Өйдөөҕү, үтүөнү, үйэлээҕи тэнитээччилэр (Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга)

Биһиги олорор оройуоммут урут Боотуруускай улууһа диэн ааттанара. Киниэхэ билиҥҥи Чурапчы, Амма уонна Алексеевскай киирэллэрэ.

Өрөбөлүүссүйэ иннинэ Боотуруускай улууһа, Саха сирин атын улуустарын курдук үөрэх, култуура сайдыбатах биир түҥкэтэх сиринэн буолара.

Хаалыылаах, хараҥа сахалары нуучча үрдүк култууратыгар сыһыарарга, кинилэр ортолоругар үөрэҕи-билиини тарҕатарга нуучча прогрессивнай интеллигенцията ураты суолталаммыта. Биһиэхэ сыылкаҕа кэлэн олорбут нууччалар чулуу дьоно-өрөбөлүүссүйэ кыттыылаахтара: Загибалов, Шаганов,

Ионов, Цыценко,

Короленко, Надеев уо.д.а. саха оҕолорун кистээн үөрэппиттэрэ, уһук улуустарга дьон хараҕын аспыттара.

Саха норуотун үөрэтиигэ, кинини үрдүк култуураҕа тардыыга политсыылынайдары кытта сэргэ улахан суолтаны демократическай өйдөөх-санаалаах нуучча учууталлара ылбыттара.

1833-1845 сылларга Дьокуускайдааҕы уезднай училище ыстаатынай көрөөччүтүнэн олорбут Сибиир биллиилээх бэйиэтэ Д.П. Давыдов аан бастаан 1835 сыллаахха Боотуруускай улууһугар оскуоланы аһыаҕыҥ диэн тыл киллэрбитэ. Тойоттор сөбүлээбэккэлэр, оскуола аһыллыбытаҕа.

Кэмниэ-кэнэҕэс, норуот үөрэҕириитэ земстволар илиилэригэр киирбитин эрэ кэннэ, 1872 сыллаахха Чурапчыга оскуола аһыллыбыта. Кини маҥнайгы учуутала нуучча киһитэ Николай Прокопьевич Припузов этэ.

Николай Прокопьевич 1875 сыллаахха күһүөрү сайын Арҕаа Хаҥалас оскуолатыгар көспүтэ. Кини кэнниттэн Иркутскайдааҕы духуобунай семинария иитиллээччитэ Вас Попов учууталынан анаммыта.

XIX үйэ бүтүүтүгэр политсыылынайдар үтүө сабыдыалларынан улуустарга, нэһилиэктэргэ үөрэххэ-сырдыкка талаһыы күүһүрбүтэ. Ол түмүгэр Боотуруускай улууска кэккэ оскуолалар аһыллыбыттара.

1898 сыллаахха тохсунньуга Хайахсыт таҥаратын дьиэтигэр (билиҥҥитэ Кытаанахха) приходской оскуола аһыллыбыта. Онно маҥнайгы учууталынан Солобуда Амматыгар төрөөбүт нуучча бааһынайын уола Илья Корсаков үлэлээбитэ. Кини икки эрэ сыл учууталлаабыта (аҕабыты кытта батыспакка Арыылаахтан көспүтэ). “Нуучча учуутала Арыылаах ыалларыгар оҕуруоту хайдах олордору көрдөрбүтэ”, — диэн бэйэтин ахтыытыгар Арыылаах оскуолатын биир кырдьаҕас учуутала М.К. Попов суруйан турардаах. Илья Корсаков кэнниттэн Арыылаахха Матвей Васильевич Надеин, Сергей Николаевич Мержевич диэн нуучча дьонноро учууталлыы сылдьыбыттара. Арыылаах оскуолатын бастакы үөрэнээччилэриттэн И.Н. Винокуров, А.Ф. Бояров курдук үөрэхтээхтэр иитиллэн тахсыбыттара.

Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи сылларга Чурапчы оскуолатыгар балачча өр кэмҥэ Саха сирин биир биллиилээх худуоһунньуга М.М. Носов үөрэппитэ. “Оскуолаҕа биһиги отучча буолан түөрт бөлөҕүнэн үөрэнэрбит”, — диэн 78 саастаах биэнсийэлээх М.В. Игнатьев ахтыытыгар ааҕабыт. “Михаил Михайлович барыбытын бииргэ үөрэтэрэ. Түөрт уруогу быһа түөрт бөлөҕүнэн дьарыктанар ыарахан быһыылааҕа. Ол гынан баран мин биирдэ да бэрээдэги кэспиппитин өйдөөбөппүн – учууталбытыттан ол курдук толлорбут уонна кинини ытыктыырбыт”. Оччотооҕу сылларга үөрэммит оҕолортонг үгүс үөрэхтээхтэр, саҥа олоҕу уһансыбыт дьон тахсыбыттара: Н.Д. Кривошапкин (Уот Субуруускай), С.А. Саввин (Күн Дьирибинэ), А.А. Саввин уо.д.а.

Дойдуну хаалыттан таһаарар култуурунай өрөбөлүүссүйэ ыарахан, түбүктээх сылларыгар нуучча норуотун биир чулуу уола Георгий Всеволодович Студенцов үгүс сыратын биэрбитэ. Кини оскуола сэбиэдиссэйинэн ананан кэлэн баран, 1922 сыл бандьыыттар куоталларыгар умаппыт оскуолаларын оннугар нэһилиэк аайыттан дьону тардан киллэрэн биир сыл иһинэн тутуллан эрэр оскуоланы ситэртэрэн үлэҕэ киллэрбитэ. Билиҥҥээҥҥэ диэри оҕолору үөрэтэ-иитэ турар Чурапчы кырдьаҕас орто оскуолата онтон ыла төһөлөөх киһини иитэн таһаарбыта буолуой! “Георгий Студенцов дэгиттэр талааннаах учуутал этэ”, — диэн бэйэтин ахтыытыгар Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Н.С. Соловьев суруйар. “Кини үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин улуу нуучча тылыгар уһуйбута. Нуучча тылын куруһуогар Пушкин, Лермонтов, Некрасов, Горькай айымньыларын оҕолорго умсугутуулаахтык үөрэтэрэ. Кылаас таһынааҕы литэрэтииринэй куруһуогу салайара”. Георгий Всеволодович үөрэппит үгүс оҕолоро В.Е. Шестаков, А.Ф. Сидоров, Р.И. Местников, П.Н. Федоров уо.д.а. үөрэх, култуура сайдарыгар кини үлэтин салҕаан үгүһү оҥорбуттара, оройуон биллэр-көстөр дьонунан буолбаттара.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии иннинээҕи, кэминээҕи уонна кэннинээҕи кэмнэргэ олохтоох ыччаты үөрэхтээһиҥҥэ, ордук кинилэртэн учууталлары иитэн таһаарыыга урукку Сталинградскай уобаласка төрөөбүт нуучча киһитэ Виктор Семенович Алехин сыралаахтык үлэлээбитэ. Кини 1925 сыллаахха Чурапчы сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталынан ананан кэлбитэ. 1963 сыллаахха өлүөр диэри Саха сиригэр, үксүн биһиги оройуоммутугар үлэлээбитэ. Саха АССР үтүөлээх учуутала Виктор Алехин чиэһинэй уонна судургу киһи этэ.

Кытаанах, көрдөбүллээх учуутал буолан үөрэнээччилэрин тустаах үлэлэригэр чиэһинэйдик сыһыаннаһарга ииппитэ, ис сүрэхтэн кыһанан үлэлииргэ тус бэйэтинэн холобур көрдөрбүтэ. Элбэх сыллаах сыралаах үлэтин үөрэппит-ииппит ыччаттара сыаналаан, Чурапчы учууталларыттан аан бастаан киниэхэ “Махтанар иитиллээччилэргиттэн” диэн суруктаах пааматынньык туруорбуттара.

Бэйэтин туһунан үөрэппит оҕолоругар олус үчүгэй өйдөбүлү Чурапчы педагогическай училищетыгар кэнники дириэктэрдээн олорбут нуучча үтүөкэн киһитэ Федор Зиновьевич Самарин хаалларбыта. Кини идэтигэр – учуутал үлэтигэр олус бэриниилээҕэ.

Билигин да оройуон оскуолаларыгар ыччаты үөрэтии-иитии уустук дьыалатыгар ахсаабакка үлэлии сылдьар учууталлар элбэхтэр. 1951 сыллаахха учууталлар Клавдия Пименовна Поливкина уонна Александра Васильевна Савельева Саха сиригэр кэлэн педагогическай үлэлэри саҕалаабыттара уонна бу дойдуну таптаан олохсуйбуттара. Сүүрбэттэн тахсалыы сыл Нина Никитична Соловьева, Тамара Владимировна Захарова, Яна Викторовна Алехина биһиги оҕолорбутун улуу нуучча тылыгар, математикаҕа үөрэппиттэрэ.

1960 сылтан кэлэн үлэлээбит Воронеж кыыһыгар Валентина Ивановна Сивцеваҕа 1972 сыллаахха Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын бочуоттаах аата иҥэриллибитэ.

Ити курдук былыр-былыргыттан билиҥҥэ диэри саха норуотун сайдыытыгар, үөрэхтэниитигэр, норуоттар тулхатыйбат доҕордоһуулара бөҕөргөөһүнүгэр улуу нуучча норуотун ньургун дьоно – учууталлар өҥөлөрө уһулучча улахан.

 

Сэмэн Жендринскэй