Чурапчыттан Уйбаан Макаров: “Эмсэҕэлээбит сэдэх көтөр дьылҕатын ким быһаарарый?”

Эрэдээкисйэҕэ суруксуттуу олордохпуна: “Сэмэн кэлэ сырыт эрэ, улахан кыһалҕаҕа түбэстим, маны хайдах гынабыный?”, — диэн дьикти булумньулаах Чурапчы улууһун биир бастыҥ уопсастыбанньыга Иван Григорьевич Макаров кэлэ сырытта.

Бэрт обургу хордуон дьааһыгы арыйбыта доҕоор, арыы дьүһүнэн арылыччы көрбүт, муус маҥан көп түүлээх тыҥырахтаах көтөрбүт илэ бэйэтинэн сытаахтыыр эбит. Хаар эбэ…

“Бу көтөр дьэ мин үрдүбүнэн буолла ээ”, — диэн Уйбаан, кыһалҕалаах киһи быһыытынан бэрт ыгылыйбыт куолаһынан салгыы кэпсээн барда: “Мин саныахпар бу көтөр уот лиинийэтигэр охсуллан атаҕа тостубут быһыылаах, суол кытыытыгар сытарын буламмын маҥнай бэтэринэриийэҕэ  тиийэ сырыттым ол ону снимоктаттар диэннэр, тиийэммэн эрэҥгиэҥҥэ түһэттэрбитим, атаҕын уҥуоҕа тостон баран сылдьар эбит. Аны бу көтөрү манна боростуойдук утутан бараннар эпэрээссийэлээбэттэр эбит. Ол иһин ханна да тиийбитим иһин аккаастаналлар. “Орто Дойду” паарката бэтэринэриийэттэн ыспыраапкалаах эрэ тутар үһү ону аны туһааннаах тэрилтэбит бу айылҕа кыыла буоларынан оннук кумааҕыны суруйбаппын диэтэ. Дьэ хайдах гынабыный? Ыарыыта диэн сүр быһыылаах, омунугар тыыммат даҕаны, оҕо курдук көтөхтөрө сылдьар, биир эмээхсин сиир этин биирдэ олорон турар эбит. Хайдах көрөрү, иитэри, аһатары билбэт буоллахпыт. Чэ, эн суруйан таһаарар буоллаххын таһаар, мин салгыы МЧС-га бардым. Бүгүн туох даҕаны быһаарыллыбатаҕына сарсын куораттыырым буолуо”, — диэн баран, Уйбааным хайы сах, дьааһыгын кыбыммытынан кирилиэһинэн түһэн сүүрэн бара турда.

Туһааннаах уорганнар бу айылҕа оҕотун дьылҕатын быһаараллара буоллар диэн эрэниллэр. Эбэтэр күөх муннуктаах оскуола ылан көтөр үтүөрэрин туһугар дьарыгырыа эбиттэрэ дуу? Иван Григорьевич төлөппүөнүн нүөмэрэ: 89141041127.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ