Чурапчытааҕы ыспартыыбынай оскуола маҥнай аһыллыытыгар бэйэтин иннигэр чопчу сыаллаах-соруктаах этэ: маҥнайгытынан, эдэр ыччаты, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах гына үөрэтии-иитии.
Иккиһинэн, физкултуура уонна успуорт киһи доруобуйата тупсарыгар практическай көмө буоларын көрдөрүү; үсүһүнэн, үлэһит уонна үөрэнэр ыччат сынньалаҥын көдьүүстээхтик атаарыыны тэрийии; төрдүһүнэн, успуорт ыарахан иитиилээх оҕолору көннөрөр, иитэр күүһүн нэһилиэнньэҕэ көрдөрүү, успуорду тэнитэн уопсастыбаннас сэҥээриитин, өйөбүлүн ылыы; бэсиһинэн, кэлин сылларга дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар резервэни иитии.
Бастакы түөрт соругу быһаарарга уопсай систиэмэлээх үлэ туолара наада этэ. Бэһис сорук киһи бары кыаҕын: физиологическай, писхологическай, интеллектуальнай, саамай үрдүк таһымҥа дьүөрэлээн, олус тыҥааһыннаах, муҥутуур нервнэй күүрүүлээх күрэхтэһии усулуобуйатыгар бэйэни кыана туттан, баар кыахтары ситиһэргэ, сүтэрбэккэ, өссө үрдэтэн хамаанда чиэһин көмүскээһини ситиһэргэ туһаайыллара. Бу туруоруллубут соруктар кирбиилэрин наука бары ситиһиилэрин, тустуу успуордун уратытын, кини сайдар хайысхатын сиһилии чинчийэн билэн эрэ баран мындырдык, айымньылаахтык үлэлээтэххэ ылаттыахха сөп этэ.
Саҥа тэриллибит оҕо ыспартыыбынай оскуолата маҥнай утаа Чурапчы орто оскуолатын успуорт саалатыгар тэлгэммит көбүөргэ 30 үөрэнээччини муспута. Ыспартыыбынай оскуоланы төрүттээччи Дмитрий Петрович Коркин бастакы сылларга соҕотоҕун дириэктэр, тириэньэр, иитээччи эбээһинэстэрин толороро. Сыл ахсын оҕо элбээн, салгыы дьарыктанарга биир хосторо, дьадаҥы инбэнтээрдэрэ улахан ыарахаттары үөскэтэрэ. Ол иһин үөрэнээччилэр күүстэринэн успуорт сааланы тутарга туруммуттара. ССКП Чурапчытааҕы райкома, райсовет исполкома саҥа бачыымы киэҥник өйөөбүттэрэ. Интэринээт-оскуола дириэктэрэ, уруккут биллиилээх ыспарсымыан Алексей Спиридонович Шадрин тутуу тэрээһинигэр бэйэтинэн үгүстүк сүүрбүтэ-көппүтэ. Эдэр тустууктар биригээдэлэрин биэнсийэлээх, тутуу кырдьаҕас маастара Сэмэн Потапов салайбыта. Көхтөөх үлэ түмүгэр биир кэмҥэ 20-30 оҕо эрчиллэр кыахтаах үс киэҥ саалалаах “Успуорт дыбарыаһа” (бэйэлэрин тутууларын оҕолор итинтэн атыннык ааттаабаттара) Чурапчы биир үрдүк тумулугар дьэндэйбитэ. Эрчиллэргэ туттуллар тэриллэри үөрэнээччилэр бэйэлэрэ оҥорбуттара. Тириэньэр уһаайбатын аҥара ыспартыыбынай былаһааккаҕа кубулуйбута.
“Музыкальнай, математическай оскуолалар баар эбит буоллахтарына, аналлаах оҕо ыспартыыбынай оскуолатын аһар тоҕо сатамматый?” – диэн санаа Дмитрий Петрович өйүттэн ааһан-арахсан биэрбэтэҕэ. Өскөтүн интэринээт-оскуоланы уонна ыспартыыбынай оскуоланы холбоон биир үөрэх заведениетын оҥордоххо, өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыттан айылҕаттан дьоҕурдаах оҕолор ылыллыахтара, орто оскуолан уонна анал ыспартыыбынай дьарыктар бырагырааммаларын, ити иһигэр физкултуура теориятын утумнаахтык үөрэтэр биир кэлим былаан ырытыллан оҥоһуллуо этэ. Бу бырайыагы РСФСР Үөрэҕин министиэристибэтэ утарбыта. Кинилэргэ интэринээт-оскуола уонна ыспартыыбынай оскуола төрүт атын өйдөбүллээхтэрин, хас биирдиилэрэ туспа соруктаахтарын быһаара сатыыллара. Ол эрээри утумнаах мөккүөр, үлэ таах хаалбатаҕа. Успуорт энтузиастарын көҕүлээһиннэринэн тэриллибит оскуола кэлин үс секциялаах уонна штатынан көрүллүбүт тириэньэрдээх оҕо ыспартыыбынай оскуолатынан буолбута.
Бастакы сылларга сайын ахсын үөрэнээччилэри сүүмэрдэтэ дьону оройуоннарга ыыталаабыттара үчүгэй түмүгү биэрбэтэҕэ; тыа сирин оҕолоро сайынын от үлэтигэр баран хаалаллара. Онон оскуолалары, оройуоннааҕы үөрэх салааларын кытта сүбэлэһэн үөрэнээччилэри киэҥник хомуйуу табыгастааҕа көстүбүтэ.
Көмүс күһүнү көрсө хонуу-сир күөх киистэтин килбигийэ уһулбута. Күн уотугар чаҕылыйбыт чараҥ ньуурун сиккиэр тыал сэбирдэҕинэн үллүйбүтэ. Саҥа үөрэх дьыла аһыллыан аҕай иннинэ Дмитрий Петрович үлэлиир хоһун остуола суруктарынан туолара. “Чурапчыга, Коркиҥҥа” – сыччах бу иккиэйэх тыллаах кэнбиэрдэр, биир да сүппэккэ, аадырыстаммыт киһиэхэ чопчу тиийэллэрэ. “Уолум тустуон баҕарар… Ыарахан оҕо… Тулаайах… Уолчааным тустууга сыһыаннаах курдук…. Сүбэлээ эрэ…” Итинник ис хоһоонноох суруктар өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан кини аатыгар дириҥ ытыктабылы, истиҥ махталы этэ кэлэллэрэ.
Ленинградтааҕы Герцен аатынан педүнүстүүтү бүтэрээччи Дмитрий Коркин, оччотооҕу итиэннэ билиҥҥи да ыччакка улахан ыҥырыы буолуон сөп: “Биһиги, учууталлар, ыспарсымыаннар нэһилиэнньэҕэ физкултуурунай үөрэҕириини тэнитиэхпит. Ол эбэтэр, аҥардас бэйэбит эрэ туспутугар буолбакка, хас биирдии олохтоох өй-санаа, эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыытыгар быһаччы эппиэттиибит”, — диэн санааны ылыммыта. Билигин даҕаны Коркин оскуолатын, Чурапчы тустууктарын үтүө сурахтара аан дойду тустар көбүөрдэрин үрдүнэн дьиргийэр. Кыайыыга кынаттыыр кыһаттан оччотооҕуга норуот хаһаайыстыбатын 49 үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэрэ, 93 ССРС успуордун маастардара үүммүттэрэ. Дойду үрдүк үөрэҕин заведениеларыгар оскуола 101 выпускнига үөрэнэрэ. Эдэр тустууктар Сойуус 76 куоратын уонна 19 атын дойду түһүлгэлэригэр оскуола чөмпүйүөнүттэн Олимпиада кыайыылааҕар тиийэ үрдүк титуллары ылары ситиспиттэрэ. Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов, Алексей Ермолаев, Николай Захаров, Вячеслав Карпов, Илларион Федосеев, Гаврил Дмитриев, Прокопий Шестаков, Семен Макаров, Владимир Андросов, Аркадий Аманатов, Петр Платонов, Юрий Цыкунов уо.д.а. “саха тустуугун буочарын” аан дойду көбүөрдэригэр көрдөрбүттэрэ. Дмитрий Петрович уопсастыба иннигэр туруоруммут үтүө сыалын бэйэтин тус принцибинэн, итэҕэстэргэ эйэлэспэт быһыытынан, дьиҥнээх хорутуулаах үлэтинэн ситистэ диэн билигин этэр кыахтаахпыт.
Дмитрий Петрович эйэлээх кэргэн амарах аҕата этэ. Олоҕун аргыһа Александра Семеновна, билиҥҥээҥи диэри оройуон биир киэн туттар учуутала. Өр сылларга эдэр көлүөнэни иитиигэ айымньылаахтык үлэлээбитэ. Этэргэ дылы уонна кырдьыга даҕаны оҕонньорун олоҕунан күн баччааҥы диэри олорор, олус сэмэй киһи. Тустуу чааһыгар өйдөбүлэ, үөрэнээччилэрин ааҕа бэйэлэрин ханна баалларын, тугу үлэлииллэрин, хаһан маастар нуорматын толорбуттарын уонна киһи быһыытынан кинилэр үтүө хаачыстыбаларын Александра Семеновнаттан ордук таба сыаналыыр киһини булар уустук буолуо. Коркиннар үөрэнээччилэрин бэйэлэрин төрөппүт оҕолоруттан итэҕэс санаабаттара… Кинилэр кыайыыларыттан үөрэллэрэ, олоххо көрсүбүт кыһалҕаларын тэҥҥэ үллэстэллэрэ. Коркиннар кырдьык даҕаны улахан иллээх дьиэ кэргэн этилэрэ.
Билигин өрөспүүбүлүкэбит ыспартыыбынай албан аата күүтүллүбэтэх үрдүккэ таҕыста. Уруккута “күлүүһэ суох хаайынан” ааттаммыт Уһук Хоту дойдуттан “сымнаҕас быһыылаах, санньырхай санаалаах” сахаттан маннык омук ааттаах бөҕөстөрүн кытта иэмэх мастыы эрийсэр кыахтаах ыччаттардаах буолуохпутун ким санаабыта баарай?! “Ыччат дьонноох, Ийэ дойдуом! Тиллиэҥ. Көҥүллэниэҥ. Күүһүрүөҥ!” диэн кырдьаҕас суруйааччыбыт ырааҕы да өтө көрөн, кырдьыгы да түстээн ырыа тылыгар ыллаабыти эбит. Улуу Өктөөп социалистическай өрөбөлүүссүйэтин ньиргиэриттэн тиллибит, көҥүллэммит, социализм сардаҥатынан саргыламмыт саха улуу нуучча норуотун көмөтүнэн уйгу-быйаҥ олоххо үктэннэ, үөрэхтэннэ, “күүһүрдэ”. Ыспартыыбынай ситиһиибит, киирбэт күннээх киэҥ Сахабыт сирин бараммат баайын, күндү түүлээҕин кэриэтэ… Чысхаан тыаллаах, кылгас сайыннаах тыйыс кыраай үлэһит норуота туохха дьоҕурдааҕын олоҥхо билиҥҥи Ньургун Боотурдара чаҕылхайдык көрдөрдүлэр. Саха тустууга аан дойду таһымыгар тиийиитэ “тардыллыбыт” аналлаах омуктар эрэ сир олоҕун үрдүк кэрдииһинэн дьайар кыахтарын туһунан расистар ииригирбит дойҕохторун күдэҥҥэ ыспыта.
“Тустуу энциклопедията”, “Коркин буочара”, “Доруобуйа оскуолата” – дьон-сэргэ дириҥ ытыктабылларын биллэрэ сатаабыт бу дьаралык ааттары субуруппутун Дмитрий Петрович, бука, бэркэ биһирии, “өрө көтө” көрсүбүтэ буолуо. “Үчүгэй барыта сэмэй, наҕыл” – саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйа биир дьоруойун этиитэ Дмитрий Петровичка олус дьүөрэлии. Тириэньэр үлэтин килбиэнин наҕараадаларын түөһүн толору иилинэн күлэ-үөрэ, кэпсии-ипсии сылдьарын, биирдэ да ким да көрсүбэтэҕэ, муҥар хаартыскаҕа даҕаны түспүтүн түбэһэн ким да көрбөтөҕө… Кини чуумпу олоххо, талымаска, албан аакка дьулуспатаҕа.
Айылҕаттан ылбыт дьоҕурун, кыаҕын бүүс-бүтүннүүтүн иҥэрэр илистиилээх үлэни сөбүлүүрэ. Олох олоруу толору дьолунан оччоҕуна эрэ дуоһуйара. Оннук киһи этэ Дмитрий Петрович Коркин! Чурапчы тустууга оскуолатын сарсыҥҥыга таһаарбыт киһи.
Сэмэн Жендринскэй