Быһа биэриибит ыалдьыттара — биир дойдулаахтарбыт, Чурапчыттан төрүттээх Надежда уонна Трофим Марковтар. Кинилэр уруккута урбаанньыттар, Чурапчыга «Домашний праздник» маҕаһыын хаһаайыттара.
Билиҥҥи кэмҥэ Таилаҥҥа Краби провинцияҕа олороллор. Бу сыллар тухары үөрэнэн, Надежда — психолог, коуч, Трофим — массажист, лфк тренерэ. Иккиэн медитолог — медитация араас ньымаларын дьоҥҥо үөрэтэрэр идэлээхтэр.
Медитация диэни интэриэһиргээн, дириҥник үөрэтэллэр. Киһи ис органнара айылҕаттан анаммыт ыраастанар механизмнаах эбит буоллахтарына, киһи мэйиитин ыраастыыр механизма суох. Ол иһин биһиги төбөбүтүгэр араас санаалар, толкуйдар, билиилэр, олох үөрүйэҕэ сылтан сыл аайы мунньуллан иһэр, үксэ наадата суох буолан, олоҕу толорутук олорорго мэһэйдиир. Онтон ыраастанарга анаммыт медитация диэн баар. Ол туһунан Марковтар биир дойдулаахтарыгар сырдаттылар, билиһиннэрдилэр, аҕыйах ньымаҕа үөрэттилэр.
Наталья Сибирякова. Сиһилии быһа биэриигэ көрүҥ: