Чурапчыттан төрүттээх бэйиэт Николай Попов хоһоонноро өлбөөдүйбэт үйэлээхтэр, уостан түспэккэ ылланаллар

Киһи сүрэҕин өрүкүтэр, дууһатын сылаанньытар ырыалар , уостан түспэккэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн ыллана тураллар. Хоһоон хомоҕой тыллара холбоһон, муусука дьикти дьүрүлгэнэ дьүөрэлэһэн ылбаҕай ырыа айыллан тахсар. Биир оннук айымньылаах бииргэ үлэлээһин  көстүүтүнэн самодеятельнай композитор, ырыа айааччы Аркадий Алексеев уонна бэйиэт Николай Попов буолаллар. Аркадий Алексеев киһи иһиттэр истэ олоруох, ыллаатар ыллыах курдук дьикти кэрэ ырыалары бэлэхтээбит дэгиттэр  дьоҕурдаах, талааннаах, саха норуота бары сүгүрүйэр норуодунай артыыспыт. Онтон кини биллэр, дьон таптаан ыллыыр ырыаларын тылларын суруйбут бэйиэтинэн Николай Попов буолар. Аркадий Алексеев Саха государственнай университетын  устудьуоннарын ортотугар тэрийбит ырыатын ансаамбыла , Николай Попов тылларыгар суруллубут “Сааскы вальс”, “Ыйдаҥа түүн” , “Студент доҕорбор” диэн  ырыалары аан бастаан толорбута, ыччаттар, устудьуоннар ортолоругар тута биһирэммиттэрэ, уостан уоска көппүттэрэ.Биһиги Аркадий Алексеевы түбэһиэх тылга ырыа айбат, кини саха  норуодунай бэйиэттэрин Петр Тобуруокап, Семен Данилов, Леонид Попов уо.д.а. тылларыгар ырыа айбыт мелодист быһыытынан билэбит. Итинэн сиэттэрэн саха норуотугар биир улахан бэйиэт тахсыахтаах талаана, хоһоонньута Николай Попов ыарахан ыарыыттан олохтон эрдэ барбытын курутуйа ахтаҕын.  Быйыл ахсынньы 13 күнүгэр бэйиэт Николай Попов төрөөбүтэ 85 сылын туолар.

РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Терентий Кардашевскай «Саҥа олох»   хаһыакка тохсунньу 19 күнүгэр 1988 сыллаахха  “Ырыаҥ сүрэхпитигэр сүүрүгүрэр” диэн ыстатыйатыгар маннык суруйбута: “Ырыалар эмиэ дьоннор курдук, араас дьылҕалаахтар – сорохтор биирдэ иккитэ ылланаат умнуллан, кэм – кэрдии көлүөһэтигэр  үлтү миккиллэн сүтэн – симэлийэн хаалаллар. Онтон атыттар суойар саһарҕа, сырайар кутаа кэриэтэ дууһаны мэлдьи  сырдата, сылааһынан угуттуу сылдьаллар. Биһиги кини үөрэппит оҕолоро, учууталбытын күн бүгүн  даҕаны чугастык, истиҥник саныыбыт, кини хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары  дуоһуйа, астына  ыллыыбыт. Ыарахан ыарыы кини олоҕун эрдэ быспыта, төһөлөөх кэрэ ырыа ситэ айыллыбатаҕа, төһөлөөх үтүө хоһоон  суруллубатаҕа буолуой?”.

Николай Васильевич Попов 1938 сыл ахсынньы13 күнүгэр Болтоҥо нэһилиэгин Кындалыгар Павлуцкая Пелагея  Семеновна уонна Попов Василий  Митрофанович дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүө этилэр. Балта олох кыра сааһыгар өлбүтэ.  Ийэтэ Пелагея Семеновна 1943 сыллаахха ыалдьан, икки быраата  ити дьыл ийэлэрин кэнниттэн ис ыарыытыгар хаптаран өлбүттэрэ. Коля  биэс саастааҕар аҕатынаан соҕотох хаалбыта. 1946 сыллаахха аҕыстааҕар  Чурапчы  училищетын  базовай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, манна 8 кылааһы бүтэриэр диэри үөрэммитэ. Үөрэнэр кэмигэр  гимнастиканан сөбүлээн дьарыктаммыта. Бырааһынньыктарга  оройуон кулуубугар биир форманы таҥныбыт оҕолор  араас хамсаныылары,пирамидалары  оҥорон көрдөрөллөрө, дьону сөхтөрөллөрө.

Коля 17 сааһын туолаат Дьокуускайга биир сыллаах киномеханиктар үөрэхтэригэр киирбитэ. 1956с. ити училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн  Кытаанахха киномеханигынан ананан ,Советскай армия кэккэтигэр ыҥырыллыар диэри үлэлээбитэ. Ити үлэлиир кэмигэр Дмитрий Петрович Коркиҥҥа тустууга эрчиллибитэ. Хайыһардыырын эмиэ сөбүлүүрэ. Саас оройуоннааҕы күрэхтэһиигэ кыттыбыта. Самодеятельноска көхтөөхтүк кыттара. 1958 сыллаахха армияҕа барбыта. Сахалиҥҥа 3  сыл сулууспалаабыта. Сулууспалыыр кэмигэр тустуунан утумнаахтык дьарыктанан бастакы разряд нуорматын толорбута, байыаннай чааһыгар бастаан, Забайкальскай уокурук сүүмэрдэммит хамаандатын  састаабыгар киирэн,элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыбыта. Бастыҥ байыас , спортсмен быһыытынан хайҕал суругунан наҕараадаламмыта. 1961 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлэн баран, ый аҥаара сынньанаат, стройучаастакка  тутууга үлэҕэ киирбитэ. Үлэлии – үлэлии киэһээҥҥи оскуола 9 кылааһыгар үөрэммитэ. Тустууга салгыы дьарыктанан оройуон чемпионунан буолбута. Бу сылдьан быарынан эмискэ ыалдьыбыта. Дьокуускайга ыарахан операцияны баран биэс ый  эмкэ сытан  тахсыбыта. Ыарахан ыарыыга быһа ааллара сылдьан, чэпчэки үлэ кэпсэтэн  метеостанцияҕа  кэтээччинэн  үлэҕэ киирбитэ уонна киэһээҥҥи оскуолаҕа онус кылааһы бүтэрбитэ. 1963 сыллаахха СГУ биолого –географическай факультекка туттарсан киирбитэ. Биэс сыл үөрэнэн үрдүк үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Бу үөрэнэр сылларыгар художественнай самодеятельноска активнайдык кыттара, араас дьаһаллары атаарыыга тэрийээччи буолар. ”Сэргэлээх уоттара” литературнай  куруһуокка дьарыктаммыта. Устудьуоннуур сылларыгар  суруйбут хоһоонноругар мелодист Аркадий Алексеев мелодия айан, тута устудьуоннар ортолоругар тарҕаммыта.  Ол сыллааҕы ыччаттар аргыс буолан ыллаабыт ырыалара: “Сааскы вальс”, “Суолга”, “Студент доҕорбор”, “Сэбирдэхтэр”,” Ыйдаҥа түүн”, “Күһүҥҥү серенада”, “Тапталлааҕым ханнаҕын?”, “Күннээх Амма”, “Ыччат ырыата”, “Доҕорбор” –элбэхтэ концертарга, ыһыахтарга ылланаллара,дьон түмсэр сирдэригэр,бырааһынньыктарыгар дьиэрэйэллэрэ, ис сүрэхтэн тахсар тыллардаах, мелодиялаах буолан тута дьон кутун туппуттара. Николай Попов тылларыгар суруллубут биир саамай ылланар, кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар дылы сөбүлээн ыллыыр, саха эстрадатын чаҕылхай ырыаһыттара толорор ырыаларынан  Анастасия Варламова “Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн” ырыата буолар.

1968 сыллаахха географ  учуутал идэтин ылан,төрөөбүт оройуонугар Мындаҕаайы бөһүөлэгэр олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбитэ. Университекка үөрэнэ сылдьан 1966 сыллаахха Сунтаартан төрүттээх Раиса  Борцу көрсөн ыал буолбуттара. Үс уол уонна биир кыыс оҕоломмуттара. Николай Васильевич кэргэнигэр, оҕолоругар ураты кыһамньылаах этэ. “Кыра эрдэҕиттэн оҕомсох, аймаҕымсах, үгүс үчүгэй табаарыстардааҕа. Сүрдээх дойдумсаҕа – бириэмэ буллар эрэ төрөөбүт Кындалыгар таайдарыгар тахсара, дуоһуйа дьаарбайара, бултуура.Сурукка – бичиккэ талааннаах буолуох быһыылааҕа, хоһооннорун хайгыыллыра, көннөрү ыытар суруктара даҕаны ис киирбэх тыллаах – өстөөх буолаллара, элбэҕи ыпсаран суруйара.  Сэмэй этэ, хайҕанарын сөбүлээбэтэ. Ыарахан ыарыыга  ыллара да сырыттар олоххо дьулуурунан, кытаанах санаатынан үөрэммитэ, үлэлээбитэ. Уонтан тахса сыл ыалдьарыгар түөрт төгүл ыарахан операцияны ааспыта. Николай олоҕо уһууругар эмп уонна таптыыр кэргэнэ Раиса Ивановна күүс -көмө буолбуттара.” —   бу курдук кини туһунан аҕата Василий Митрофанович, балта Александра Егоровна Колесова уонна доҕотторун ахтыыларын киһи долгуйбакка аахпат. Николай  Васильевич баара– суоҕа бу орто дойдуга  35 сыл олорбута, 1973 сыллаахха саха литературатыгар  лирик –поэт  быһыытынан киирэн испит  талааннаах биир дойдулаахпыт ыарахан ыарыыттан  олохтон туораабыта. Кини туһунан биир дойдулааҕа, саха биллиилээх суруйааччыта Василий Яковлев: ”Н. Попов тэһитэ –тэһитэ аҕыйах ырыалары айарынан муҥурданар санаата суоҕа. Кини саха поэзиятыгар сананан уһуннук – киэҥник үлэлиир, олоҕун онно аныыр баҕалаах этэ.  Ол курдук кини ырыаларын таһынан 20 хоһоону уонна биир “Пальма юности” диэн балачча улахан лирическай поэманы суруйан хаалларбыта бэчээккэ тахса иликтэр. Баларга уйан дууһалаах, үөрүнньэҥ сүрэхтээх, олоххо баар кэрэни сатаан таба көрөр, сыаналыыр уонна  онтун уус тыл дьэрэкээнэ оҥорон кэрэхсэтиилээхтик таҥар кыахтаах дьиҥнээх поэт тахсар киһи суола –ииһэ ырылыччы көстөр. Олоҕу умсулҕаннаахтык таптыыра. Ол тапталын төлөнүн бэйэтин кытта илдьэ барбакка, бар дьонугар, норуотугар хааллардаҕа. Ол поэт анала, дьоллоох киһи анала”.-диэн 1976 сылга “Хотугу сулус” сурунаал тохсус нүөмэригэр суруйбута.

1988 сыллаахха ахсынньыга киин библиотекаҕа поэт Николай Попов төрөөбүтэ 50 сылыгар аналлаах литературнай – музыкальнай киэһэ олус долгутуулаахтык, тэрээһиннээхтик  ааспыта. Чурапчытааҕы кииннэммит  библиотечнай ситим директорынан  Мария Николаевна Калачева үлэлиирэ. Методистарынан Анастасия Егоровна Аргунова, Дария Алексеевна Картузова, ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел сэбиэдиссэйинэн Людмила Прокопьевна Саввина, мин кылаабынай библиогравынан үлэлиирбит.Николай Поповка аналлаах биэчэри музыкальнай оскуола коллективын кытта бииргэ ыыппыппыт. Оччолорго музыкальнай оскуола директора Оллонова Матрена Гаврильевна этэ. Бу биэчэргэ олус кыһанан, өрө көтөҕүллэн бэлэмнэммиппит. Василий Николаевич Дьячковскай Николай Попов улахан портретын уруһуйдаабыта. “Сырдык ыра поэта” диэн быыстапка тэриллибитэ.  Николай Попов дьиэ кэргэнин архыыбыттан кини олоҕун сырдатар элбэх хаартыскалары, кини хоһооннорун хаһыаттартан куоппуйалаан, кини туһунан суруйуулары түмэн быыстапкаҕа уурбуппут. Истиҥ киэһээни оччолорго култуура информационнай – методическай киинин салайааччыта Галина Баишева иилээн – саҕалаан ыыппыта. Поэт аҕата Василий Митрофанович кэлэн кыттыыны ылбыта. Кини Мурун Тыымпыйаҕа олороро. Сүрдээх сырдык дьүһүннээх, ыраас хааннаах, интеллигентнай көрүҥнээх кырдьаҕас этэ. Суруйааччы Сэмэн Тумат,  Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа общественнай корреспонден Петр Седалищев,”Саҥа олох” хаһыаттан суруналыыс Мария Сидорова, уордьаннаах суоппар  Федор Иванов,  кэлин биллиилээх спортивнай суруналыыс, комментатор буолбут Василий Посельский уо.д.а.Николай Попов туһунан истиҥ ахтыылары оҥорбуттара.Екатерина Соловьева салайан Матрена  Оллонова, Матрена Филиппова, Екатерина Соловьева уонна мин квартетынан  Николай Попов тылларыгар Аркадий Алексеев мелодиятыгар икки ырыаны ыллаабыппыт. Баяниспыт музыкальнай оскуола преподавателэ омугунан нуучча Юрий Орлов этэ. Василий Посельский  хас да ырыаны  бэйэтэ баянҥҥа доҕуһуоллаан ыллаабытатолорбута. Бу күн киин библиотекаҕа “Алгыс” литературнай -музыкальнай салон аһыллыбыт күнүнэн ааҕыллар. Ити курдук талааннаах биир дойдулаахпыт, поэт Николай Попов 50 сааһыгар, оччотооҕу директорбыт Мария Николаевна Калачева көҕүлээһининэн  тэриллибит «Алгыс “литературнай – музыкальнай салоҥҥа элбэх интэриэһинэй көрсүһүүлэр, айар киэһэлэр, кинигэ биһирэмнэрэ ыытыллан кэллилэр. Николай Попов хоһоонноругар суруллубут сүрэхтэн сүппэт ырыалар, өссө да саха дьоно “үөрүүлэрин  үллэстэ ыллаан – туойан дьиэрэтиэхтэрэ, үөһэттэн кутулла дуорайыахтара.”

Наталья Захарова.