Улахан үөрүүлээх түгэн Хоптоҕо нэһилиэгин олохтоохторугар буолла. Ол курдук саҥа эмтиир куорпус тимир акылаат түһүүтүн сиэригэр-туомугар кытынныбюыт. Балыыһа уораҕайа, Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар.
Түөрт нэһилиэги хабар балыыһа, Хоптоҕо нэһилиэгин киинигэр, билиҥҥи дьаһалта дьиэтинэн кэннинэн тутуллара былааннанар. Уопсай иэнэ 230 кв.м. тэҥнэһиэҕэ, манна дьон-сэргэ көрдөрүнэрин таһынан, ыарыһахтар үрдүттэн сытаннар эмтэнэллэригэр усулуобуйа тэриллиэҕэ. Саҥа тутууһу алгыһын, Одьулуун нэһилиэгин олохтооҕо Иван Попов-Байдам түһэрдэ.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сивцев, Хоптоҕо нэһилиэгин баһылыга Алексей Бурцев,
“Тирэх” ХЭТ салайааччыта Александр Ноев,
Семен Ананьев аатынан Хоптоҕотооҕу эмтиир амбулатория сэбиэдиссэй-бырааһа Олеся Иванова кыттыыны ыллылар.
“Саҥа тутуубут “Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар. Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бары улуустарга, нэһилиэнньэлээх пууннарга бу бырайыак көмөтүнэн элбэх эбийиэк тутуллар уонна өрөмүөннэнэр. Ол барыта Дойду Бэрэсидьиэнэ уонна биһиги Ил Дархаммыт ыытар бэлиитикэлэрэ буолар. Дириҥҥэ киириэхтээх эбийиэк инники турар звенону модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн тутуллан, быйыл үлэҕэ киирэригэр аныгы кэмҥэ эппиэттиир медицинскэй оборудованиеларынан хааччыллыа. Нэһилиэнньэ уонна эмчиттэр бу эбийиэги чахчы да олус өр күүттүлэр. Кинилэр баҕа санаалара дьэ туолар кыахха киирэн, бүгүн бу бастакы акылаата түстэ.
Аҕыйах кэминэн каркаһа түмүктэниэҕэ, матырыйаала барыта кэлэн сытар. Ол кэнниттэн оборудование туруоруутугар үлэлиэхпит. Онон нэһилиэк олохтоохторун бука барыгытын бүгүҥҥү күнүнэ итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин”, — диэн кылаабынай быраас Николай Сергеевич эттэ.
Нэһилиэк баһылыга Алексей Леонидович: “Саҥа балыыһабыт үлэҕэ киирдэҕинэ Хоптоҕо нэһилиэгин олохтоохторо эрэ буолбакка, Чакырдар, Хайахсыттар, Хадаарар аныгы тутуллаах медицинэ өҥөтүгэр көрдөрүнэр кыахтаныахтара. Хаачыстыбалаах эмтэнии, доруобуйаны чинчийэн көрүү үлэлэрэ ыытыллыахтара. Аҕыйах хонугунан улууспут киинигэр Таас балыыһа иккис уочараттаах тутуута үлэҕэ киириэҕэ. Оттон бүгүн биһиэхэҕэ өр кэтэспит балыыһабыт акылаата түстэ”, — диэтэ. Кини Дойдубут Бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Чурапчы улууһун баһылыгар Степан Саргыдаевка, СӨ Ил Түмэн дьокутаатыгар Павел Пинигиҥҥэ билиҥҥи уустук кэмҥэ өйөбүллэрин иһин дириҥник махтанна.
Тэрээһин долгутуулаах түгэнэ буолан, акылаат түһэн, дьон-сэргэ үөрүүтэ үтүмэн. Ордук балыыһа үлэһиттэрэ үөрэллэр, “Уйгууна” ансаамбыл эҕэрдэ ырыатын бэлэхтээтэ.
“Наһаа үөрэн турабын, маннык историческай түгэҥҥэ кыттарбыттан. Урут тутуллубут амбулаториябыт дьиэтэ эргэрэн, мас да буолан нэһилиэнньэ да көрдөрүнэригэр, үлэһиттэр да үлэлииллэригэр уустук буолла. Онон дьэ бу, өр кэмҥэ хас отчуот аайы туруорсар саҥа балыыһабыт аныгы ньыманан тутуллар буолбута олус үчүгэй, табыгастаах буолуо. Онон тутуубут этэҥҥэ баран аҕыйах ыйынан үлэҕэ киирэригэр бүк эрэнэбин. Тутааччыларга ситиһиилэри баҕарабын”, — диэн Хоптоҕо нэһилиэгин дьокутаата, Иван Федосеев-Доосо аатынан Дириҥнээҕи орто агро-оскуола учуутала Федор Марков санаатын үллэһиннэ.
Саҥа эмтиир куорпус Хоптоҕо нэһилиэгэр самаан сайыны көрсө, ыам ыйыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ