Бэҕэһээ, кулун тутар 30 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин “Айылгы” НАДь-гэр “Добун дорҕоон түһүлгэтэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл Х-с төгүлүн ыытылынна. Бырайыак ааптардарынан “Халлааҥҥа үрдэл” бөлөх салайааччыта Айсен Борисов уонна “Айылгы” НАДь-тин тыаска-ууска исписэлииһэ Гаврил Лыткин буолаллар. Быйылгы бэстибэл бэйиэт, рок-ырыаһыт, инноватор-педагог Николай Максимович Сибиряков сырдык кэриэһигэр ананна.
Сылтан-сыл аайы “Добун дорҕоон түһүлгэтэ” хабар иэнэ улам кэҥээн бу сырыыга уопсайа 19 бөлөх кэлэн ыллаан-туойан, көрөөччүгэ тыыннаах доҕуһуолу бэлэхтээтилэр. Ол курдук, оҕолор бөлөхтөрүгэр Хатас бөһүөлэгиттэн “Айар суол”, Амма улууһуттан “Дьүкээбил”, Таатта улууһуттан “Эклипс”, Орто Халыма улууһуттан “Эрэл”, Чурапчы нэһилиэгиттэн “Тоҕус Томтор”, Усуйаана улууһуттан “Тумат”, Сунтаар улууһуттан “Алтын Куо”, Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгиттэн “Сырдык күүс”, Сунтаар улууһуттан “Кэрэли”, Амма улууһуттан “Ыллыктар”, Сунтаар улууһуттан “Айтал”, улахан дьон бөлөҕөр Чурапчы нэһилиэгиттэн “Күөрэгэй”, Дьокуускай куораттан “60/1”, Амма улууһуттан “Ой дуо”, Дьокуускай куораттан “Хэппи Чак”, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан “Ырыаллан”, Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгиттэн “Кыл түгэнэ”, Чурапчы нэһилиэгиттэн “Толбон”, Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгиттэн “Дуораан ситимэ” улахан гала-кэнсиэртэригэр саала иһэ өрө ньиргийэн олордо.
Бэстибээл дьүүллүүр сүбэтигэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, “Табык” рок-бөлөх салайааччыта Дмитрий Попов, “Чороон” ВИА бастакы солиһа, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Петр Макаров, РФ физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, 70-80-с сылларга Чурапчы улууһугар ВИА пропагандиһа Виктор Дьяконов, 70-80-с сылларга Чурапчы улууһугар ВИА пропагандиһа Иван Дягтярев, СӨ култууратын үтүөлээхз үлэһитэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Виктор Стручков үлэлээтилэр. Дьоро түгэн үөрүүлээх чааһыгар киирии тылы Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев уонна Николай Сибиряковы кытары биир кэмҥэ алтыспыт табаарыһа Виктор Дьяконов эттилэр.
Түмүккэ кыайыылаахтар уонна анал аат бэлиэ хаһаайыттара ааттаннылар: “Кэскиллээх гитарист” анал аат Сунтаар улууһуттан Айтал Серкан Семенов (Мэхээс Сэмэнэп төрөппүт уола), “Бастыҥ охсор доҕуһуол” анал аат Орто Халыматтан Ангелина Муханова, Дьокуускайтан Дмитрий Данилов бэлиэтэннилэр. Оҕолорго 2-с степеннээх дипломант — Таатта улууһуттан “Эклипс”, Сунтаар улууһуттан “Кэрэли” бөлөхтөр, улахан дьоҥҥо 3-с степеннээх дипломант – Дьокуускай куораттан “60/1”, 2-с степеннээх дипломант – Дьокуускай куораттан “Хэппи Чак”, 1-кы степеннээх дипломант Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан “Ырыаллан” бөлөхтөр ааттаннылар. Оҕолорго 3-с степеннээх лауреатынан Усуйаана улууһуттан “Тумат”, 2-с степеннээх лауреат Сылаҥ нэһилиэгиттэн “Сырдык күүс”, 1-кы степеннээх лауреат Амма улууһуттан “Ыллыктар” бөлөх буоллулар. Николай Сибиряков аатынан Чурапчытааҕы үөрэх управлениетын 5000 солк сэртэпикээтэ Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын үөрэнээччилэриттэн састааптаах “Тоҕус Томтор” бөлөххө (сал. Георгий Барашков) ананна. Улахан дьоҥҥо 3-с степеннээх лауреаттарынан Хайахсыт нэһилиэгиттэн “Дуораан ситимэ”, 2-с степеннээх лауреаттарынан Чурапчы нэһилиэгиттэн “Толбон”, 1-кы степеннээх лауреаттарынан Амма улууһуттан “Ой дуо” бөлөхтөр буоллулар.
Кылаан кыайыылаахтарынан оҕолорго иккис сылларын Орто Халыма улууһуттан “Эрэл” бөлөх онтон улахан дьоҥҥо Сылаҥ нэһилиэгиттэн “Кыл түгэнэ” бөлөхтөр ааттананнар 50-ну тыһыынча солкуобай уу харчынан наҕараадаланнылар.
«Биһиги 10-с кылааска үөрэнэбит «Эрэл» бөлөхпүт 2018 сыллаахха тэриллибитэ, мин бэйэм быйыл саҥардыы кэлбитим. Былырыынҥы Добун дорҕоон түһүлгэтигэр эмиэ кылаан чыпчаал буолбуттара. Салайааччыбыт Владимир Киприянов. Чурапчы улууһа наһаа үчүгэй дьонноох-сэргэлээх эбит, улахан баҕайы сир эбит, биһиги кыракый дэриэбинэ буолуо дии санаабыппыт, улахан зданиелары, үчүгэй маҕаһыыннары көрөммүт астынныбыт. Кыратык экскурциялаабыппыт, кыраһыабай, үчүгэй нэһилиэк эбит, сөбүлээтибит. Дьон сыһыана истиҥ, кыттааччылар чаҕылхайдар, күүстээхтэр. Галаҕа бэйэбит олохтоох ааптарбыт тылларыгар «Уол оҕото» диэн ырыаны толордубут«, — диэн кыайыылаах бөлөх солиһа Олеся Третьякова санаатын үллэһиннэ.
Киһи үөрэрэ диэн бу ааттаммыт 19 бөлөхтөн – 11-рэ оҕолор бөлөхтөрө, бу аата тыыннаах муусука инникилээҕин, кэскиллээҕин, салҕанан бара турар аналлааҕын көрдөрөр.
Маннык улахан түһүлгэ инникитин кыттааччыта уонна истээччитэ үксээн иһиэҕин баҕарыллар. Саха мусукааннара баалларын тухары – тыыннаах дорҕоон дуораһыйа оонньонуоҕа.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ