Чурапчыттан Гаврил Петров өрөспүүбүлүкэ бастыҥ сварщигынан ааттанна

Бу күннэргэ, СӨ олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэ 20 сыллаах үбүлүөйүгэр итиэннэ Үлэ сылыгар анаан “Идэтигэр бастыҥ” диэн сварщиктар икки ардыларыгар идэлээх маастарыстыба куонкуруһун түмүгэ таҕыста.

Куонкурус Дьокуускайдааҕы сыбааркалыыр киин кыттыгастаах, балаҕан ыйын 20-22 күннэригэр Максим Аммосов аатынан ХИФУ инфраструктурнай технологиятын кэллиэһигэр буолла. Манна уопсайа холбоон тэрилтэ оҥорон таһаарар филиалыттан 26 сварщик кытынна.

Бастакы түһүмэххэ, куонкуруска кыттааччылар, икки чаас устатыгар теория чааһыгар 40 ыйытыктаах тургутугу аастылар.

Быраакатыһа түһүмэҕэр, сварщиктар 4 чаас устата, араас матырыйаалтан уустук тутуллаах оҥоһуктары, чертеж көрдөрөр балаһыанньатынан ыйыллыбыт сирдэргэ сыбааркалаан көрдөрдүлэр. Манна сүрүннээх дуговой резка, барыллаан ититээһин итиэннэ ыйыллыбыт учаастакка эрдэ оҥоһуллубут сыыһалардаах сыбаарка суолун хаттаан көннөрүү курдук уустук сорудахтар бааллара.

“Сварщиктар ортолоругар идэлээх маастарыстыбаны көрдөрүү куонкуруһугар өрөспүүбүлүкэҕэ бу бастакытын маннык элбэх кыттааччыны хапта. Сыбаарка дьыалатын исписэлиистэрэ үчүгэй хаачыстыбалаах үлэлэри көрдөрдүлэр итиэннэ теорияҕа билиилэринэн барыбытын улаханнык сөхтөрдүлэр. Манна 26 сварщиктан сэттэ киһи квалификацияларын таһымын бигэргэтэннэр кинилэри салгыы бүтүн Арассыыйатааҕы реестерга киллэриэхпит”, — диэн СӨ олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев эттэ.

Биллэн туран маннык куонкурустар идэлээх дьоҥҥо улахан олугу уураллар: манна кэллиэгэлэри кытары ирэ-хоро кэпсэтии уонна биллэн туран уопут атастаһыыта.

Куонкурус түмүгэр, муҥутуур кыайыылааҕынан олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын Чурапчытааҕы филиалын электросварщига Гаврил Петров ааттанна. Кини кэнниттэн Мэҥэ Хаҥаластан Максим Федотов уонна Үөһээ Бүлүү улууһуттан Вячеслав Петров ааттаннылар. Кыайыылаахтар сыаналаах бириистэринэн, дипломунан уонна анал сэртипикээттэринэн наҕараадаланнылар.

 

Сэмэн Жендринскэй