Чурапчы нэһилиэгэр хаарбах дьиэттэн саҥаҕа көһөрүү бырагырааматынан 53 кыбартыыралаах саҥа дьиэ тутуллан бүгүн о.э. сэтинньи 3 күнүгэр олоххо киирдэ. Үөрүүлээх бэлиэ түгэҥҥэ саҥа дьиэ хаһаайыттара күлүүстэрин туттулар. Ленин аатынан уулусса 91/2 нүөмэрдээх сабыс-саҥа дьиэҕэ 53 ыал көстө. Кинилэр бу иннинэ Петровскай (23,35,38), Трактовай (4,6,8,10,14), Федотов (1), Константинов (23,25), Ленин (21,52,54), Башарин (20), Соколдьников (2) ааттарынан уулуссаларга хаарбах туруктаах дьиэҕэ олорбуттара.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар, дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан, күлүүстэри СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов туттарда. Манна даҕатан эттэххэ, кини бүгүн үлэтинэн Чурапчы улууһугар бастакытын үлэлии кэлэ сылдьар.
«Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыага инники күөҥҥэ тутуллар. Бу бырайыак мөлүйүөнүнэн киһи олорор усулуобуйатын тупсарарыгар дьиҥ кыаҕы биэрдэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, бырагыраамма чэрчитинэн мөлүйүөнтэн тахса кв.м. иэннээх сиртэн көһөрүү үлэтэ былааннанар. Тус бэйэм маннык далааһыннаах үлэҕэ Чурапчы улууһун олохтоохторо кыттар кыахтаммыттарыттан ис дууһабыттан үөрэбин”, — диэтэ Виктор Дмитриевич.
Биэс мэндиэмэннээх 2809,85 кв.м. иэннээх дьиэ “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыагынан, “2019-2025 сылларга гражданнары хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан тутулунна. Дьэндэйбит саҥа, сырдык дьиэ биирдии уонна үстүү хостоох кыбартыыралардаах. Генеральнай бэдэрээтчит “СК-Илин” ХЭТ (дириэктэр Иван Коротких) уонна “СӨ тутууга дириэксийэтин” икки ардыларыгар судаарыстыбаннай хантыраак түһэрсэн барыта холбоон 252.774.800,00 солк сууммалаах үлэ түмүктэннэ.
Саҥа дьиэ хаһаайыттарын ааттарыттан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар Лилия Гоголева махтал тылларын эттэ. “Бүгүҥ биһиэхэ улахан үөрүүлээх бырааһынньык, олус долгутуулаах күн. Олус бэртээхэй, кыраһыабай, аныгы дьиэ тутулунна. Маннык тупсаҕай, мааны дьиэ олорорго сылаас буоларыгар эрэнэбит,” — диэтэ кини.
Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев аадырыстаах бырагырааманы олоххо киллэрэргэ өйөбүллэрин иһин өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар улаханнык махтанна. Кини оройуоҥҥа хаарбах туруктаах дьиэттэн саҥа кыбартыыраҕа көһөрүү бырагыраамманан, 2025 сылга диэри 202 кыбартыыраны о.э. 9.354,01 кв.м. иэннээх 11 дьиэ, эбии Чурапчы, Бахсы, Мугудай, Болугур, Чакыр нэһилиэктэригэр тутуллан киириэхтээхтэрин туһунан эттэ. Итинтэн бүгүҥҥү күн туругунан, улууспут 11 нэһилиэгэр барыта холбоон 33 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 1974 киһи көстө, онон 35.179,33 тыһ. кв.м. кэриҥэ иэннээх сиргэ үлэ толорулунна.
Санатан эттэххэ, “СК-Илин” ХЭТ бэдэрээтинэн, 2015 сыллаахха Нидьили оройуонугар 10 кыбартыыралааз тулаайахтар дьиэлэрэ, 2017 сыллаахха Сылаҥ нэһилиэгэр 12 кыбартыыралаах дьиэ, 2019 сыллаахха эмиэ Сылаҥ нэһилиэгэр 22 кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллан тыа сирин дьонугар-сэргэтигэр үгүс үөрүүнү бэлэхтээбиттэрэ, олорор усулуобуйаларын тупсарбыттара.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.