Биһиги оройуоммут дьоно-сэргэтэ хаһан да умнубакка, мэлдьи сылаас, намыын тылынан ахтар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн номоҕо оҥостор дьонноруттан биирдэстэринэн Бүтүн Сойуустааҕы Киин Ситэриилээх кэмитиэт чилиэнигэр тиийэ үүммүт Степан Захаров буолар.

Степан Тихонович 1885 сыллаахха оччотооҕу Төлөй нэһилиэгин түҥкэтэх алааһыгар тиийиммэт-түгэммэт дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ыраахтааҕы былааһын саҕана итинник төрүттээх-уустаах киһи хайдах дьылҕаланара биллэр: оскуола паартата диэҥҥэ олорботоҕо, бэрт кыра сааһыттан баайдарга эт-тирии баранар ыарахан үлэтигэр миккиллибитэ.

Кини бэрт номоҕон, көрсүө, аҕыйах саҥалаах киһи этэ. Ол эрээри тыла-өһө лоп-бааччы, мөккүһүннэрэ барбат курдук ылыннарыылаах, ис-киирбэх этэ. Дьоно-сэргэтэ, ити иһин буоллаҕа, бэркэ астыналлара. 1920 сыллаахха Төлөй үлэһит дьоно, баай-төрүт дьоннору былаастан туоратан, нэһилиэк салалтатын бэйэлэрин истэриттэн быыбардыыр уустук боппуруос тирээбитигэр ревком бэрэссэдээтэлинэн Степан Тихоновиһы тылыыларыгар төрүөтүнэн дьэ ити буолбут буолуохтаах.

Оччолорго ревкомовецтар сүрүн түбүктэринэн улуус ревкомун сорудаҕынан нэһилиэктэн арыыны, эти, итии таҥаһы хомуйуу, суһал наадаларга көлө тардыыта, дьадаҥы дьон интэриэстэрин көмүскээһин буолаллара. Ревком бэрэссэдээтэлэ Захаров ити сорудахтары, үксүн баайдарга сүктэртээн, куолутунан лоп-бааччы бириэмэтигэр толортуура. Онон улууска көнө суобастаах, көхтөөх ревкомовецтартан биирдэстэринэн ааҕыллыбыта. Ити сылдьан бэйэтин олоҕун биир саамай кэрэ бэлиэ түгэнин көрсүбүтэ: уон улуус дьадаҥыларын кэмпириэнсийэтигэр кыттан, өрөбөлүүссүйэ сирдьитэ В.И. Ленин саха норуотугар ыыппыт алгыс телеграмматын биир бастакынан истэр дьолломмута. Ити кэнниттэн кини чахчы кынаттаммыт курдук буолбута. Ильич алгыс тылын нэһилиэгин дьонугар тиэрдэн, кэмпириэнсийэ уураахтарын олоххо киллэриигэ эрчимнээхтик ылсыбыта.

Биллэрин курдук, ити кэмҥэ ыраахтааҕы офицердара уонна олохтоох саха баайдара Сэбиэскэй былааһы утары өрө турууну тэрийбиттэрэ. Үрүҥэр Степан Тихоновиһы хаайбыттара. Кыыллыйбыт бандьыыттар муҥнаабыттара, сордообуттара, кырбаабыттара, сэбиэскэй былааска эттиин-хаанныын бэринэн үлэлээбит ревкомовеһы саа уоһугар туруоруохтара чуолкай этэ. Ону дьон-сэргэ бэйэтин тапталлаах уолун көмүскээн айдаарыыта тохтоппута, нэһилиэгэ мэктиэҕэ ылбыта.

Үрүҥ бандьыыттары үлтүрүппүт кэнниттэн Сэбиэскэй былааска дьиҥ бэриниилээҕин көрдөрбүт Степан Тихонович үлэһиттэр дьокутааттарын нэһилиэктээҕи Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Ити кэмҥэ олох үөрэҕэ суох бэйэтэ норуокка үөрэҕи, сырдыгы тэнитиитэ, кыаммат дьадаҥы олоҕун тупсарыыга бары сатабылын, күүһүн-күдэҕин биэрбитэ. Ол курдук, бэйэтин дьиэтин туран биэрэн нэһилиэккэ аан бастаан 20 оҕо үөрэммит оскуолатын астарбыта. Кэлин, 1930 сыллаахха, түөрт кылаастаах оскуола дьиэтин тутууну саҕалаппыта. Тутуу хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн кини бэйэтэ этэ, сорох бэйэтин баҕатынан үлэлээһинин, сорох арыынан, этинэн, сүөһүнэн сиэртибэ биэриитин тэрийбитэ. Инньэ гынан 1931 сыл алтынньытыгар оскуола дьиэтэ үлэҕэ киллэриллибитэ. Ити дьиэ кэнники көһөрүллэн, Чурапчы 1-кы нүөмэрдээх аҕыс кылаастаах оскуолатын начаалынай кылаастара үөрэммиттэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатын социалистическай ыллыкка киллэрии саҕаланыытыгар сельсовет исполкомун бэрэссэдээтэлэ холбоһуктааһыны биир бастакы көҕүлээччинэн буолбута. 1929 сыллаахха Улуу Сыһыыга кииннээн 10 хаһаайыстыбалаах “Төрүт” колхуос тэриллибитэ. Ити барыта чэпчэкитик ситиһиллибэтэҕэ, сытыы кылаас охсуһуутун ортотунан барбыта.

1930 сыл үүнэр. Аны 40 хаһаайыстыбалаах “Мээндийэ” колхуос тэриллэр. Ити колхуос бэрэссэдээтэлинэн Степан Тихонович талыллыбыта.

Колхуостары тэрийсээччи үгүс түбүктээҕэ. Кини салалтатынан колхуостаахтар хаһаайыстыбаны холбоһон тэринэр барыстааҕын көрдөрбүттэрэ. Ол курдук, ити сыл бастакы большевиктыы ыһыы 956 гектарга ыытыллыбыта, нэһилиэк үрдүнэн 59000 центнери оттообуттара. 489 сылгыны, 2427 ынах сүөһүнү ииппиттэрэ. А. Максимов, Е. Толстоухова уо.д.а. колхуостаахтар илии хотуурунан күҥҥэ үстүү гектарга тиийэ сири тэлэкэлээбиттэрэ. Ол барытын түмүгэр 1931 сыллаахха “Олоххо киирии” диэн 30 хаһаайыстыбалаах өссө биир артыал тэриллибитэ.

Ити сыл Степан Тихонович Саха сирин дэлэгээссийэтин састаабыгар киирсэн Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэр Москубаҕа тиийэр, Бүтүн Сойуустааҕы староста М.И. Калинин приемугар сылдьар дьолго тиксибитэ. Кини онно Саха сиригэр тутуу матырыйаалларын, түннүк тааһын, тоһоҕону бырахтарыы туһунан боппуруоһу туруорсубута.

Ол күннэр, хомойуох иһин, кини олоҕун тиһэх күннэринэн буолбуттара. Москубаттан соругун ситиһэн төннөн иһэн сэллик ыарыыттан Дьокуускай куоракка өлбүтэ. Уҥуоҕа Чурапчы братскай кылаабыһатыгар ууруллубута.

Норуот биир үтүөкэннээх уолун кэриэһин үйэтитэргэ кэккэ дьаһаллар ылыллыбыттара. Ол курдук Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин Президиума, 1932 сыл тохсунньу 14 күнүгэр кини аатын бэйэтэ астарбыт, дьиэтин-уотун туттарбыт оскуолатыгар – Төлөй начаалынай оскуолатыгар иҥэрбитэ. Нэһилиэгин дьоно Төлөй Дириҥэр 1967 сыллаахха бүүһүн туруорбуттара.

Хомойуох иһин, билигин Төлөй оскуолатыгар ким даҕаны аата иҥэриллибэккэ турар. Онон Саха КСК Президиумун үөһэ ахтыллыбыт дьаһалын чөлүгэр түһэрэн, Төлөй орто оскуолатыгар Степан Тихонович Захаров аатын иҥэрэр сөп этэ. Оттон улууспут тыатын хаһаайыстыбатын салалтата, оройуон тыатын хаһаайыстыбатын социалистическай ыллыкка киллэриигэ үгүс сыратын биэрбит киһи бүүһүн хаттаан туруортаран, харыстыыр дьаһалы ылыаҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ