«Дьиҥэр, уу ситимэ 10-тан тахса сыллааҕыта киирбитэ. Ол эрээри үлэлээбэтэҕэ 10-ча сыл буолла. Ону саҥаттан сөргөхсүтэрбитигэр «Экопласт» тэрилтэ салайааччыта Михаил Соловьев утары баран, көмөлөһөн уонна нэһилиэгим дьоно түмсэн, субуотунньуктаан, бүгүн уубут холбонно», — диэн нэһилиэк баһылыга Иван Оконешников кэпсиир.
Клара Попова, нэһилиэк олохтооҕо:
- Биһиэхэ саҥа кыбартаалга, Портовской уулуссаҕа уу ситимэ тардылынна. Онон биһиги олуһун үөрэн турабыт. Сайыҥҥы үс ыйбытыгар мантан ыла ууну туһанан, оҕолорбутун сибиэһэй оҕуруот аһынан күндүлүөхпүт турдаҕа. Уу ситимин тардыбыт туһааннаах дьоҥҥо махтанабын.