Дириҥнэр “Блиндаж чүмэчитэ” аахсыйаҕа кыттыһан буойуннарга күүс-көмө буолаллар

Хоптоҕо нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан инники кирбиигэ сылдьар буойун саллааттарга күүс-көмө буолаллар диэн олохтоох бибилэтиэкэ пресс-киинэ суруйар.

“Блиндаж чүмэчитэ” аахсыйаҕа ыҥырыыны истэннэр оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ кыттыһаннар: Дириҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, оскуола, балыыһа, бибилэтиэкэ, НАДь-тин үлэһиттэрэ, “Арассыыйа Ийэлэрэ”, “Алаһа”, “Туску” уопсастыбаннай түмсүүлэр, “Молодежнай”, “Чычаас” түөлбэ олохтоохторо 200-тэн тахса чүмэчини бэлэмнээтилэр. Итини таһынан үөрэх кыһатын кэлэктиибэ хаһаайыстыбаннай табаары, суунар-тараанар малы-салы туттардылар Биир бааҥкаҕа 10 чүмэчини  уулларан куталлар эбит. Чүмэчи иһигэр үөрэ отун уган, ыраах сылдьар оҕолорбутун дойдуларын отун сыта, буруота ыраастаатын, арчылаатын диэн баҕа санааларын этэллэр.

Нэһилиэк тэрилтэлэрэ, олохтоохторо биир санаанан түмсүүлээхтик, көхтөөхтүк кытталлара үөрдэр, эрэл кыымын саҕар. Буойуннарбыт дойдуларыгар Кыайыы көтөллөөх, эргиллэн кэлэллэрин эрэнэ кэтэһэбит.

 

Сэмэн Жендринскэй