Чурапчыттан Кеха саллаат, Тааттаттан суруйбут кырачаан доҕорун көрүстэ

Бүгүн Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ, Анемподист Софронов-Алампа аатынан орто оскуолаҕа 5 кылааска үөрэнэ киириэхтээх Костя Собакин олоҕор биир умнуллубат түгэн буолан ааста.

 Бүгүн киниэхэ, Чурапчы улууһуттан Кеха диэн позывнойдаах, Украинаҕа буола турар анал байыаннай эпэрээссийэттэн кылгас уоппускатыгар кэлэ сылдьар саллаат ыалдьыттаата.

Костя, саллаакка суругун, өссө бу кыһын, дьоно командировкаҕа сырыттахтарына эбэтигэр олорон эрэ суруйан ыыппыт. Төрөппүттэрэ, чуолаан сүрүн дьоруойбут Күн күбэй ийэтэ Евдокия Алексеева өйөбүлүнэн бүгүҥҥү көрсүһүүбүт буолла.

  • Анараа сулууспалыы сырыттахпытына, биир үтүө күн Сахабыт сириттэн гуманитарнай көмө кэлбитэ. Ону кытары сүүһүнэн оҕолор суруктара баар этэ, барыбытыгар түҥэппиттэрэ. Иллэҥ бириэмэ көһүннэ эрэ аралдьыйа таарыйа суруктарбытын ааҕабыт, ол онно оттон бэлиэтээн хаалбыт суругум бу Костя киэнэ этэ:

 

Дорогой солдат.

 Вернись домой

Будь здаровым,

Приди попедой

Будь счастливым

Если тебя ждет сын удачи

Не умри, если хочешь умереть, умри счастливо.

Выживи как герой.

Удачи к войне

Не дай убит себя.

 Собакин Костя.

 Сүрдээх бэһиэлэй ыччат үүнэн эрэр быһыылаах диэн санаа кылам гынан ааспыта, — диэн Кеха күлэ-үөрэ кэпсиир.

Кеха, кырачаан доҕорун кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһэллэрин туораттан истэбин. “Улааттахпына бизнесмен буолуохпун баҕарабын, дьиҥэр эрдэ хируруг буолаары гыммытым онтон кэлин санаам уларыйбыта. Бу саас дьоммун кытары Турцияҕа күүлэйдээн кэлбитин оттон бу соторутааҕыта эһэбэр тахсан оттостум,” – диэн Костя, бу саас көрсүбүппүтүнээҕэр бэрт чобуо саҥалаах-иҥэлээх, уҥуоҕунан даҕаны лаппа улааппыт уол көрүстэ.  “Костя, эн кытаатаҥҥын үөрэхтээх киһи буол уонна тыа сирин хара үлэтиттэн иҥнэн-толлон турбат”, — диэн Кеха бэрт кылгастык, өйдөнөр гына сүбэлээтэ.

Бу маннык оҕолор баар буоланнар биһиги буойуттарбыт санаалара күүстээх, бу маннык ыччаттар баар буоланнар биһиги дойдубут көмүскэллээх буолуоҕа.

 

 

 Сэмэн Жендринскэй