Дьон-сэргэ бүгүн Чурапчы күнүн бэлиэтиир

Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылыгар анаммыт Чурапчы күннэрин үөрүүлээх тэрээһинэ буола турар. Бырааһынньык улуус киилбэйэр киинигэр, аныгылыы саҥардыллан оҥоһуллубут Ленин аатынан болуоссакка ыытыллар. Үөрүүлээх чаас, саҥа тутуллубут сыанаҕа  хатыҥнардаах-чараҥнардаах Чурапчыны дьүһүйүүнэн саҕаланна.

 

Киирии тылы үбүлүөйдээх нэһилиэк баһылыга Владимир Сивцев эттэ: «Аччаҕар Ньамньах кэмиттэн Чурапчыбыт сайдан кэллэ. Билиҥҥи туругунан нэһилиэкпитигэр 10360 киһи олорор. Сыллата Чурапчыбыт улаатан, кэҥээн иһэр. Ол курдук, быйыл арҕаа саҥа «Кэнчээри» түөлбэ үөрүүлээхтик аһыллыбыта. Үбүлүөйү көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйа тэриллэн, субуотунньуктан саҕалаан, суоллар, тротуардар уо.д. а. үгүс үлэлэр ыытылыннылар».

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Чурапчы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» үрдүк ааты СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцевка уонна  улуустааҕы кииннэммит бухгалтерия отделын сэбиэдиссэйэ Людмила Егороваҕа туттарда. Салгыы нэһилиэк олохтоохторун уонна ыалдьыттарын СӨ Быраабыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эҕэрдэлээтэ.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ тэтимнээхтик, биэс мэндиэмэннээх элбэх дьиэни тутар улуус аҕыйах. Быйыл Ленин уулусса аҥаарыгар аспаал тэлгэннэ. Бу саҕалааһын буолар. Инникитин да киэҥ далааһыннаах үлэни өйөөн, тирэх, күүс-көмө буолан, өй-санаа уган,  өссө да төрөөбүт түөлбэбит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар кылааппытын киллэриэххэйиҥ, түмсүүлээх буоллаххайыҥ» — диэн салайааччы бэлиэтээтэ.

 

Үрдүкү салалта наҕараадаларын Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын тутуу отделын исписэлииһэ Владимир Поповка, Хоптоҕо нэһилиэгин баһылыга Алексей Бурцевка,  «Пчела Чурапча» тэрилтэ хаһаайына Мария Ефремоваҕа, «Чурапчы» ТХПК  салайааччыта Алексей Егоровка ытыс доҕуһуолунан туттарда.

Тыл этиигэ Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт эҕэрдэлээн туран,  тротуар оҥорорго анаан 100000 суумалаах сэртипикээти Чурапчы нэһилиэгин  дьаһалтатыгар туттарда.

Бу күн үгэс быһыытынан нэһилиэк сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит көхтөөх олохтоохтору  чиэстээтилэр. Кинилэр истэригэр нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторо,  араас сылларга нэһилиэги салайбыт баһылыктар, үлэни өрө туппут холобур буолар дьоммут бааллар.


Ол кэнниттэн 25 сылынан, Чурапчы нэһилиэгэ 400 сылыгар аһыллар «Бириэмэ капсулатын» нэһилиэк баһылага Владимир Сивцев бырааһынньыкка кэлбит дьон ортотугар  кистээтэ. Бу капсулаҕа 1-кы кылаас үөрэнээччитэ Дьулуур Николаев суруйбут сырдык ыра санаата угулунна.


Биир күүтүүлээх түгэнинэн бырааһынньыктааҕы 3 миэтэрэ 75 см уһуннаах сливочнай рулеты амсайыы буолла. Бу минньигэс аһы «Маарыкчаан» ПУо Кондитерскай сыаҕа оҥорбут.

Егор Саввин, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо:-   «Сыл аайы Чурапчы күннэригэр сылдьабын. Бу бырааһынньыкка олохтоохтор баҕа санааларбыт туолан иһэллэрэ көстөр, эдэр салайааччылар ситиһиилэрин үллэстэллэр. Саамай баҕа санаам диэн, Ленин уулуссатын аспаллааһын этэ. Манна кураан күннэргэ буорунан бурҕайан олорооччу. Онон бу суолбут оҥоһуллубута киһини үөрдэр.
Оҕолору Илиҥ Бастан гинмазияҕа таһар оптуобус  сылдьарыгар усулуобуйа тэрилиннэ. Онон билиҥҥи салайааччыларга  үлэлэрин тэтимин ыһыктыбакка, улууспутун, нэһилиэкпитин өссө күүскэ сайыннаран иһиэхтэрэ диэн эрэнэбин».

Тэриллибит күҥҥүнэн тапталлаах Чурапчы!  Чэчирии, үүнэ-сайда тур!

 

 Марфа Петрова

Сэмэн Жендринскэй хаартыскаҕа түһэриитэ