Чурапчыттан Монастыревтар дьиэ кэргэн: «Кэлэр кэнчээри ыччаппыт уйгулаах олохторун туһугар бэйэбит куоласпытын уктубут»

Кулун тутар 15-17 күннэригэр дойду үрдүнэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара ыытылла турар. Бу суолталаах түгэҥҥэ Чурапчы олохтоохторо  көхтөөхтүк кытталлар. Ол иһигэр бүтүн Арассыыйатааҕы «Всей семьей» бырайыак кыттыылаахтара элбэх оҕолоох Анастасия уонна Давид Монастыревтар 682 №-дээх «Куоҕалы» быыбардыыр учаастакка кэлэн, гражданскай иэстэрин толордулар.

“Арассыыйаҕа, Саха сиригэр суолталаах күннэр буола тураллар. Быыбарга оҕолорбутун кытта үөрэн-көтөн кэллибит. Элбэх ыччаттаах дьиэ кэргэн буоларбыт быһыытынан, кинилэр эрэллээх, кэскиллээх олохторун туһугар бэйэбит куоласпытын уктубут”,  — диэтэ ыал күн күбэй ийэтэ Анастасия.

Бэлиэтээн эттэххэ, Монастыревтар дьиэ кэргэн «Всей семьей» бырайыакка тохсунньу ыйтан кытталлар. Бу  дьаһал Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар ананар. Сүрүн сыалынан дьиэ кэргэн сыаннаһын үрдэтии уонна иллэҥ кэми оҕолору кытта туһалаахтык атаарарга көмөлөһүү буолар. Манна күн бүгүн Саха сириттэн 1000 тахса ыал кыттар.

Марфа Петрова