Сыр
Биир биэдэрэ үүттэн ылыллыбыт творогу мясорубканан эрийэллэр. Ити 1 киилэ курдук буолуоҕа. Ол кэнниттэн 1 киилэ үүтү оргутуллар уонна сиидэлэнэр. Итиннэ 1 ч.ньуоска суода, 1 ост.ньуоска туус, икки сымыыт кутуллар уонна бытаан уокка мас лаппаакынан булкуйа-булкуйа сыыйыллаҕас биир кэлим маасса буолуор диэри буһарыллар. Уоттан таһааран баран итини арыынан ньалҕарытаҕын уонна бэйэҥ иһиттэргэр (формаҕа) кутан сойутаҕын. Сыр бэлэм.
Быар салата
Быары лоскуйдуу буһаран сойутуллар. Ону түөрт муннуктуу, биитэр синньигэс уһун гына кырбыыллар. Бытархай гына кырбаммыт эриэппэ луугу, мээккэ биэрэһи (бэйэҥ көрүүгүнэн) эбэҕин, 2 ост.ньуоска арыы кутаҕын, итини эмиэ кыччатыахха да сөп.
Быартан оҥоһуллубут торт
500 гр. быары (ханнык баҕарар — убаһа, ынах, сибиинньэ, таба быара) бүрүөһүнүттэн, тымырдарыттан үчүгэйдик ыраастыыгын уонна мясорубкаҕа эрийэҕин. Эриллибит быарга 1 ыстакаан үүтү, 2 сымыыты, 1 ч. ньуоска тууһу, биэрэһи (1 ч. ньуоска аҥара), 1 ыстакаан бурдугу булкуйаҕын уонна алаадьы тиэстэтигэр маарынныыр буолуор диэри булкуйаҕын. Хобордооххо блины курдук буһараҕын. Буспутун кэннэ хас биирдии блиныны майонеһынан сыбыыгын.
500 гр. моркуобу, 500 гр. луугу ыраастаан, теркаҕа кыра гына кырбыыгын уонна мас арыытыгар ыһаарылаан баран, быар блинылар икки ардыларыгар уураҕын. Лууктаах моркуобу эрэ буолбатах, атыны эмиэ блинылар икки ардыларыгар ууруохха сөп. Холобур, редиһы, лууктаах эбэтэр чесноктаах сүбүөкүлэни.
Быар блинылары торт курдук тэриэлкэҕэ уураҕын, саамай бүтэһик блины үрдүгэр ыһаарыламмыт моркуоптаах луугу уураҕын. Сибиэһэй укробунан, петрушканан киэргэтэҕин уонна тымныы сиргэ уураҕын.
Сибиинньэ төбөтүн астааһын
Сибиинньэ төбөтүн уотунан сиэтэн түүтүн ылан баран, кичэйэн кыһыахтыыгын. Этиттэн киһи сиэбэт өттүн – хараҕын, былчархайдарын быраҕаҕын, онтон сууйаҕын. Хаана элбэх буолар, онон 3-4 ууга хос-хос сууйар ордук. Дьэ ол кэнниттэн улахан күөс миискэтигэр уган илдьирийиэр диэри буһарыллар. Уҥуохтара арахса сылдьар буолбутун кэннэ сиидэлэнэр. Сойбутун кэннэ мясорубканан эриллэр. Биэрэс, луук, чеснок кырбаан кутуллар. Эрдэттэн бэлэмнэммит салаппааҥҥа халбаһы курдук быһыылаан суулуубут, сорохтор миискэҕэ ууран баран туох эмэ ыарахан ыйааһыннаах тэрилинэн баттаталлар.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй