Сылын аайы үгүс киһини “ханнык үүнээйини, хаһан олордобутуй?” диэн боппуруос үүйэ-хаайы тутар. Сорох дьон бэйэлэрэ үүнээйи эбэтэр интэриниэт маҕаһыыныттан сиэмэлэри сакаастаан атыылаһаллар, сиигирдэн, силис тартаран буорга анньан бүөбэйдииллэр, көрөллөр-истэллэр. Оттон үгүспүт, халлаан сылыйдаҕына Чурапчыбыт нэһилиэгэр “Сибэкки бырааһынньыгар” үмүөрүһүөпүт турдаҕа.
Чурапчы улууһугар элбэх, сиэдэрэй үүнээйини олордор, улахан уопуттаах оҕуруотчуттар үгүстэр. Кинилэртэн биир бастыҥнара Терентий Дьячковскай төрөппүт кыыһа Розалия Сухаринова буолар. Иннигэр быһа түһэн эттэххэ, Чурапчы улууһугар үүнээйини олордуу кэккэ уустуктардаах, манна атын оройуоннарга курдук чугас эргин кырылас кумаҕы, туттахха арыы-сыаҕа тэҥнээх хара буору хантан даҕаны булбаккын, бас быстар сыанатыгар атыылаһарга эрэ күһэллэбит. Аны эбиитин кыһыммыт тымныыта, сайыҥҥы уот куйаас, кураардаҕына, быылырдаҕына, сайыҥҥы уубут турбата алдьаннаҕына эппиккэ диэри оҕуруот эрэ, туох эрэ, барыта умнууга хаалар.
“Бэйэм олох эдэр эрдэхпиттэн үлүһүйэн тураммын оҕуруот олордуутунан дьарыктанабын. Сөбүлүүбүн. Онтон 2008 сылтан ыла киэҥник, дьоҥҥо атыылыыр гына олордон саҕалаабытым. Үүнээйилэрбин инньэ ахсынньы ыйыттан олордон саҕалаабытым, көрөрүн курдук бэйэм олорор-сытар да сирим суох. Дьоннор миигин “Клубника Роза”, “Сибэкки Роза”, “Арассаада Роза” о.д.а араастаан ааттыыллар. Онтон бэйэм Тэрэнтэй кыыһынабын”, — диэн Розалия Терентьевна күлэ-күлэ сэһэргээн барда.
Ханнык кэмҥэ олордор ордугуй?
Олунньуга
Биһиги усулуобуйабытыгар, Чурапчыга холобура бу ыйга перец, баклажан, өр сыллаах дьэдьэннэри, сибэккилэртэн “Виола”, “Анютины глазки” эмиэ олордон саҕалыахха сөп. Дьиэ иһигэр оҕурсууну да үүннэриэххэ сөп, иккини-үһү, түннүк таһыгар олордор үчүгэй. Билигин “Космея” сиэмэнэн эрэ ыстаххына үүнэр, ыам ыйыгар холобура астаххына сибэккилээбэккэ хаалар.
Кулун тутарга
Кубулҕаттаах кулун тутар ыйын саҕаланыытыттан, эрдэ сииргэ диэн помидордарын олордоҕун, оттон сибэккилэртэн “Астра”, “Флокс”, эрдэ сибэккилэтиэххин баҕардаххына 25-с чыыһылаттан эҥин саҕалаан “Бархатцы” үүннэриэххэ сөп. Бэйэбин наар сибэккилээхтэри көрдүүр буоланнар кулун тутар 25-тэн олордобун.
Муус устарга
Бу олус табыгастаах ый буолар, тугу баҕарбыккытын олордуоххутун сөп. Үгүстэр холобура подсолнух олордон саҕалыыллар. Кэлин дьоннор арбууһу, дыняны, тыкваны олордуунан үлүһүйэр буолла. Эрдэ сииргэ диэн 20-с чыыһылаттан оҕурсуу ханнык баҕарар көрүҥүн үүннэриэххэ сөп.
Ыам ыйа
Биллэн туран, күөххэ үктэнэр кэммитигэр оҕурсуубут, кабачокпут, кукурууза туохпут барыта үүнэр, ситэр кэмэ. Онон убаастабыллаах оҕуруоту таптааччылар сүрэхтээх буолуҥ, куттаммакка үүннэрэн иһиҥ.
Үүнээйи сиэмэтин ханнык ньыманан таттарар ордугуй?
Биир бэйэм “НВ-101” диэни туһанабын, онно холобура 2 эҥин күн сиигитэн бараммын ыламмын олордон кэбиһэбин, олох боростуойдук.
Пикирование
Бу ньыманы наһаа сөбүлүүбүн. Итиннэ эмиэ тугу даҕаны уустугурдубаккабын биирдэ туһаныллар стаканчиктары туһанабын, онтон арыый даҕаны силиһэ улаатыыта арыый улахан иһиттэргэ көһөрөн иһэбин, улахаттарга көһөртөөн иһэбин.
Түргэнник үүнэллэригэр усулуобуйаны тэрийии
Буорун бэлэмнээһин
Биир үгүс, уруккулуу, теплицэ буорун туһанабын. Перегной гынан баран үс сыл эҥин буолбут буору туһанабын. Холобура аһары сааҕы туһаннахха, холобура, “Петуниялар” араҥастыйан, устунан хлоростаан бараллар. Ол иһин уһун кэмҥэ сыппыт хара буору туһаныахха наада. Итиннэ эбии маҕаһыын буорун ыламмын эбэбин, онно үксүн “Терра Витаны” туһанабын, киниэхэҕэ биир курдук перлиттээх, итини таһынан ханнык баҕарар үүнээйи маҕаһыыныгар брекеттэр атыыланаллар (7-12 лиитэрэлээх), кинилэри буорбар кутабын, буккуйабын. “Петуняларга” – классман торф, агробал-в кутар үчүгэй.
Куорабы, иһити бэлэмнээһин
Үүнээйилэри таһырдьа таһаардахха хара буор, өрүс кумаҕа, итини таһынан сороҕор перлиттээччибин. Куорап аллара өттүтүгэр линолиум эҥин тэлгэтэн бараммын буорбун кутааччыбын, сыыс от тахсыбатын курдук үчүгэйдик тутар. Сорохтор лутрасилы тардаллар.
Ууну кутааһын
Холобура, үүнээйилэрбитин теплицэҕэ таһаардахпытына, күнэ суох кэмҥэ лейканан ууну кутар ордук. Онтон күннээх кэмҥэ, аһары хаппыт буоллахтарына кытыытынан ууну элбэҕи кутабын. Оттон бу билигин, дьиэ иһигэр турар кэмнэригэр хаар уутун “грушанан” оботторон бараммын сиигирдэбин. Хаар уута, муус уутунааҕар быдан туһалаах, иҥэмтиэлээх.
Үүнээйини аһатыы
Арассаада кэмигэр биир бэйэм үүнээйилэри олох аһаппаппын. Кини бэйэтин хаамыытынан үүнэр. “НВ-101” наар туһанабын, итини кытары “Фитоспорин-М” туттабын, маны кып-кыратык ууга суурайаҕын.
Бу балары кыра эрдэхтэринэ кутар үчүгэй, кэмиттэн-кэмигэр эрэ, тоҕо диир эбит буоллахха оннук-маннык үөн үөскүөн сөп. Ууну күүскэ халытар наадата суох, күн аайы, кыра-кыралаан сиигирдэ сылдьаҕын. Биллэн туран наһаа үлэлээх, сыра бөҕөтө барар. Сибиэһэй сааҕынан оҕурсууну, кабачогу аһатар олус туһалаах, ити бириэмэ көрдөрбүт үөрэҕэ. Онно дьэ, баллачча биир биэдэрэ сааҕы диэн буолбакка, кыракый ньуоска мээрэйинэн ыраас уулаах иһиккэ кутан, онно дэлби суурайан (чэй өҥүн курдук буолуор диэри) бараҥҥын аһатыаххын сөп. Итини таһынан күлүнэн, сымыыт хаҕынан аһатар үчүгэй.
Буорун көбүтүү
Холобура, арассаада буора наһаа хаппыт, куурбут эбит диэн санаатаххына, тиис хастар палочканан кыратык анньыалаан көбүтэн биэриэххин сөп. Онтон теплицэҕэ таһаардахха, оҕурсууҥ буора оннук хаппыт соҕус диэтэххинэ кыра маһынан хаһан, син биир салгыны оонньотор, салгылатар ордук.
Сөптөөх уотунан сырдатыы
Дьиэ иһигэр бу, анал профессиональнай, үүнээйигэ диэн анаммыт неоновай лаампалар, сырдык, кыһыл өҥнөөх диэн арахсаллар. Бу лаампалары 12-14 чаас холбуубун, онтон түүнүн араарабын, тоҕо диэтэр үүнээйилэр эмиэ дьоннор курдук утуйаллар, сынньаналлар уонна үүнэллэр. Холобура, бэйэм сарсыарда 7 чаастан холбоотохпуна, киэһэ 21 чааска араарабын.
“Билиҥҥи үйэҕэ баҕас, сүрэхтээх киһи тугу барытын үүннэрэр кэмэ. Үлэлиэххэ эрэ наада”, — диэн Розалия Терентьевна олус сөпкө бэлиэтиир. Нэһилиэкпит биллэр оҕуруотчута номнуо сакаас бөҕөлөөх олорор эбит, ол эрэн дьоҥҥо-сэргэҕэ ыам ыйын 15-тэн атыылаан саҕалыам диэн эрэннэрэр.
Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй