Дмитрий Поисеев: «Чурапчым дьонугар махтанабын!»

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбитигэр, улууспутугар улахан суолталаах быыбар түмүктэннэ, куолас барыта ааҕыллан Ил Дархаммыт, дьокутааттар, сорох улуустарга, нэһилиэктэргэ баһылыктар быһаарылыннылар.

Чурапчы улууһуттан СӨ ИЛ Түмэнин дьокутаатынан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан Дмитрий Поисеев талылынна. Кини бар дьонугар истиҥ махтал тыллларын анаата: «Убаастабыллаах Чурапчым улууһун олохтоохторо, бу кэмнэргэ күүс-көмө  буолбут биир санаалаахтарым! Барыгытын  бу быыбарга өҋөбүл уонна тирэх буолбуккутугар ис сүрэхтэн барҕа махталбын тиэрдэбин. Куруук маннык бэҋэ бэҋэбитин өҋөнсөн, ситэрсэн, толорсон бииргэ буолуоххаҋыҥ! Эһиги итэҕэлгитин эппиэтинэстээхтик сүгэн, доҋдубут чэчирии саҋдарын туһугар үлэлииргэ-хамсыырга бэлэммин. Иннибитигэр  күүстээх үлэ кэтэһэр. Чурапчы күүһэ-түмсүүгэ!»

Онон кэлэр кэмҥэ кэскиллээх үлэ кэҥиэ, сайдыы саҥа саҕахтара арыллыахтара диэн бигэ эрэллээхпит.

 

Наталья Сибирякова