Чурапчыттан тыа хаһаайыстыбатын чулуу үлэһитэ Варвара Сивцева туһунан

Бу күннэргэ Чурапчыбыт биир маҥнайгы бааһынай /пиэрмэр/ дьахтара, Мугудай  “Тура”  бааһынай хаһаайыстыба баһылыгынан 30-тус сылын үлэлиир Варвара Михайловна Сивцева 65 сааһын туолар бэлиэ сыла эбит. Онон үлэһит киһи үбүлүөйэ өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, улууспутугар Ытыктабыл сылыгар сөп түбэспитэ икки бүк суолталанар. Итинтэн сиэттэрэн, кини туһунан, мин биир кырдьаҕас пиэрмэр, бааһынай хамсааһынын туһунан элбэхтик туруорсубут, суруйбут киһи быһыытынан, кылгастык кини туһунан  билиһиннэрэргэ сананным.

Аан бастаан ыстатыйабын тоҕо Тура Балбаара диэбиппин быһаарыым. Ол манныктан. Биллэрин курдук, биһиги, чурапчылар, Сойууспут ыһылларын кытта, 7 сопхуоспут үрэллэн, бары кэриэтэ 300-тэн тахса биирдиилээн араас ааттаах бааһынай хаһаайыстыбаларга арахсыбыппыт. Олортон уһуннук, тахсыылаахтык үлэлээбит дьоҥҥо ол бааһынайдарын ааттара, көннөрү кэпсэтиигэ, бэйэлэрэ сирэй ааттарын курдук буолан хааллылар.

Холобур, киэҥник биллэ сылдьыбыт, мин өрөспүүбүлүкэ бааһынайдарын лидерэ диэн суруйар, чахчы салайар талааннаах, норуот киһитэ В.В.Смирникову быһаччы «Олокоос», төгүрүк тулаайах, биир сүөһүтэ суох эрээри кэлин норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ уо.д.а. ааттары ылбыт, элбэх ситиһиилэрдэх Е.Е.Адамовы эмиэ хаһаайыстыбатын аатынан «Азаана», Арыылаахха төрүттэрин аатын ылыммыт, уһуннук сыралаһан үлэлиир Д.И.Захаровы бары бэйэ истиитигэр «Кугастан» атыннык ааттаабат буоллубут. Итилэртэн кинилэр өһүргэммэттэр. Өссө киэн тутталлар. Төрүттэрин ааттатар, үйэтитэр буоллахтара. Биһиэхэ итинник өбүгэлэрин, үөскээбит, олорбут сирдэрин, онтон  да атын араас ааттары ылыммыт бааһынайдар элбэхтэр. Холобур, «Кырымах», “Куолас”, “Көлүйэ”, «Бэрэ», “Тоох”…диэтэхтэринэ,  кимнээх буолалларын туһааннаах дьон тута билэбит.

Онтон бүгүн суруйар дьоруойум Варвара Михайловна бааһынайын аата «Тура» диэн оттуур сүрүн алааһын аатынан эбит.Олус кылгас, чуолкай, өйдөнүмтүө аат!

Өссө Мугудайга кини иннэлээх сап курдук бииргэ, субуруһа сылдьар чугас дьүөгэтэ Варвара Васильева «Кыттайбан» диэн эмиэ бааһынай хаһаайыстыбалаах этэ. Онон мин биирдэрин «Тура», иккиһин «Кыттайбан» Балбааралар           диирим.   Дьон да оннук     ааттыырга         үөрэнэн       хааллахтара.

Тура    Балбаара        1958 с. балаҕан ыйын 25  күнүгэр       Мугудай      нэһилиэгэр 6  оҕоломмут ыалга маҥнайгынан күн сирин көрбүт. Кини аҕата төрүт Мугудай Михаил Павлович Терютин сааһын тухары сылгыһыт, онтон ийэтэ Төлөйтөн төрүттээх Елена Егоровна Толстоухова диэн эмиэ үйэтин тухары ыанньыксытынан үлэлээбит дьиҥнээх хара үлэһит, тыа дьоно эбиттэр.Үчүгэйэ диэн кинилэр 6 оҕолоро билигин бары ыал-дьон буолан, араас сирдэринэн тэнийэн олороллоруттан киһи үөрэр.

Варя орто оскуоланы дойдутугар бүтэрээт, куоракка тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэн, бэтэринээр идэтин баһылыыр. Дойдутугар тахсан осеменаторынан, бэтэринээринэн, оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһин маастарынан үлэлиир. Ол сылдьан, 1987 с.СГУ-ну бүтэрэн, зоотехник идэтин баһылыыр. Ол кэнниттэн Карл Маркс аатынан сопхуос Мугудайдааҕы отделениетын зоотехнигынан, кэлин сопхуос эстиэн иннигэр 1000-тан тахса сүөһүлээх 2 улахан пиэрмэни хаһаайыстыбаннай ахсааҥҥа киллэрэн арендаторынан үлэлээн, салайар үлэҕэ элбэххэ үөрэммит.

Ол кэнниттэн 1994 сылтан дьиэ кэргэнинэн «Тура» диэн бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамсыы сылдьар.Аҕыйах сүөһүттэн саҕалаан, ынах сүөһүтүн ахсаанын 120, сылгытын 80 төбөҕө тиэрдэн, улуус биир улахан, таһаарыылаах бааһынай хаһаайыстыбатыгар кубулуппута.

2003, 2006 сс. Бэрэсидьиэн Граныгар тиксибитэ.

61 гектар күөх ыһыы сирдээҕэ. Ол бааһыналарын “Дьөһөгөй” сир оҥоһуутунан дьарыктанан элбэҕи оҥорбут, хомойуох иһин, аҕыйах сыллааҕыта олохтон барбыт А.Е.Луковцев звенотунан оҥорторон ыстарара. Итинтэн сиэттэрэн, билигин улууспутугар  Афанасий Егорович курдук анал сир оҥоһуутунан дьарыктанар дьонноох, саатар биир звенолаах эбиппит буоллар диэн санаталаан ылабын.

Аҥаардас сүөһү-сылгы иитэн өнүйбэтин өйдөөн, Варвара Михайловна “Халыма” айан суолун кытыытыгар саҥа дьиэ туттаран, «Виктория» диэн кафе астаран үлэлэтэ сылдьыбыта. Ол аһыллыытыгар мин сылдьыбытым. Онтуката айан суолун кытыытынан аһатар сирдэр дэлэйэн сабыллыбытын кэнниттэн дьүөгэтэ Кыттайбан Балбааралыын кыттыһан, түүлээх таҥаһы тигэр мастарыскыай аһан үлэлэппиттэрэ. Олору таһынан Маралаайы бөһүөлэгэр кыра атыы-эргиэн ырыынагын үлэлэппит кэмнээҕэ. Ити курдук, кини олох ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, эбии хайысхалары тэрийтэлии сылдьыбыта.

«Тура» бааһынай хаһаайыстыба 2016 с.Дьиэ кэргэн  сайдыытын Гранын ылан улахан саҥа,типовой хотон туттарбыта.

Ол эрээри олох эриэ-дэхси барбат, соһуччу түгэннэри үөскэтэрэ суох буолбатах. Ол курдук, кини олоҕун аргыһа, холоонноох доҕоро, эрэ Вячеслав олохтон баран улахан охсууну ылбыта. Ол гынан баран, кини самнан хаалбакка, хаһаайыстыбатын ыспатаҕа. Ааспыт кыһарҕаннаах кыстыкка уопсайа 81 ынах, ол иһиттэн 36 ыанары кыстатан туораппыт. Ону таһынан чааһынай ыаллар сылгыларын, кэпэрэтиип курдук холбоон, 216 сылгы сүөһүлээх.

Ити курдук, Варвара Михайловна бу 30 сыл кэриҥэ тохтоло суох бэриниилээхтик үлэлээн, үгүс-элбэх наҕараадалардаах. Ол курдук, кини СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх пиэрмэрэ, Мугудай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 2003, 2006 сс. СӨ Бэрэсидьиэнин, 2016 с. дьиэ кэргэни сайыннарыы Граннарын хаһаайката, 2017 с.Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 100 сылынан, 2018 с. “Урбаан сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” мэтээллэринэн уонна араас Бочуоттаах бэлиэлэринэн, үгүс грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыта.

Варбара Михайловна бэйэтин бааһынайын үлэтинэн эрэ муҥурдаммакка, уопсастыбаннай олоххо актыыбынайдык кыттар. Ол курдук, кини хас да сыл «Чурапчы» ТХПК бырабылыанньатын чилиэнинэн талыллан үлэлээбитэ.Үлэлиирин былаһын тухары, бэйэтин нэһилиэгин, улуус араас дьаһалларыгар успуонсардаан, кыайарынан көмө оҥорон, «Үтүө Дьыала» хамсааһын бэлиэтинэн наҕараадаламмыта.

Варвара Михайловна үһүөн үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, туспа ыал, үлэһит буолбут биир кыыс, икки уол тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн амарах эбэтэ буолан күн бүгүн, 30-тус сылын,хаһаайыстыбатын ситиһиилээхтик салайа сылдьар.

Билиҥҥи кэмҥэ, бу иннигэр даҕаны, үгүс бааһынайдар, кэтэх да ыаллар сааһыран,эбэтэр араас төрүөтүнэн оҕолоро, ыччаттара атын сирдэргэ үөрэнэ-үлэлии баран, хаһаайыстыбаларын, сүөһүлэрин эһэллэрэ аҕыйаҕа суох. Оттон Варвара Михайловна кыра уола Валерьян эһиилгиттэн ийэтэ 30 сыл устата сыралаһан үлэлэппит хаһаайыстыбатын тутан хаалара буоллар, диэн бүччүм,баҕа санаалаах.

Түмүгэр, бу санаатахха, олоҕун, үлэтин барытын осеменатортан, бэтэринээртэн, зоотехниктан, арендатордан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар анаабыт, 30 сыл кэриҥэ бааһынайдаабыт Тура Балбаара курдук дьахтар биһиги улууска суох, өрөспүбүлүкэҕэ даҕаны биир эмэ баара буолуо.

Онон Тура Балбаараны-Варвара Михайловна Сивцеваны бу күнннэргэ 65 бэлиэ сааһа туолбутунан,  “Тура” хаһаайыстыбаны тэрийбитэ, салайбыта 30 сыла туоларынан, истиҥник  эҕэрдэлиэҕиҥ! Киниэхэ чэгиэн туругу, бары үчүгэйи, дьолу-соргуну, “Тура” хаһаайыстыбата өссө да туругура турарыгар баҕарыаҕыҥ!

Иван Пономарев