэтэр кыахтанна.  Кинигэ биһиги улууспутугар тиксэригэр  Афанасий Захаров салайар улуустааҕы түмэл үлэһиттэрэ  үгүс  кэпсэтиини тэрийдилэр, “Дьулуур” ХЭТ  салайааччыта Сергей Федоров үбүнэн  көмөлөстө.  Бүгүн  кинигэни билиһиннэрии үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.

Анна Захарова