Михаил Петрович – былыр, уон сэттэ саастааҕар, Лаҥкыны ыһыаҕар Бырынньыкы Өлөксөй диэн, онтон кэнники Көчүктэй алааска Тааттаттан кэлэ сылдьар Гаврил Бургаев диэн аатырбыт күүстээх дьону тустан кыайталыаҕыттан “Бөҕө Догдооноп дуо?” дэппит киһи. Сүүрбэттэн тахса сыл устата араас улахан ыһыахтарга, спартакиадаларга тустан, мас тардыһан кыайтарары билбэтэҕэ.
Итинник бөҕө дьон, үгэс курдук, сэмэй, холку, үлэни, дьону таптыыр үтүө хаачыстыбалаах буолааччылар. Михаил Петрович Ураһалаахха маҥнайгы сири холбоһон үлэлиир табаарыстыбаны тэрийсибитэ, ол Стаханов аатынан артыал буолуутугар бырабылыанньа чилиэнинэн талыллыбыта. От охсон, сир солоон бардаҕына, аҥардастыы аатырар сөҕүмэр үлэһит этэ. 1933 сыллаахха Болт оҥоҕо типовой хотон акылаатын хаһыыга күҥҥэ 7-лии кубическай миэтирэ тоҥ буору хойгуонан көҥүтэ охсоро. Оттон Түөйэҕэ от охсуутугар күүрээннээх күҥҥэ 2,6 гектары килэһиппит рекордун ким да алдьаппатаҕа. Итинник үлэлээн-хамсаан бардаҕына, Түөйэ, Таатта үрэхтэрин эҥэрдэригэр көхтөөх куоталаһыы сириэдийэрэ.
1942 сыл бэс ыйыгар оройуон сүүһүнэн уолаттара Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр аттаммыттара.
Кылгастык үөрэнэ түһэн баран, Михаил Петрович – Трофим Макаровы, Конастантин Ядрихинскайы, Василий Петрову, Леонтий Попову о.д.а. кытары тутуспутунан 932-с стрелковай полк састаабыгар киирэн фроҥҥа тиийбитэ.
- Биһиги полкабыт кыргыһыыга Сталинград соҕуруу өттүнэн киирбитэ, — диир Михаил Петрович. – Бойобуой сүрэхтэниини ылбыт түүммүтүгэр ардах, силлиэ бөҕө этэ. Ол үрдүнэн халлаан уотунан уһуура турара. Тула – орудиелар дарбааннара, өлөрдүү табыллыбыттар, бааһырбыттар хаһыылара-ыһыылара. Траншея устун сырса сылдьан харса суох уоту аспыппыт. Халлаан сырдыыта снаряд, буулдьа арыый сэллээбитэ. Онно көрбүппүт, суорба таас хайа анныгар талаҕынан саба үүммүт көҥүс иһигэр баар эбиппит. Наһыылкаҕа көтөҕөн өлбүттэри, бааһырбыттары таһаллара. Ити кэпсиир курдук судургу буолбатах, олус ынырык, дьулааннаах этэ. Үрдүбүтүнэн өстөөх самолеттара ытыалыы-ытыалыы көт да көт буолаллара, ону винтовканан, автоматынан сэриилиирбит. Түүнүн атаакаҕа киирэн үгүс сүтүктээх тахсарбыт. Ардыгар кынчаалбытын тииспитигэр ытыран баран бадарааны, муустаах ууну ортотунан разведкаҕа сыылларбыт. Синиэлбитин буулдьа дьөлө көппөтөх күнэ ахсааннаах этэ. Дьэ ол курдук 40-тан тахса хонук сэриилэспиппит. Мин сэрии хонуутугар нууччалар курдук хорсун, сытыы өйдөөх дьоннору билбэппин. Кинилэр миигин командование ордук эппиэттээх сорудахтарын толорууга илдьэ бараллара. Ордук истиҥ доҕорум нуучча Сергей Карпов этэ. Кинилиин олус тапсыбыппыт, бииргэ аһыыр уонна синиэлбитигэр сөрөнөн, хоонньоһон утуйар дьон буолан хаалбыппыт. Доҕорум холку майгылаах, аҕыйах саҥалаах, толуу күүстээх, 40-ча саастаах киһи этэ. Кинилиин үгүстүк разведкаҕа барарбыт. Ол сылдьан ардыгар бэйэбитинээҕэр бөдөҥ немецтэри сүнньүлэрин доргутан, штабпытыгар сүгэн аҕаларбыт.
Биир ыар кыргыһыыга Михаил Догдонов хаҥас илиитин снаряд оскуолката тоҕо көтөн ааспыта.
- Онуоха кыргыс толоонуттан доҕорум Сергей Карпов санныгар сүгэн санитарнай постка таһааран туттарбыта уонна сылаастык, эрчимнээхтик сүүспүттэн сыллаан ылаат, хараастарын, долгуйарын биллэримээри тиэтэлинэн автоматтаах илиитин өрө уунан быраһаайдаһа-быраһаайдаһа уот будулҕан үөһүгэр киирэн бара турбута, — диир Догдонов.
Санитарнай чааска эмтэнэн, хаҥас илиитэ бэгэччэгинэн быһыллан, инвалид буолан 1943 сыл тохсунньуга дойдутугар эргиллибитэ.
Фронтан кэлээт Михаил Догдонов, Стаханов аатынан колхуоска бэрэссэдээтэллээбитэ. Кыайыы туһугар колхуостаахтары күнүстэри-түүннэри от, бурдук үлэтигэр түммүтэ. 1949 сылтан сельскай Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан Болтоҥо, Соловьев нэһилиэктэригэр 10 сыл устатыгар норуот үрдүк итэҕэлин чиэстээхтик толорбута.
Михаил Петрович Догдонов 1966 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Ол эрээри көмөтө үгүс этэ, кырдьаҕастар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы уонна фермаҕа полит-тэрийээччи курдук эппиэттээх партийнай сорудахтары толороро. 70-нун ааспыт кырдьаҕас, сэрии инбэлиитэ да буоллар, соҕотох илиитинэн от охсоро, тоҥ тиити сүгэнэн кэрдиһэн тыраахтырынан тасыһар хоһуун үлэһит этэ. Кини эдэр ыччаттарга ситиһиилээх үлэни, туйгун үөрэҕи, көрсүө-сэмэй буолууну уонна улахан ситиһиилэри мэлдьи баҕарара.
Н. Барашков
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй