Субуруускай аатынан сопхуос Соловьевтааҕы отделениетыгар уопсастыбаннай сүөһүттэн ылыллар үүтү-аһы дэлэтиигэ, үлэ бу учаастагын өрө тардыыга бары дьоҕурун ууран үлэлээбит биир кырдьаҕас бастыҥ оробуочайынан Елена Кронникова буолар.
Елена Николаевна манна сүүрбэттэн тахса сыл ыанньыксыттаабыта. Нэһилиэгэр икки тыһыынчалаах кирбиини бастаан кини ылбыта. Сүөсүһүт ленинскэй Үбүлүөйүнэй мэтээлинэн, 1973 сылга социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Коммунистическай үлэ удаарынньыга пятилетка 1974, тутаах сылыгар хас биирдии фуражнай ынаҕыттан 2000 киилэ оннугар 2260-ну ылан, отделениетыгар үһүс көрдөрүүлэммитэ. Кини үлэлиир Арыттаах Хотон ферматын комсомольскай путевканан кэлбит эдэр ыанньыксыттара Елена Николаевнаны кыһамньылаах настаабынньык быһыытынан астынан туран кэпсииллэрэ.
Баартыйаҕа, сэбиэскэй норуокка ССКП Киин Кэмитиэтин Ыҥырыытыгар дьыаланан хардаран, ыанньыксыт бэйэтин көрдөрүүтэ өссө үрдүүрүгэр, салайар кэлэктиибин үлэтэ тупсарыгар бары күүһүн ууран туран үлэлээбитэ.
Ийэтин туйаҕын хатаран, төрөппүт кыыһа Мария Филипповна Кронникова билигин улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччынан бэрт таһаарыылаахтык, үлэтигэр бэриниилээхтик, кыһаллан-мүһэллэн туран, төрөөбүт оройуона чэчирии сайдарын туһугар үлэлии-хамныы сылдьар.
Сэмэн Жендринскэй