Улахан күрэхтэһиилэргэ чаҕылхайдык көстөн ааспыт бастыҥ ыспарсымыаннарбыт ситиһиилэрэ – биһиэхэ киһи муҥура суох кыаҕар, дьулууругар эрэниини өссө төгүл чиҥэтэллэр.
Үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр хайыһар успуорда, оройуоммутугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны саҥа сүһүөҕэр туран испитэ. Ол иһин да буолуо, оччотооҕу “бытырыыс курдук оҕолор” бэйэлэрин алаастарын иһигэр баар убайдарын хаҥыл хайыһардарын халтарыталларын ымсыыра-сөҕө көрөллөрө. Оччолорго убайдары кыайыах чугаһынан ким да суох курдуга…
Дириҥ орто оскуолатын сүүмэрдэммит хамаандатыгар Егор Феофанов, Николай Осипов, Николай Дьяконов, Надежда Анемподистова, Прасковья Лукина, Евдокия Кузьмина хайыһары тэтимирэн тэбэллэрэ. Субу-субу тэриллэр оройуон оскуолаларын “ыйдаах-хайдаах” күрэхтэһиилэригэр хайыһар суолугар ордук кэтэһиилээх киһинэн ЕГОР КИРИЛЛИН буолара. Кини хайа да бэйэлээх халдьыаны аҕыйахта атыллаан ааһара, үрдүк сыырдары үрүҥ күдэҥинэн бурҕатан, сылайары билбэккэ сылбырҕатык анньынан, биэтэккэ урут тахсан дьонун-сэргэтин үөрдэрэ. Оо, олус да үөрбүттэрэ, 1956 сыллаахха: “Эр дьон 5 көһү сүүрүүлэригэр 3 чаас 17 мүнүүтэ 3 сөкүүндэ кэлэн Чурапчы оройуонун Дириҥ оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Егор Кириллин өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ылла”, — диэн соһуччу сонун араадьыйанан истэн бараннар. Онно Дириҥнэр Егордара, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх хайыһардьыта Сергей Мончурин 1955 сыллааҕы бастыҥ рекордун 9 мүнүүтэнэн тупсарбыта.
Сайын стадиоҥҥа 1-кы разрядтаах велосипедист Егор Кириллин, бэйэтин кэмигэр тимир аты тилигирэччи тэппит Егор Чиркоевы кытта нэмэх мастыы эрийсэллэрин, харахтаах эрэ барыта хайгыы көрөллөрө. Кинилэр велосипед үрдүгэр түһэн Тааттаҕа ыстаннараллара. Ол көннөрү айан буолбакка, тиийиэхтээх сирдэригэр диэри муҥ кыраадыһынан илин-кэлин түсүһүү, күрэх улахана буоларын, көрбүт дьон сөҕө-махтайа билиҥҥэ диэри кэпсииллэр. Егор 1960 сыллаахха 5 көһү 1 чаас 57 мүнүүтэ 20 сөкүүндэнэн кэлбитэ.
Үһүс разрядтаах чэпчэки атлет орто дистанцияларга үгүстүк оройуон чөмпүйүөнүнэн буолбута. 1964 сыллаахха Эрилик Эристиин аатынан сопхуос лаптаҕа сүүмэрдэммит хамаандата кыайыылааҕынан тахсыбыта. Кини састаабыгар Егор Кириллин эмиэ баара. Дьэ маннык, дэгиттэр сайдыылаах ыспарсымыан оройуонун үрдүк аатын 20-чэ сыл устата араас күрэхтэһиилэргэ эрэллээхтик көмүскэспитэ.
Егор Семенович Дьокуускайдааҕы култуурунай сырдатар училищены бүтэрэн, төрөөбүт колхуоһугар кулууп сэбиэдиссэйинэн үс сыл үлэлээбитэ. Ыччат уус-уран самодеятельноһын бэстибээлигэр элбэхтик кыттыбыта, быһаччы тэрийсибитэ.
Кэлин коммунистическай үлэ удаарынньыга Егор Семенович Кириллин 20-тэн тахса сыл массыына туруулун эрийбитэ. Кини ханнык баҕарар үлэҕэ, эмиэ успуорка курдук, дьүккүөрдээх, бүтэрэн-оһорон эрэ баран уоскуйар туруу үлэһит этэ. Ол да иһин, дьон-сэргэ матхалын, баһыыбатын ылыан ылбыта. Автомеханигынан үлэлиир кэмнэригэр ыччат тиэхэньикэни баһылыырыгар бары күүһүн-кыаҕын ууран, эдэр механизатордарга баай уопутуттан, билиититтэн иҥэрэргэ сыраласпыта, тимир миҥэлэри тэһииннииллэригэр көмө-тирэх буолбутун этэ да барыллыбат.
Чулуу хайыһардьыт бэйэтин ситиһиилэринэн өттөйөн кэпсии-ипсии сылдьарын, биитэр “көр эрэ, эдэр эрдэхпинэ…” диэн тыллары туттарын ким даҕаны истибэтэҕэ. Бу Егор киһи быһыытынан сэмэйин туоһулууллар.
Егор Семенович Кириллин – хайыһар улахан маастара, Чурапчы оройуонуттан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы чөмпүйүөн!
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ