Чурапчыттан Егор Винокуров хоһоонноро

ХАРА  АЛДАН  КИЭҺЭТЭ

Хара  Алдан  кэрэтэ –

Хайҕыыр  Алдан  эбэтэ.

Хайдах  эрэ  киэркэйэр,

Хаһан  эмэ  кэллэххэ.

Сааһыраммын  дойдубар

Санаам  тиийэн  эрдэҕэ.

Саргы  алгыс  ананар

Сиртэн  чулуу  бэйэҕэр.

Сааскы  салгын  ырааһа

Сөрүүн  сиккиэр  илгийэр.

Сиэдэрэйкээн  сыһыыга

Сибэккитин  арааһа.

Хайдах эрэ  санаабар

Хара  Алдан  көһүннэ.

Айгыр  силик  айылҕа

Абылаабыт  кэриэтэ.

Туруук  хайа  ыраахтан

Туналыйан  сырдаата.

Күн- дьыл  тугу  күүтэрин

Кэрээбэккэ  кэпсээтэ.

Хара  Алдан  киэһэтэ

Хайҕыы  ахтыам  мэлдьитин.

Хайдах  эрэ  киэркэйэр,

Хаһан  эмэ  кэллэххэ.

ТҮҮЛБЭР  КӨСТӨН  КЭЛЭҔИН

Эн  биһиги  сиэттиһэммит,

Эдэр  ыал  дэппэтибит,

Оҕолуу  ыраас  таптал  эбит,

Оччоттон  тэҥҥэ  кэлбит.

Мутугунан  быраҕар  олох,

Муҥура  биллибэт  олох.

Аттыбынан  ымыы  ырабыт

Аргыстаһан  сэргэ  хаампыт.

Тоҕо  эрэ, кырдьан  иһэн,

Түүлбэр  көстөн  кэлэҕин.

Таарыйбатах  эрээрибин

Тапталбытын  кэпсэтэбит.

Ахтар  айыы  тылларгын

Аны  өйбөр  хатыыбын.

Атын  сиргэ  барбыккын,

Ахтыбакка, баар  курдук.

АХТЫЛҔАН

Аналлааҕым  диир  этим,

Арыый  эдэр  эрдэхпинэ.

Аны  миэнэ  буолбатаххын,

Аттыбынан   ситэн  аастыҥ.

Уларыйбат  мөссүөнүҥ

Уруккуну  өйдөтүө.

Былыргыны  даҕаны

Бэлиэр  санаан  аҕынным.

Ханна  эрэ, чараҥҥа

Хатан  күлүүҥ  хааллаҕа.

Хатыламмат  кэрэҕин

Хайҕыы  туойан  эрэбин.

Хайдах  эрэ  санаабар

Ханыылаһан  хаамабыт.

Хаарыан  эдэр  сааспытын

Хоһуйабын   ырыабар.

КҮННЭР – СЫЛЛАР  ААҺАЛЛАР…

Хаһааҥы эрэ, өрдөөҕү

Хаартыскалары  көрөбүн.

Хатыламмат  көрдөөҕү

Хата буламмын  үөрэбин.

Бу субуотунньук кэмэ  эбит,

Бары оттук  маһы  эрбиибит.

Оҕо  барыта, учууталлар,

Оччотооҕу көх-нэм, мусталлар.

Күннэр- сыллар  ааһаллар,

Кырдьан – ахсаан иһэбит.

Кырдьык олох сокуона,

Кырдьыы  кырыыс  буоллаҕа.

Күн- түүн  аччаан, мөлтөөн,

Киһи  үйэтэ,  кэмэ кэлэр.

Хараастыма, хаһан эрэ,

Халдьаайыга  тиийиэхпит.

КУРУУК  КЭРЭҔИН…

Кэм- кэрдии ааһар.

Көрсүбэтэх  ыраатта.

Кэрэ  сэбэрэҥ

Көстөн- биллэн  эрдэҕэ,

Кэрэхсэнэр  элбэҕэ.

Кимтэн да ордук

Кыыс  аайыттан  ордоҕун.

Көрөөт,  үөрэбин,

Көмүс  тохтор  кэпсээҥҥин

Кэрэхсээммин истэбин.

Күндүтүк  ахтан,

Куруук  мэлдьи  саныыбын.

Кэрэ  эдэргин —

Килбик, нарын  бэйэҕин

Көрөн  ылар  эбиппин.

Кэрэмэс  көстүү

Көстүбэт  дии,  өрүү.

Кылаан  чыпчаалы,

Күлүмүрдүүр  чаҕылы,

Күндүтүнэн  ааҕабын.

Куруук  кэрэҕин…

Кэрэхсэнэриҥ  элбэх.

Күүтэр  курдукпун:

Кэтэһиилээх  киэһэни,

Күлэн- үөрэн  киирэргин.