Өбүгэ үгэһин салҕааччы ытык киһиэхэ ыалдьыттаатыбыт

Кыһыны быһа ыра санаа оҥостубут санаабытын толоро, атырдьах ыйын 12 күнүгэр буруо, буор быыһынан,  ытык Таатта сиригэр тоҕус үрүйэ тоҕуоруһан киирэн тоҕус тоҕой сэлэни чэлгиппит,  тоҕус томтордоох тойон Баайаҕа сиригэр- уотугар,  саха омук ойуутун-дьарҕаатын үйэтиппит этнограф, худуоһунньук, өркөн өйдөөх бөлүһүөк, айыы тыллаах  сээркээн сэһэнньит, дьоро  түгэннэр дьоһуннаах алгысчыттара,   сөҕүрүйбэт күөртээх уус, уһуйааччы, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын,  СӨ духуобунаһын академиятын академигын, норуот маастарын, ытык киһини Борис Федорович Неустроевы- Мандар Ууһу көрсөр бүөмчү санаалаах сарсыарда эрдэттэн айан суолугар туруннубут.

Эрдэ болдьоспуппут курдук, айаммыт суолун бастаан Мандар Уус кыһатыттан саҕалаатыбыт, бу дьиэ хаһаайката, салайааччыта Прасковья Петровна кэлэрбитин кытта тахсан көрүстэ, биһиги ханна киирэрбитин быһаарсан баран массыынабытыгар тиийэн сахалыы таҥаспытын таҥнан- симэнэн тэлгэһэҕэ киирэрбитигэр Борис Федорович үөрбүт- көппүт мичээрдээх көрсөн барыбытын кытта истиҥник илии тутуһан, — «саха мааны таҥаһын кэппит кырасыабай да далбардар кэллилэр»-диэн сүргэлиин көтөҕүллэн көрүстэ.

Дьиэҕэ киирэн уһанар хостору, иис хоһун Прасковья Петровна сиһилии кэпсии-кэпсии көрдөрдө, манна өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан сайыҥҥы кэмҥэ оҕолор лааҕырга кэлэн уһанан, үөрэнэн элбэҕи бэйэлэригэр иҥэринэн бараллар эбит. Быйыл сайыҥҥы сезоҥҥа түөрт лааҕыры  үлэлэппиттэр.

Манна  былыргы саха уустара хайдах уһаммыттара, тугунан тутталлара инструменнара оһохторо барыта баар эбит, оҕолор аҥардас уһанар кистэлэҥэр эрэ үөрэммэккэ, урукку  олорон ааспыт уустар туттубут тэриллэрин, билэ-көрө кинилэр олохторун историятын кытта билсиһэн, элбэҕи билэн-көрөн бараллар эбит.

Билигин үгүс төрөппүт оҕото  3, 4 саастарыгар дылы саҥарбаттарын, хайдах гынан саҥардарга үөрэтиини Борис Федорович тобула сылдьар эбит (үгүс ийэ,  аҕа, эбэ, эһэ кэлэ сылдьыбыттар ити боппуруос сүнньүнэн).

Борис Федорович оҕону кытта кэпсэтэн, олоҥхону үөрэтэн, кинигэни аахтаран саҋыннарыахха наада диир, биир ньымата оҕону кыра сааһыттан кумааҕы харандаас биэрэн уруһуй  нөҥүө билиитин көрүүтүн сайыннарарга этэр. Кыра оҕо уруһуй нөҥүө фантазията сайдан  бу уруһуйдаабыт уруһуйун кэпсии үөрэнэр диир. Кырдьыга да, үтүө киһи ыллыктаах тыла,  кэнэҕэски кэнчээри ыччаппытын сырдыкка-кэрэҕэ уһуҋуу биир төрдүн биһиэхэ ыраас илиискэ ууран биэрэр.

Бу уус кыһатын үлэтин-хамнаһын, ситиһиитин көрөн-истэн, билсэн баран, ытык киһибитин кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит.

Борис Федорович  арыллан бэйэтин олоҕун, үлэтин-хамнаһын сырдатта, инники былааннарын кэпсээтэ, эппитим курдук, оҕону олоҥхо, уруһуй нөҥүө сайыннарыахха наадатын сиһилии кэпсээтэ, бэйэбит да билбэппитинэн уһуннук кэпсэтэн дуоһуйан, Борис Федорович  алгыһын ылынан, салгыы Этнологическай мусуой комплексыгар айаннаатыбыт.

Мусуой дириэктэрэ Николай Иванович  утары көрүстэ. Киирэн олорон бу мусуой хаһааҥҥыттан төрүттэммитин, туох сыаллааҕын-соруктааҕын  иһийэн олорон иһиттибит, көрдүбүт. Мусуой төрүттэниитигэр, кэнэҕэһин кэҥииригэр араас өрүттээх үлэлэр ыытыллалларын СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өйүүрүн астына, киэн тутта кэпсээтэ.

Саха быһаҕа, сэриитин сэбэ ууруллбут саалатын, булчуттарга аналлаах сааланы, Саха тыыннаах музыкатын инструменнарын көрдүбүт-иһиттибит.Бу Баайаҕа ыччата Герман, Клавдия Хатылаевтар сайын аайы манна кэлэн оҕолору тыыннаах музыкаҕа уһуйан, ыллата үөрэтэн лааҕыр үлэлэтэллэр эбит.

Мусуой историятын кэрэһэлиир  үйэтитэр архыып библиотека хоһугар киирэн  Борис Федорович  таһааттарбыт кинигэлэрин көрөн астынныбыт, сөхтүбүт.Үйэлээх үлэни, көрүүтүн-истиитин дьоҥҥо сэргэҕэ тиэрдэ сатыырын астынныбыт. Салгыы туоһунан аттарыллан оҥоһуллубут Моҕол ураһаҕа киирэн, дьоммут-сэргэбит  муударай өйдөрүнэн салайтаран, бу үлүгэрдээх улахан үлэни оҥорбуттарын сөҕө-махтайа көрдүбүт, сахабыт көмүс тарбахтаахтарынан киэн тутуннубут, бу ураһа ис бараана балаҕан иһин санатар, ортотугар уот  оттор  оллоон онно барыта урукку кэмтэн кэлбит, биһиги дьоммут туттубут маллара баара сөхтөрөр, төгүрүччү наара ороннор, ол үрдүгэр туоһунан  таҥаһынан тигиллибит кэриэтэ араас дьэрэкээн ойуулаах, оһуордаах паннолар ыйаммыттар,  ураһа аҥар өттө эр киһи сытар наараларыгар араас түүттэн  аттарыллан көрүөхтэн кэрэ суорҕаннар, тэллэхтэр, сыттыктар ууруллубуттар, манна барытыгар ииһи-күүһү баһылаабыт сэмэй саха дьахтарын үлэтэ-хамнаһа көстөр.

Баҕанаҕа эр киһи толору соно, бэргэһэтэ  ыйаммыт.

Кыыс оҕоҕо аналлаах наараларга  эмиэ араас кыыл тириититтэн тигиллибит сып-сымнаҕас кэрэ оҥоһуулаах суорҕаннар, тэллэхтэр, сыттыктар тэлгэммиттэрин көрө астынаҕын. Итиннэ эмиэ кыыс оҕо сахалыы толору таҥаһа ыйанан турар.

Биһиги маастар дьахталларбыт түҥ былыргы ииһи үөрэтэн, тупсаран тикпиттэрэ харахха быраҕыллар.

Көрбөтөхпүтүн көрөн, астынан, дуоһуйан  бу биир дьоллоох күммүтүн түмүктээтибит.

Ыаллыы Таатта улууһун ытык киһитигэр убаастабыллаах Борис Федоровичка, кэргэнигэр Федора Борисовнаҕа, мусуой комплексын үлэһиттэригэр Парасковья Петровнаҕа, Николай Ивановичка, эдэркээн исписэлиистэргэ тугунан да кэмнэммэт үлэлэрэ-хамнастара ыраахха дылы иһиллэн дьону-сэргэни түмэ, умсугута турарыгар, сөҕүмэр инники былааннара, көрүүлэрэ туоларыгар, чөл доруобай буолууну, ситиһиини баҕарабыт!

Тыала уларыйан дуу, биһигини арчылаан дуу, халлаан ып-ыраас буолан кэрэ айылҕаны  көрө астынныбыт.

Бу айаммытыгар суоппарбытыгар Роберт  Харитоновка бэрт үчүгэйдик, санаа хоту илдьэ сылдьыбытыгар, сылаас сымнаҕас айаныгар ис сүрэхтэн ийэлии, эбэлии махталбытын тиэрдэбит. Айанын суола көнө, күөх уоттаах, махталлаах пассажирдаах буол диэн алгыыбыт.

 

Клара- Уус кыыһа.

Чурапчы