Сэбиэскэй Аармыйа Чехословакия столицатын Праганы босхолооһуҥҥа Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бүтэһик сорудаҕа этэ.
Ол кыырыктаах кыргыһыыга I Украинскай фронт 70-с гвардейскай миноментнай полкатыгар киирсэн “Катюша” расчетун наводчигын көмөлөһөөччүтэ Хайахсыт Боруулаах алааһын ыччата Василий Диодоров өстөөх оройугар суоһарыылаах уоту кутуспута. Кини доҕотторо уонна хамандыыра, нуучча Афанасьев, комсора удмурт Назаров уонна татарин Мустафин Чехословакия норуоттарын иннилэригэр бэйэлэрин интернациональнай иэстэрин чиэстээхтик толорбуттара.
Олус даҕаны сэмэй, судургу этилэрэ, кинилэр, дьоллоох олох иһин турууласпыт, өлө-өлө тиллибит, сэрии бэтэрээннэрэ! Бойобуой сырыыларын туһунан ыһа-тоҕо кэпсии сылдьалларын сөбүлээбэттэрэ, буолуохтаах буолбутун курдук көнөтүк саныыллара.
“Катюша” наводчига. Кини кимий? Үрүҥ күнү хараардар үлүгэрдээх сэриигэ 1943 сыл бэс ыйыгар “Крупская” колхуос суоччута, 19 саастаах Василий Диодоров алааһыттан арахсан, сатыы айаннаан, аара үс хонон Дьокуускайы булбута.
Аҕата – үлэ киһитэ этэ, мас ууһа Павел Иннокентьевич – кини кыратыгар сэлликтэн өлбүтэ. Ийэтэ Елена Ионовна уон сэттэтэ оҕоломмута эрээри Вася быраата Ганялыын эрэ ордон хаалбыттара. Эрэй-буруй эрийэн Баһылай харытын күүһүнэн киһи-хара буолбута.
Москубаҕа тиийбиттэригэр кинини “Катюша” расчетугар балтараа ый үөрэппиттэрэ уонна 2-с гвардейскай минометнай биригээдэҕэ ыыппыттара. Ол чааска сэриигэ бастакы сүрэхтэниитин барбыта. Онтон сотору I Украинскай фронт гвардееһынан буолбута.
Үлэлиэх диэтэххэ, “Катюша” расчетугар үлэ кэмэ суох этэ. Хас тохтообут сирдэрин ахсын 3 миэтэрэ дириҥнээх, 4 миэтэрэ кэтиттээх, 7 миэтэрэ уһуннаах иини хаһа охсон минометтарын саһыараллара. Ону таһынан аны бэйэҥ окуопаҥ. Ардыгар утуйары да умнар алдьархайдаах сырыыга сылдьаллара. “Сэниэбит эстэн байааттаҥнаһа сылдьан 53 эбэтэр 92 киилэлээх реактивнай снарядтары сосуһар этибит”, — диэбиттээҕэ Василий Павлович. “Өстөөххө турар сирбитин биллэримээри, ытаат, кыл тыынынан хомунан, ыстаннара охсорбут”.
Гаврдия рядовойа Василий Диодоров Румыния, Венгрия, Чехословакия норуоттарыгар көҥүлү аҕалсыбыта. Адьырҕа өстөөх арҕаҕа – Берлин таһыгар гитлеровецтар эшалоннарыгар саба түһүүгэ хоту дойду хоһуун уола автомат уотунан үгүс өстөөҕү суулларбыта. Ол хорсун быһыыта “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.
“Маҥнай утаа тугу да билбэт киһиэхэ омук доҕотторум барахсаттар ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан сэрииһит оҥорбуттара”, — диэн бэтэрээн хойукка диэри махтана саныыра. Кини сэбиэскэй дойду норуоттарын тулхадыйбат доҕордоһууларын сыанатын үчүгэйдик билэрэ.
Эйэлээх үлэ фронугар даҕаны саллаат аатын түһэн биэрбэккэ, дьонун-сэргэтин ытыктабылын ылбыта. Кэргэнэ Евдокия Романовна уонунан сылларга ыанньыксыттаан баран, кэлин оҕо саадыгар үлэлээбитэ, коммунистическай үлэ удаарынньыга. Уоллара Роман, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан кэлэн баран суоппар идэтин баһылаабыта. Кыыстара Маша оччотооҕуга оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэрэ. Биир тылынан Диодоровтар – дьон хайҕыыр дьоһун ыаллара этэ.
Сэмэн Жендринскэй