Бэҕэһээ о.э. ыам ыйын 3 күнүгэр олохтоох эргинэр сыала суох тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин талыы буолла, ол түмүгэр СӨ Уопсастыбаннай палаататын састааба таҥылынна.
Саха сирин Уопсастыбаннай палаататын бэһис састаабыгар НКО 22 бэрэстэбиитэлин испииһэгэ бигэргэннэ.
Манна Чурапчы улууһуттан төрүттээх, СӨ Ыччат бэлиитикэтин туйгуна Айтал Керемясов,
АНО ыччат социальнай-айар-тутар саҕалааһынын өйүүр “Удьуор” НКО дириэктэрэ, СО ОО «Утум» волонтера, Чурапчы улууһун ыччатын түмсүүтүн чилиэнэ Диана Павлова,
Николай Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын дириэктэрэ Владислав Скрябин ааттаннылар.
СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Станислав Семенович Иванов, бэһис састаапка киирбит уопсастыбынньыктары ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ, таһаарыылаах, көхтөөх үлэни баҕарда: “Уопсастыбаннай палаата бүгүҥҥү күҥҥэ – Сахабыт сирин гражданскай уопсастыбатын үнүстүүтүнэн буолар. Сүрүн сыал-сорук – олохтоохтор этиилэрин сиидэлээн, ыраҥалаан, өрүттэри сүбэлэһиигэ аһаҕас былааһаккалары тэрийэн, олоххо киириэн сөптөөх идиэйэлэри олоххо киллэрии буолар. Бу маннык соруктары өссө 2011 сыллаахха, аан маҥнай тэриллиэхпититтэн ылата бэйэбит палаатабытыгар тутуһабыт. Бу бүгүн талыллыбыт бэһис састаапка, идэлэригэр бастыҥ хаачыстыбалаах, эппит тылларыгар турар, олохторун уопутугар тирэҕирэн туохтан даҕаны чаҕыйбат, саарбахтаабат дьон кэлбиттэригэр улаханнык эрэниллэр”.
Сэмэн Жендринскэй