Быйылгы дьыллаахха Саха сирин бэтэринэриийэтин сулууспаларын модернизациялааһын бырагыраамматын ылыныы бастакы барыла оҥоһулунна. Онуоха матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаны саҥардыы сүрүн сорук быһыытынан туруорулунна.
Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников СӨ бэтэринэриийэҕэ департаменын 2023 сыл түмүгүнэн сэминээр-мунньаҕар иһитиннэрэн турар.
Сергей Васильевич бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата эрэгийиэн бэтэринэриийэҕэ сулууспаларын сайыннарар уонна кыһалҕалаах боппуруостары быһаарар былааннаах. Кини этэринэн, билигин сүрүн кыһалҕа – каадырынанситэрихааччыллыбатбуолуууонна матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй бааза эргэриитэ буолар.
“Билигин бэтэринэриийэ департамена биһиги өрөспүүбүлүкэбит бэтэринэриийэҕэ сулууспаларын модернизациялааһын бырагырааматын бэлэмнээн саҕалаата. Онуоха кэлэр биэс сылга 850 мөлүйүөн кэриҥэ суумманы инвестициялаары былаанныыр. Биһиги булгуччу итинник бырагырааманы хайаан даҕаны өйүөх тустаахпыт, тоҕо диэтэххэ бу барыта — бириэмэ ирдэбилэ.
Былырыын СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар лабораториябытын туруорсубуппут, итини таһынан 57 мөл.сууммалаах сметабытын СӨ Ил Түмэнин бүддьүөтүн тыырааһыныгар иккитэ суруйан киллэрэ сылдьыбыппыт, онно хомойуох иһин өйөбүлү ылбатахпыт. Быйылгы сылга ааҕыллыыга ыытан олоробут, эрэнэ кэтэһэбит. Чурапчыбыт нэһилиэгэр турар дьиэбит-уоппут, лабораториябыт уонна аптекабыт дьиэтин аварийнайынан билинэн, кыһылҕаттын тарсар сыалтан, эргэ лечебница дьиэтигэр көһөрөн, үлэлэтэ олоробут. Аптеканы салайар дьиэбитигэр 1-кы этээскэ көһөрөн киллэрбиппит, биллэн туран олус кыараҕас. Уопсай баазабыт олус мөлтөх.
Билигин автономно чоҕунан оттон олоробут, бу сыллаахха гааска көһөөрү былааннанабыт, ону барытын бэйэбит киллэрэр үппүтүттэн толуйуохтаахпыт. Быйыл Хоптоҕо нэһилиэгэр бэтэринэриийэ учаастагын тутаары сылдьабыт. Тутуубут матырыйаалларын атыылаһан олоробут. Бу тутууну бэйэбит киллэринэр үппүтүнэн ыытабыт.Улууспутугар үлэлии тураллар Мындаҕаайы, Соловьев, Чыаппара, Хайахсыт, Чакыр, Хатылы, Мугудай, Болтоҥо, Сылаҥ, Кытаанах нэһилиэктэригэр бэтэринэриийэ учаастактара эргэрэн, үгүстэрэ капитальнай өрөмүөҥҥэ наадыйан тураллар.
Муома улууһугар баар салаабыт туспа бэтэринээрийэ управлениета буолуутун боппуруостара билигин өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэҕэ министиэристибэтигэр сүбэлэһиигэ сылдьар. Онно баар дьиэбит-уоппут, эмиэ урукку Сэбиэскэ былаас саҕана тутуллубут, икки этээстээх дьиэ буолар. Инньэ гынан, матырыйаалынай-техэньиичэскэй баазабыт быстар мөлтөх, аҥардас дьиэ-уот эрэ буолбакка лаборатория оборудованиеларыгар тиийэ эргэрдэ.
Биһиги тэрилтэбитигэр 2023 сылы 121 үлэһиттээх түмүктээтибит, онтон 18 үлэһит Муома улууһугар бааллар. 10 исписэлиис миэстэтигэр үлэһит тиийбэт.
Быйылгы сылтан АГАТУ баазатын сайыннарыыга улахан былааннаах үлэ барыахтаах, онно барыта саҥа тиэхэньикэҕэ, оборудованиеҕа үөрэммит устудьуоннартан, үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр тахсыахтара. Былырыын ЯСХТ-га тиийэ сылдьыбытым, онно студеннар олус үчүгэй, аныгы оборудованиеҕа билиилэрин чопчулуулларын, үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэнэ сылдьалларын көрөн үөрбүтүм да сонньуйбутум даҕаны. Бу маннык эйгэҕэ үөрэхтэрин бүтэрбит оҕолор, манна биһиэхэ кэллэхтэринэ, “сир уонна халлаан”, эргэрбит дьиэ-уот, оборудование. Ол да иһин устудьуоннар тыа сиригэр үлэлии кэлиэхтэрин баҕарбат буолуулара баар. Дьиэ-уот мөлтөҕө, благоустройствата суох бэтэринээринэй учаастактар. Холобура, үлэлээн кэлэн спецтаҥаскын суунар да усулуобуйа суох. Ол иһин модернизация киирэн, толору хааччылыылаах дьиэлэргэ, саҥа оборудованиеҕа үлэлэтиэхпитин баҕарабыт. Бастакы хардыы быһыытынан Хоптоҕоҕо итинник толору хааччыллыылаах ветеринарнай учаастак дьиэтин тутаары былаанныыбыт. Быйыл СӨ Бэтэринээринэй сулууспа сайдыытын стратегиятыгар олоҕуран “УАЗ-фермер” массыына баазатыгар оҥоһуллубут дезинфекциялыыр массыыналар кэлиэхтээхтэр, олортор биирдэстэрэ биһиги управлениетыгар, бу кулун тутар ыйга кэлэрин кэтэһэбит, – диэн Муома оройуонугар филиаллаах Чурапчы улууһун бэтэринээринэй чинчийэр лабораториялаах бэтэринэриийэ управлениетын салайааччыта Лена Николаевна Архипова бырагырааманы 2024 сылга өйүүрүн биллэрэр.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна бэтэринэриийэ архыыбыттан туһанылынна