Эбэ Маайа биһиги эбэбит Ньукуу Настаа чугас дьүөгэтэ буолар. Ол да иһин биһиги аччыгый эрдэхпититтэн кинини билэн, эбэ оҥостубуппут быданнаата. Ордук, эбэбит Настаа күн сириттэн күрэниэҕиттэн, эбэ Маайа биһиэхэ эбэбитин санатар, кини сылааһын, тапталын өйдөтөр. Эбэ Маайа эмиэ биһиги эбэбит Настаа курдук эйэҕэс майгылаах, олус элэккэй, сырдык киһи. Аны айылҕаттан анаммыт ураты чаҕылхай куолаһа, оһуохайын үҥкүүтэ бар дьон кутун-сүрүн ортотунан киирэр.
Эбэ Маайа эйээрэр куолаһа, эймээрэр майгыта, самаан сайын салаллан кэллэр эрэ, Саха сирин араас алаастарыгар, Ыһыах ыһыллар ыраас ырааһыйаларыгар, тунах Ыһыах томтойор түһүлгэлэригэр, тохтор тойуга толору иһиллэр, кылыгырыыр кылыһаҕа кырдалтан кутуллар, дьоллоох дьуохара дьоннору доҕутар, омуннаах оһуохайа олоҕу олорор, ыраахтан даҕаны ыҥыра угуйар, чаҕаарар күөмэйэ сүргэни көтөҕөр, саха киһитин нохтолоох тойон сүрэҕин долгута үөрдэр.
Мария Николаевна Викторова диэн ааты иһиттэхпинэ, мин тус бэйэм тутатына, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут, хатыҥнардаах-чараҥнардаах, хампа-солко алаастардаах, тоҕус томтордоох Чурапчы чугдаарар оһуохайын, этигэр-хааныгар иитиэхтээн илдьэ сылдьар, өйүгэр-санаатыгар уйалаан угуттуу сылдьар ийэлээтэр Ийэтинэн ааҕабын. Чахчы, эбэ Маайа — Чурапчыбыт оһуохайын Ийэтэ буолар. Кини тарбаҕыттан тардыһан, кини тоҥолоҕуттан тутуһан, кинини кытта күн тула эргийэ хааман, оһуохайын үҥкүүтүн үтүктэн, кини түһүлгэтигэр киирэн, дьуохары таптаабыт оҕо да, дьахтар да үгүһэ буолуо. Биһиги балтыбынаан Сайааналыын отой кыра эрдэхпититтэн ийэбитин Зинаида Николаевнаны кытта сиэттиһэ сылдьан, эбэ Маайа оһуохайын ордорон истэбит, талааныгар сүгүрүйэбит, кини үҥкүүтүгэр сүүрэн тиийэн, кэккэлэһэ хаамабыт, холобур оҥостобут.
Эт эрэ сүрэхтээх сөҕүөх-махтайыах тустаах, эбэ Маайа бачча ытык сааһыгар да сырыттар, сырыыта сымсаабатыттан, айана аҕыйаабатыттан, ыллыга ыгылыйбатыттан, алыс үчүгэйдик, аргыый наллаан, төрөппүт кыргыттарын тапталларыгар сиэттиһэн, ыһыахтары кэрийэн түһүлгэтин төрүттүүрүттэн. Эбэбит Маайа эдэр киһитээҕэр эрэ элбэх төгүл эрчимнээх эһиэхэйдээх, оҕо эрэ дьоннооҕор уон ордуга омуннаах оһуохайдаах. Кини чугдаарар чуораан курдук куолаһа чаҕаара сылдьарыгар кыргыттарыгар махталбытын тиэрдэбит.
Онтон эбэбитигэр Маайаҕа баҕарабыт чөл туругу. Өссө даҕаны кэлэр кэнчээри ыччаттаргын кытта ыксалаһа хаамаҥҥын, ырыан-тойугун дуорайдын, оһуохайын үҥкүүтэ олоҕурдун.
Настя, Сайаана, Зинаида Алексеевтар дьиэ кэргэн