Бэҕэһээ о.э олунньу 2 күнүгэр Уйбаан Доосо аатынан Дириҥ орто агро оскуолатыгар “Педагог уонна настаабынньык” итиэннэ “АГРО” сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Ааспыт сыл устата оскуолабытыгар учууталлар научнай-методическай үлэлэрин уонна профессиональнай таһымнарын үрдэтэр араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыбыттара.
Педагогтарбыт киэҥ билиилэрин, баай уопуттарын үллэстэр үгүс күөн күрэстэргэ, дьаһалларга ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Ол курдук, “Методическая весна” иитинэн “Наставник уонна педагог” куонкуруһа ыытыллыбыта. Манна 19 (иккилии буоланнар) педагогтар аһаҕас дьарык ыытан, бырайыак көмүскээн, үөрэх-иитии эйгэтигэр дискуссиялары тэрийэн курэхтэспиттэрэ. Муҥутуур кыайыылаахтарынан Платонова Александра Ивановна уонна Пермякова Людмила Михайловна буолбуттара. Таатта улууһун, Уус-Таатта оскуолатыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Поет агрошкола» куонкуруска Матвеева Прасковья Семеновна ситиһиилээхтик кыттан анал аат ылары ситиспитэ. Майа нэһилиэгэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын тэриллибиттэрэ 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оскуолабыт дэлэгээссийэтэ көхтөөх кыттыыны ылбыта, биһиги оскуолабытыгар педагогическай династия элбии турар үөрдэр, ол курдук быйыл Захаровтар педдинастиялара эбилиннэ. Төрүттээччи — Саха АССР үтүөлээх учуутала, киэҥ туттар киһибит Иван Егорович Захаров, салайааччы — коллегабыт Александра Ивановна. Дьокуускай куоракка буолбут өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын форумугар кэлэктииппит үрдүк таһымнаах маастар-кылаастары ыыппыта. Тыа сирин учууталларын VII-с Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэһигэр оскуола дириэктэрэ Игнатьев Михаил Спиридонович кыттыыны ылбыта. Чурапчыга ыытыллыбыт педагогическай ярмаркаҕа Осипова Людмила Андреевна, Федосеева Раиса Степановна, алын кылаас учууталларын методическай холбоһуга ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Сылын аайы ыытыллар Алтан-Дирин-Бүтэйдээх кустовой методическай холбоһук «Педагог уонна наставник» куонкуруһугар Платонова Александра Ивановна уонна Иванова Екатерина Васильевна 1 миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Улуустааҕы «Сүрэхпин оҕоҕо аныыбын» кылаас салайааччыларын куонкуруһугар химия, биология учуутала Петрова Майя Васильевна 2 миэстэни ылбыта. Улуустааҕы «Сыл бастыҥ учуутала-23» профессиональнай күрэх биһиги оскуолабыт базатыгар үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Манна физика, информатика учуутала Попова Анастасия Тимофеевна «Учитель-методист» номинация хаһаайынынан буолбута. Биһиги оскуолабыт өрөспүүбүлүкэтээҕи агрооскуолалар “Бастыҥ учебнай производственнай хаһаайыстыба” куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа. Өрөспүүбүлүкэ агротехнологическай оскуолаларын рейтинигэр 1 миэстэни ыллыбыт. “Чурапчы улууһун бастыҥ агрооскуолата” номинация ылан 500 тыһыынча сууммалаах бириэмийэнэн наҕараадаланныбыт. Итини таһынан, үтүмэн үгүс олимпиадаҕа, научнай-практическай ааҕыыларга, куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ биһиги педагогтарбыт оҕолору утумнаахтык дьарыктаан ситиһиилээхтик кытыннардылар.
Ааспыт сыл үтүө түмүктэрин бэлиэтиир наҕараадалары, махтал суруктары директоры научнай –инновационнай үлэҕэ солбуйааччы Тарасова Саргылана Васильевна туттарда.
Үөрүүлээх тэрээһини үөрэнээччилэр ылбаҕай ырыаларынан, кэрэ үҥкүүлэринэн киэргэттилэр.
Өр сылларга үлэлээбит учууталларбытыгар “Педагог–наставник” түөскэ анньыллар бэлиэ туттарылынна: Платонова А.И., Тарабукина М.Э., Кузьмина В.В., Тарасова С.В., Борисова К.О., Осипова Л.А., Далбаева М.Н., Пестерева В.Г., Корякина С.В., Попова Т.И., Дьячковская К.А., Сергеева Н.Н., Васильева М.Н., Марков Ф.Т., Корякин И.Г., Сергеева Т.И., Наумова М.Н., Кирсанов П.П., Игнатьев М.С.
Үүммүт 2024 сыл Дойдуга «Дьиэ кэргэн», Саха Сиригэр «Оҕо саас», Чурапчы улууһугар «Ыал саргыта» уонна оскуолабытыгар «Үлэ» сылынан биллэрилиннэ. Тэрээһин биир үөрүүлээх түгэнэ – “Үлэ” сылын бэлиэтин – Сэргэни (ааптардар: Марков Ф.Т., Сергеев А.А.) туттарыы сиэрэ-туома ыытылынна.
Маны таһынан, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родные — любимые» форум кыттыылаахтарын, «Семья – хранитель традиций» анал аат кыайыылаахтарын, оскуолабыт киэҥ туттар төрөппүттэрин Айал Прокопьевич, Валентина Ревовна Новгородовтары үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтилэр.
Дойдуга “Дьиэ кэргэн сыла” биллэриллибитинэн биһиги оскуолабытыгар дьиэ кэргэнинэн үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар, киэҥ туттар дьоммутугар оскуола коллективын аатыттан бэлэх ууннулар.
Ити курдук, Дириҥ орто агро оскуолатыгар ааспыт сыл үгүс ситиһиитин, үөрүүлээх түгэннэрин үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтилэр. Кэлбит сыл өссө да үгүс кыайыыны, умнуллубат кэрэ өйдөбүллэри, дьоһуннаах арыйыылары аҕала турдун.
Дириҥнээҕи оскуола кэлэктиибэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй