Аан дойду үрдүнэн 1965 сылтан саҕалаан Мэдиссиинэ сиэстэрэтин норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык мэдиссиинэ орто сүһүөх үлэһиттэрин, ол иһигэр сиэстэрэлэри, биэлсэрдэри, акушердары, лабораннары түмэр, сомоҕолуур.
СӨ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна, РФ “Белый Ангел” бэлиэ хаһаайына Лидия Николаевна Федорова Императортан икки уордьаннаах Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһаҕа биэс сылтан бэттэх профилактика кабинетыгар сиэстэрэнэн үлэлиир.
Кини 1984 сыллаахха орто анал үөрэҕин баһылаан баран Дьокуускай куоракка сиэстэрэнэн үлэтин саҕалаабыта, ол кэнниттэн 1990 сыллаахха Чурапчытааҕы сэллиги утары охсуһар балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлиир онтон уонча сыл интэринээт-оскуола медпуунугар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, кэлин Чурапчы киин балыыһатыгар сиэстэрэнэн анаммыта.
Кини саллар сааһыгар түүлүгэр даҕаны түһээн баттахпатах идэтигэр туттарсан киирбитэ диэн этиэххэ сөп. Лидия Николаевна балыыһа үлэһитин сиэринэн сүрдээх холкутук: “Дьиҥэр ырыаһыт буолар баҕа санаалаах этим (күлэр). Ону урукку оҕолор болуоссакка мустаар идэлээх этилэрэ, онно үөрэххэ кыайан киирбэккэ хаалбыт кыргыттары көрсөммүн, кинилэри кытары тэбис-тэҥҥэ тиийэммин медицинскэй училищеҕа докумуоммут туттаран кэбистим. Ол кэнниттэн миигин сүрдээх түргэнник үөрэххэ ылбыттара, оттон ол кыргыттарым сатаан ол да курдук киирбэккэ хаалбыттара. Онон улахан дьолбор эбитэ дуу, дьахтар киһиэхэ сүрдээҕин барсар, олус туһалаах идэни баһылаан күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьабын”, – диэн кэпсээтэ. “Биллэн туран сиэстэрэ идэтин олуһун диэн сөбүлүүбүн. Сиэстэрэ үлэтэ элбэх хаачыстыбалары, тулууру, дьулууру эрэйэр. Бастатан туран аһыныгас санаалаах, ыарыһахха эйэҕэс, болҕомтолоох сыһыаннаах буолуохтаах. Сүрүнэ, хайа да кэмҥэ дьоҥҥо көмөлөһөргө бэлэм буолуохтаах. Бар дьоммут-сэргэбит барахсаттар “Сиэстэрэлэр баар буоланнар үтүөрэбит” диэн этэллэрэ сөптөөх дии саныыбын. Хас биирдии сиэстэрэ бырааһы кытары тэбис-тэҥҥэ үлэлиир. Кини быраас анаабыт эмтээһинин чопчу тутуһар. Ыарыһах хайдах көрүллэн, эмтэнэн түргэнник үтүөрэрэ сиэстэрэттэн улахан тутулуктаах.
Түгэнинэн туһанан урукку сылларга үлэлээн ааспыт бэтэрээн үлэһиттэрбитин, күн-бүгүн дьуһуурустубаҕа олорор кэллиэгэ-дьүөгэлэрбитин бүгүҥҥү бырааһынньыгынан өссө төгүл эҕэрдэлиибин, дьолу-соргуну баҕарабын” — диэн Лидия Николаевна сиэстэрэ уустук үлэтин салгыы сырдатта.
Чурапчы улууһунааҕы киин балыыһаҕа мэдиссиинэ үлэһитигэр барыта 198 штат көрүллэр, билигин 400-тэн тахса үлэһиттээх. Ол эбэтэр орто анал үөрэхтээх персоналынан каадырынан хааччыллыы былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн көрдөрүүтэ 109,4 бырыһыан.
Кылаабынай быраас кэпсээбитинэн, улуус мэдиссиинэ анал орто үөрэхтээх үлэһиттэринэн толору хааччылларын туһугар 2022 сыллаахха Чурапчытааҕы киин балыыһа итиэннэ Чурапчытааҕы аграрнай-техническэй кэллиэс баазаларыгар Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин отделениетын арыйбыттар. Билигин манна 40-тан тахса устудьуон үөрэнэр.
“Бу ыччаттарбыт үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ, биһиги улуус мэдиссиинэ үлэһиттэринэн хааччыллыыбыт бырыһыана өссө үрдүөхтээх, саастаахтары эдэрдэрбит солбуйуохтара турдаҕа. Түгэнинэн туһанан, Сиэстэрэлэр норуоттар икки ардыларынааҕы күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Бука барыларыгар кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ-хамнаска ситиһиини уонна дьиэ кэргэттэригэр иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабын. Сиэстэрэлэр барахсаттар күнүстэри-түүннэри сылайары билбэккэ үлэлииллэр, кинилэр түбүктэрэ үрдүктүк сыаналаныан баҕарабыт. Үрүҥ халааттаах аанньалларбыт аҥардас бэйэлэрин эрэ үлэлэринэн муҥурдаммакка, араас дьыалаҕа барытыгар олус көхтөөхтөр, уопсастыбаннай үлэлэргэ, субуотунньуктарга барытыгар кытталлар. Ону таһынан уопуттаах сиэстэрэлэрбит устудьуоннарбытыгар көмөлөһөллөрүттэн, бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин, үөрүйэхтэрин үллэстэ сылдьалларыттан олуһун үөрэбит, кинилэринэн киэн туттабыт,” – диэн Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сергеевич Сивцев күннэтэ алтыһар биир идэлээхтэрин эҕэрдэлиир.
Сэмэн Жендринскэй