Сэтинньи 1 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр “Чурапчыына-2024” улуустааҕы ийэ уонна кыыс оҕо күрэҕэ аан бастакытын “Айылгы” НАДь-гэр буолла. Күрэс сүрүн сыалынан улуус талааннаах ыалларын, ийэлэри уонна кинилэр кыргыттарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүү, кыыс оҕону иитиигэ ураты болҕомтону ууруу. “Чурапчыына” дьахтар түмсүүтэ 2016 сыллаахха тэриллэн, Оксана Оконешникова салайыытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ онтон кэлин 10 киһилээх иккис састаап талыллан, Дария Ефремова салалтатынан бэрт таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Айар талаан түһүлгэтигэр 11 нэһилиэктэн кэрэ-мааны ийэлэр, нарын-намчы кыргыттарын кытта кытыннылар.
“Бу куонкурус аан бастакытын “Чурапчыына-2024” диэн аатынан Чурапчыбыт улууһугар “Ыал саргыта” сыл чэрчитинэн ыытыллар.Чурапчыына диэн бу Чурапчы кыыһа, Чурапчы дьахтара диэн өйдөбүллээх аат буолар, манна кини ыраас, күүстээх дууһата, чэгиэн-чэбдик олоҕо, атыттарга холобур буолар диэн өйдүүбүт. Даҕатан эттэххэ, кыыс ийэтин утумнаан, көлүөнэ ситимэ быстыбакка салҕанан барыахтаах. Билиэт атыытыттан киирбит үптэн 50 тыһыынча солкуобай анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр көһөрүллүөҕэ”, — диэн “Чурапчыына” түмсүү чилиэнэ, бу куонкуруһу сүрүн тэрийээччи Алена Никитична Саргыдаева кэпсээтэ.
Кыттааччылар бары олус бэлэмнэнэн, бу күн Чурапчы олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар умнуллубат киэһэни бэлэхтээтилэр. Кинилэр бары даҕаны олус талааннаах иистэнньэҥнэрин, үҥкүүһүттэрин, ырыаһыттарын, асчыттарын кэрэлэрин, ийэлэр кыргыттарын кытта истиҥ сыһыаннаахтарын, дьүөгэлии буолалларын түһүмэхтэринэн толору арыйан көрдөрдүлэр. Дьоро киэһэни Гея Буртахова иилээн-саҕалаан ыытта уонна эстрада чаҕылхай сулуһа Кирилл Матвеев ылбаҕай ырыатынан киэргэттэ.
Түмүккэ бары кыттааччыларга маннык анал ааттар олохтоннулар:
“Кэскилээнэ” – Мындаҕаайыттан Күннэй Аммосова уонна Айсена Кутукова,
“Сыдьаайа” – Сылаҥтан Айыына, Сайаана, Санаайа Говоровалар,
“Туйгууна” – Чурапчыттан Оксана, Алиса Слепцовалар,
“Күндүүнэ” – Кытаанахтан Саргылана, Ева Бабиченколар,
“Тупсууна” – Хоптоҕоттон Лена, Дайаана Луковцевалар,
“Күбэйэ” – Төлөйтөн Александра, Айыллаана Максимовалар,
“Дархаана” – Хайахсыттан Дария, Вика Бродниковалар,
“Намыына” – Бахсыттан Күннэй, Айаана Пестряковалар,
“Дойдууна” – Болтоҥоттон Анна, Маша Григорьевалар,
“Тускулаана” – Мырылаттан Сардана, Сайаана Семеновалар,
“Талбаана” – Мугудайтан Аксинья, Карина Сивцевалар.
Маны сэргэ бастыҥ авангард көстүүм кыайыылаахтарынан Мырылаттан Сардаана, Сайаана Семеновалар ааттаннылар, кинилэргэ “Ирина” мебельнэй маҕаһыыҥҥа сертификат туттарылынна,
“Сүрэх сылааһа” аахсыйа кыайыылаахтарынан Кытаанахтан Саргылана, Ева Бабиченколар буоллулар
оттон улуус эр дьонун аатыттан сүрүн бириис Хайахсыт нэһилиэгиттэн кыттыбыт Бродниковтар дьиэ кэргэттэригэр ананна. Манна даҕатан эттэххэ улуус дьаһалтатыттан саҕалаан урбаанньыттарга, уопсастыбаннай түмсүүлэргэ тиийэ олус элбэх киһи сыаналаах бириистэри успуонсардаатылар.
“Чурапчыына-2024” куонкуруска бочуоттаах 3-с миэстэни Чурапчы нэһилиэгиттэн Оксана, Алиса Слепцовалар ыллылар, кинилэргэ 30 тыһ.сууммаҕа “DNS” маҕаһыыҥҥа сертификат,
2-с миэстэҕэ Мугудайтан Аксинья, Карина Сивцевалар таҕыстылар уонна 50 тыһ.суумманана бириэмийэлэннилэр.
Онтон “Чурапчыына-2024” муҥутуур кыайыылаахтарынан Хоптоҕо нэһилиэгин кэрэ куолара Лена уонна Дайаана Луковцевалар ааттаннылар, кинилэргэ “Чурапчыына” дьахтар түмсүүтүн аатыттан “Уруу” ювелирнай хампаанньаттан үрүҥ көмүс бастыҥа, илин кэбиһэр итиэннэ кыыс оҕоҕо Анжела Токареваттан симэх туттарылынна.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ