Арыт хаардыыр, сорох күн тыалырар. Онтон халлаан былытынан бүрүллэн баран тыала, хаара да суох чуумпуран ылар, ичигэс баҕайы күннэр тураллар. Сааскы кэм диэн итинник. Дьэ баччаларга, этэргэ дылы, тыҥ хатыытыттан атыҥ үрдүгэр баар буолуоххун наада, уон атыырыҥ үөрүн кэрийэн кэлиэх тустааххын.
Оттон ол сыһыы муҥунан тоҕуоруһар баайыҥ-дуолуҥ Таатта халдьыа чараҥнарын өрө-таҥнары сыыйан Төлөй быыһыгар тиийэр, Хатылы сиригэр баар буолар. Сорох атыыр үөрэ Бабаҕа үрэҕэр киирэн хаһан аһыы сылдьыа. Атыттар инньэ Мэлдьэхсигэ да түһэн хаалыахтара.
Хас да күн хаамтарарга тиийэҕин. Ол тухары бэйэҥ бэлиэтээбит тойтоҕор кутуруктааххын, алта сыыппара олордуллубут бэчээттэрдээххин барыларын ааҕа, билэ сылдьаҕын. Билигин биэлэр үтүө өттүлэрэ хоруотаан эрэр кэмнэрэ. Ордук баайтаһыннар, тиҥэһэлэр бу туһугар сэрэхтээхтэр. Күһүҥҥүттэн саҕалаан 17 убаһаны арааран аһаппыта. Кэлин икки атыыры уонна икки кырдьаҕас биэ ырыганныах быһыытыйбыттарын эмиэ аһатыыга киллэрбитэ.
Биһиги кэпсиир киһибит Семен Михайлович Седалищев Карл Маркс аатынан Одьулууннааҕы отделениетын сылгыһыта. Оччотооҕуга кини илиитинэн-атаҕынан тутан, сурукка-бичиккэ киллэрэн бэйэтин эппиэтигэр 130 сылгыны көрө-истэ ылбыта ахсыс сылыгар барбыт этэ.
Ити ахтан аһарбыт атыырдарбыт саастарынан тиҥэһэлэр. Биирдэһэ Аммаҕа, иккиһэ Өлүөнэҕэ төрөөбүт буоланнар, сирдэрин-уоттарын атыҥыраабыт уонна ньиэһиҥкэйдик иитиллибит сылгылар хаһыыны тулуйбат курдуктар этэ. Ол эрэн уопуттаах сылгыһыт кинилэр быһыыларын-таһааларын сөбүлүү көрбүтэ. Саас эрдэттэн үөрдэригэр ыытыах буолар уонна “икки хас сылынан үчүгэй төрүөҕү биэрбитинэн барыахтара” диэн эрэллээҕэ.
Хас саас аайы Маҕан Кэрэххэ звено туппут хааччаҕар төрүүр биэлэрин мунньара. Күннэри-түүннэри уочаратынан дьуһуурустуба олохтууллара. Биэлэрин этэҥҥэ төрөтөн, саҥа төрүөҕү ылан, сэлээһиҥҥэ туруналлара. Сылгыларын ити курдук хаста да бэрийэн, ааҕан көрүнэллэрэ.
Семен Седалищев тохсус пятилетка түөрт бастакы сылларыгар сылгыны тыыннаах иитиитин бырыһыана звено, сопхуос орто көрдөрүүтүттэн быдан сабырыйар үрдүгэ. Сүүстүү биэ баһыттан төрүөҕү ылыыта эмиэ ордуга. Кини өссө сылгыһыттаабытын бастакы сылларыгар үчүгэй ситиһиилэнэн НХСБСБ-гар Москубаҕа баран кэлбитэ. Оччотооҕу колхуоһун салалтатыттан, оройуонун үрдүкү тэрилтэлэриттэн ылаттаабыт хас да Бочуотунай грамотанан бэлиэтэммитэ.
70-с сыллар ортолоругар Семен Михайлович 267 кулуну ылан сопхуоһугар туттарбыта, көрөр-истэр сыспай сиэллээҕин 96,4 бырыһыанын тыыннаах ииппитэ. Ол иһигэр төрдүс, тутаах сылга 83 биэтиттэн 80 кулуну төрөппүтэ, сылгытын 97,5 бырыһыанын этэҥҥэ сылын таһаарбыта. Ити аата кулун деловой тахсыыта звено киэниттэн 16 бырыһыанынан үрдүк буолбута.
Пятилетка быһаарыылаах сылыгар да Семен Михайлович олус үчүгэй көрдөрүүлэммитэ. Ол туоһутунан социалистическай куоталаһыы знага буолар. 1974 сыл түмүгүнэн кини түөһүгэр эмиэ итинник наҕараада кэккэлэспитэ. Оттон үс уордьаннаах өрөспүүбүлүкэбит норуотун хаһаайыстыбатын бастыҥнарын слеттарыгар Семен Михайлович Седалищев бочуот үрдүк үктэлигэр тиксибитэ, 1974 сылга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөн сылгыһытын аалай лиэнтэтин кэтэр чиэстэммитэ.
Кини аҕата фашист буулдьатыттан охтубута. “Маннык дьоллоох олоххо олорон өссө үчүгэйдик үлэлиэҕи баҕарыллар”, — диэҕин диирэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ.
Сэмэн Жендринскэй