Чурапчыттан Дьулустаан Калачев – “Бүлүү хапсаҕайын” муҥутуур кыайыылааҕа!!!

85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа тустар Чурапчылар бэйэлэрин төрүт уоллара, бүгүн, дойдутун төрөөбүт күнүгэр улахан бэлэҕи оҥордо. Кырылас кумахтаах Бүлүү биэрэгэр ыытыллыбыт “Бүлүү хапсаҕайа” өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан түһүлгэҕэ муҥутуур кыайыылаах буолла!

Быйылгы “Бүлүү хапсаҕайа” балаҕан ыйын 6-8 күннэригэр оруобуна кырдьаҕас куорат 390 сыллаах үбүлүөйүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытылынна. Манна сүрүннээн хамаанданан күрэх ыытылынна: 62 киилэҕэ Дархан Игнатьев, 85 киилэҕэ Дьулустаан Калачев, 95 киилэҕэ Никита Софронеев, уолаттарга 56 киилэҕэ Валерий Корякин, бэрэстэбиитэлинэн Анатолий Сивцев – бары төрүт Чурапчы уолаттара кытыннылар. Түмүккэ  — Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улууһун кэнниттэн бочуоттаах үһүс миэстэҕэ тигистилэр!

Оттон муҥутуур кыайыылааҕы быһаарсар күөн күрэххэ – биһиги, Чурапчыбыт уола, хапсаҕайдаһан тустууга СӨ успуордун маастара Дьулустаан Калачев өрөспүүбүлүкэ ааттаахтарын бүдүрүтэн кылбар кыайыыны ситистэ! Инньэ гынан Дьулустаан – Чурапчы улууһа түһүлгэлээҕин, Чурапчыга хапсаҕай баарын биллэрдэ диэхпитин сөп.

 

Сэмэн Жендринскэй