Дьокуускайга куоракка муус устар 3—5 күннэригэр XXIV-с өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар мунньахтара ыытыллаары турар.
Манна туһааннаах салааларга 18-тан 40-гар диэри саастаах ааптардар итиэннэ атын көрүҥнэргэ сааһыттан тутулуга суох талыллыбыт айымньылаах суруйааччылар кыттыыны ылыахтара. Үлэлэрин кэтэхтэн көрүү барыллааһын түмүгэ таһахсыбыта. Биһиги Чурапчыбыт улууһуттан сэттэ суруйааччы кыттыыны ылара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий?
Наталья Иванова , нуучча тылынан хоһоон (Одьулуун нэһилиэгэ)
Мария Винокурова-Мааны Маарыйа, оҕо уонна эрдэҕэс саас литэрэтиирэтэ (Кытаанах нэһилиэгэ)
Светлана Егорова-Габышева-Тулуйхаана, оҕо уонна эрдэҕэс саас литэрэтиирэтэ (Хоптоҕо нэһилиэгэ)
Марфа Артемьева-Алтаана Кэрэ, сахалыы тылынан хоһоон (Хадаар нэһилиэгэ)
Сардаана Корякина-САРДААНА, сахалыы тылынан прозаҕа (Чурапчы нэһилиэгэ)
Римма Корякина-ХОТУУНА, драма жанра (Чурапчы нэһилиэгэ)
Василий Петров-ЖИВОЙ, нуучча тылынан прозаҕа (Чурапчы нэһилиэгэ)
Биир дойдулаахтарбытыгар барыларыгар төрөөбүт төрүт үгэстэрбитин, ийэ тылбытын-өспүтүн, сурукпутун-бичикпитин араҥаччылыырга, салгыы сайыннарарга анаммыт кэскиллээх айар үлэлэригэр, тус олохторугар ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарыаҕын.
Сэмэн Жендринскэй