Дьоһуннаах сэһэннээх кинигэ (“Чурапчы – бу дьоллоох түһүлгэ” диэн Виктор Дьяконов кинигэтигэр аҕыйах тыл)

Соторутааҕыта аҕай, Дьокуускай куоракка, “Сайдам” кинигэ кыһатыгар олоҕун Чурапчыга физическэй култуура уонна успуорт сайдыытыгар анаабыт Чурапчытааҕы физическэй култуура  уонна успуорт судаарыстыбаннай үнүстүүтүн преподавателэ, РФ физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, “СӨ Урожай уопсастыбатын Бочуоттаах үлэһитэ”, “СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “СӨ физическэй култуура уонна успуор сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэ хаһаайына, СӨ үөрэхтээһин уонна успуорт бочуоттаах бэтэрээнэ, Афанасий Софронов аатынан бириэмийэ лауреата Виктор Семенович Дьяконов төрөөбүт-үөскээбит улууһун, СӨ устуоруйатыгар физическэй култуура уонна успуорт сайдан испит сэһэннэрин иһирэхтик кэпсиир кинигэтин бэчээттэттэ.

Кинигэ аан тылыгар: “Чурапчы успуордун сайдыытын историятын туһунан 2013, 2018 сыллардаахха икки бэртээхэй кинигэ тахсыбыта. Бу икки кинигэҕэ үлэлэспит киһи быһыытынан, тустаах көрүҥнэргэ ситиһиилээх биирдиилээн спортсменнарбыт, тириэньэрдэрбит балачча сырдатылыннылар дии саныыбын… Бу кинигэ уус- уран айымньы буолбатах…

Ким суруйарыттан, оҥороруттан тутулуга суох история кэрдиис кэмнэрэ, историческай чахчылар, үлэлээбит дьон биографиялара уларыйыа суохтаах. Олохпут ааспыт историята, тутула уларыйарыттан бэйэлэрин кэмнэригэр үлэлээн, айан-тутан ааспыт биир дойдулаахтарбыт үтүө ааттара өрө тутуллуохтаах. Билиҥҥи өйдөбүллэртэн, уларыйбыт  сыаннастартан кинилэр сырдык ааттарыгар күлүк түһэрэ сатаммат. Сыана да быһар соччо табыгаһа суох, – диэн бөлүһүөктүү учуутал, успуорду салайааччы, кыраайы үөрэтээччи быһыытынан, ааҕа олорор, энциклопедияҕа тэҥнээх дьоһуннаах кинигэбит эркээйилээх суолун ыйар.

Виктор Семенович ыллам ырыаҕа ылламмыт, хомоҕой хоһооҥҥо холбоммут төрөөбүт-үөскээбит тоҕус томтордоох Чурапчытын туохха даҕаны биэрбэт. Ол курдук, биһигин ыйаабыт төгүрүк алааһын, үлэни өрө туппут дьонун-сэргэтин, эн–мин дэһэн, кытыйанан, хамыйаҕынан кырбаһан, хараҕын далын ортотугар улааппыт үтүө үөлээннээхтэрин, тэгил тэҥнээхтэрин кини курдук ытыктыыр, чугас тутар киһини аҕыйахтык көрсөбүн. Уһун сыллар усталаах–туораларыгар “бар дьонум доруобай, чөл буоллунар” диэн учууталынан, дириэктэринэн, “Урожай” уопсастыба бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Ыччат, оҕо аймаҕы физическэй култуураҕа уонна успуорка сыһыарбыт, үөрэппит-такайбыт киһи-киһитэ диэтэххэ, алҕаһаабаккын.

Кини Дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска биллэр элбэх ыспарсымыаннары иитиигэ, сайыннарыыга төрөөбүт, ыаллыы улуустарыгар киллэрбит кылаата улахан. Дьон-сэргэ  туһугар тохтубут көмүс көлөһүнүн аахса барбат, дьиҥнээх туруу үлэһит үтүөтэ, ылыммыт  дьыалатын тиһэҕэр тиэрдибэккэ тохтообот бэриниилээх киһи эмиэ  кини. Бириэмэтин олох аахсыбакка, таһаарыылаахтык үлэлээбит успуорт салайааччыларыттан биир тарбахха баттанар бастыҥнара эмиэ кини.

Мутугунан быраҕар муҥур олохпут, сир түннүгэ аарыма кырдьаҕастар эппиттэринии “түннүгүнэн чыычаах элэс гына көтөн ааспытыгар тэҥнээх”. Ол курдук, саҥа үүнэн эрэр кэнчээри ыччакка, эдэр көлүөнэҕэ бэйэлэрин кэмнэригэр чиэстээхтик олорон ааспыт көмүс көлүөнэ туһунан, дьон-сэргэ туһугар кыһамньылаах, эппиэтинэстээх үлэлэрин анаабыт, чаҕылхай кэм дьоһун дьоннорун бука бары биллэхпитинэ сатанар.

СӨ Судаарыстыбаннаһын олохтообут уһулуччулаах салайааччылар —  Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойуунускай, Исидор Никифорович Барахов, Иван Николаевич Винокуров Саха сиригэр, төрөөбүт норуоттарыгар сайдыы суолун түстээбиттэрэ. Ол  курдук, Саха сиринээҕи Киин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Максим Аммосов 1923 сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр Физкултуура Сэбиэтин тэрийии туһунан дьаһалыттан ыла, үлэ кэлэктииптэригэр, үөрэхтээһин эйгэтигэр, нэһилиэнньэни эт-хаан өттүнэн сайыннарыы, доруобуйаны тупсарыы тэрээһиннээх үлэтэ саҕаламмыта.

Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһыны тэрийэр, салайар хамсатыылаах дьаһалларга  Чурапчыттан төрүттээх Николай Дмитриевич Кривошапкин – Уот Субуруускай, Петр  Васильевич Коркин, Данил Григорьевич Барашков бэлиэ суолу хаалларбыттара.

Устуоруйаттан биллэххэ, Саха сиригэр физическэй култуура уонна успуорт тэтимнээхтик сайдыыта Москубаҕа Иосиф Виссарионович Сталин аатынан Киин физкультура үнүстүүтүн туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит Уус Алдан ыччата Николай Николаевич Тарскайтан саҕаламмыта. Ол  курдук, Чурапчы ыспартыыбынай улуус аатын чиэстээхтик сүгүүтүгэр Афанасий  Кирикович Софронов, Дмитрий Петрович Коркин, Павел Михайлович Стасов, Павел Павлович Харитонов, Николай Николаевич Кычкин, Мария Никитична Бырдыннырова о.д.а. күүрээннээх үлэлэрин ахтар наадалаах.

Онтон СӨ физическэй култууратын уонна успуордун кылбардык салайбыт Михаил Дмитриевич Гуляев, Александр Петрович Керемясов, Михаил Егорович Друзьянов, Гаврил Гаврильевич Сивцев о.д.а. дьоһуннаах ааттарынан киэн туттабыт.

Түмүк оннугар тугу этиэххэ сөбүй?

Чурапчытааҕы успуорт интэринээт-оскуолатын бүтэриэҕиттэн, күн бүгүҥҥэ диэри төрөөбүт улууһугар, Сахатын сиригэр, Монголия, Тыва, Ингушетия, Чечня, Бурятия, Алтай, киин Арассыыйа устудьуоннарыгар сыламтата суох үрдүк таһымнаахтык үлэлии-хамсыы, тэрийэ-салайа сылдьар, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуор үрдүк категориялаах уһуйааччытыгар, преподаватель Виктор Семенович Дьяконов успуорка олоҕун баай уопутун, энциклопедияҕа тэҥнээх баараҕай баайын, билиитин–көрүүтүн туһанан, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт үнүстүүтүгэр, Чурапчытааҕы олимпийскай эрэллэри бэлэмниир интэринээт-оскуолаларыгар, улуус бары оскуолаларыгар (талан ылыы – часы по выбору), толору преподаватель, учуутал чаастарын биэрэн, ханна да, ким даҕаны үөрэппитэ иһиллибэт, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр, Чурапчы улууһугар физическэй култуура уонна успуорт устуоруйатын булгуччу үөрэттэрэр наадалааҕын ааҕааччылар, төрөппүттэр, успуорду таптааччылар этии киллэрэбит, эрчимнээхтик туруорсабыт уонна хайаан даҕаны туоларыгар бигэ эрэллээхпит.

Егор ВИНОКУРОВ, философия билимин хандьыдаата, доцент

 Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй